Адам Скрябин. Эргиллии. «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», «Кэҕэ», «Оҕо, оҕо эрдэххэ» диэн “норуот ырыата” диэн ааттанар, уостан түспэккэ ылланар, саха эрэ нохтолоох сүрэҕин долгутар ырыалар матыыптарын айбыт, саха бастакы национальнай хуорун тэрийбит, 1945 сыллаахха Москваҕа Кыайыы параадыгар ньиргийбит «Кыайыы маршын» дьиҥнээх ааптара ким буоларын билэбит дуо? Ол – саха саарына, чаҕылхай мусукаан, бастакы мэлэдьиис Адам Васильевич Скрябин» диэн суруйбут «Кыым» хаһыат анал кэрэспэдьиэнэ Нина Герасимова, хаһыат быйылгы олунньу 22 күнүнээҕи таһаарыытыгар. Нина Герасимова «Умнууга хаалбыт улуу үтүөлээх киһи» диэн этэ дуу «Кыым» хаһыакка соһутар сонуннаах ыстатыйаны суруйбутун өйдүүбүн. Нинаны улуу үтүөлээх экэнэмиис А.Д. Борисовка куортамнаан олорор кыбартыыратыгар сирдээн илдьэн турардаахпын. Сергей диэн сиэнинээн, кийиитинээн Лидиялыын уонна хос сиэнинээн олороллор этэ. Оҕонньор додо курдук кэпсэппитэ, хаҥаластардыы аһаҕас кэпсэтии буолбутун өйдүүбүн. Сорох дьон итэҕэйбэттэр, сымыйарҕыыллар – боростуой экэнэмиис кыайбат дьыалата этэ, дэһэллэр…
Олохтоох дьоҥҥо оройуоннааҕы надбавка (северные льготы диэни) төлөөһүнү обком бастакы сэкиритээрэ С.З. Борисов, саха норуотугар номох буолбут, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин түөрт төгүллээх народнай дьокутаата, ГУЛАГ лааҕырдарын суостаах-суодаллаах генералларыныын тэҥҥэ аахсыбыт, уордьаннаах бойобуой эпписиэр Р.И. Брызгалов-Абытай Арамаан бу дьыаланы туруорсаллар этэ диэни ылынабын. Үлэлэрэ, дуоһунастара, үрдүк сололоро ирдиир, эбээһинэстиир буоллаҕа диибин. Үөрэхтээх киһи үөрэхтээх курдук А.Д. Борисов сэттэ сыллаах сындалҕаннаах суруйсуутун сыа-сым курдук тутан-харайан сылдьарынНинаҕа көрдөрбүтэ, аахтарбыта… Икки өттүттэн, били ытыран баран ыыппат диэбит курдук, хоччоххой соҕус суруйсуулар баалларын уу харахпынан көрөн аахпытым. Соһутар сонуннаах ыстатыйа кэнниттэн, оҕонньорго Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн улууспут муҥутуур үрдүк ытык аатын иҥэрбиттэрэ.
Экэнэмиис Борисов үтүө аатын, улуу үтүөтүн иккистээн тилиннэрбит киһинэн I-Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Васильева Айталина Ивановна буолар. Кини быһа дьаһалынан, орооһуутунан экэнэмиис Борисов туһунан үтүөкэннээх ахтыы кинигэтэ тахсан турар.
Кырдьыгы этэри сөбүлээбэттэр эрээри, этэрбэр тиийэбин. Улуу үтүөлээх кырдьаҕаһы, тиһэх суолугар атаарыыга тойон-хотун суоҕа, чугас ыаллара-аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ уонна саха общественнай киинтэн И.И. Шамаев уонна мин баар этибит. Нэһилиэктэн Алексеева Вера Ивановна бэтэрээннэр сэбиэттэриттэн баара, кини дьаһайан оҕонньору тиһэх суолугар атаарбыппыт.
Биллиилээх суруналыыс Н. Герасимова биһиэхэ, хаҥаластарга, иккис үтүөтүнэн саха бастакы мелодиһын, хуор тэрийээччитин А.В. Скрябин туһунан «Кыым»хаһыакка киэҥ ис хоһоонноох, элбэх хаартыскалардаах суруйуута буолла диэн этэрбит сөп. Саха биир биллиилээх бэлиэ киһитэ, мусуканан үлүһүйэн дьарыктанарын, төрөппүт ийэтэ төрүт сөбүлээбэтэ үһү – «мусуканан айаххын ииттиэҥ суоҕа” диэн Адам уол мусукалыыр инструменнарын тоҕута сынньан уокка быраҕар эбит. Ону ол диэбэккэ Адам муусукатын бырахпатах, С.А. Новгородов уонна А.И. Софронов салайар «Саха аймах» уопсастыбаҕа киирэн, дьарыктанан саха бастакы хуорун тэрийбит. 1917 сылга «Саха аймах» түмсүү Саҥа дьылы көрсөр киэһэҕэ Адам Скрябин Анемподист Софронов тылларыгар суруйбут «Саргылардаах сахабыт» ырыатын толорбута. Бу устуоруйа түгэнэ – саха бастакы хуора, сахалыы ырыаны бастаан доллоһута ыллаабыт бэлиэ күнэ этэ.
1973 сыллар диэки А.В. Скрябины норуот өстөөҕөр киллэрэр кэмнэригэр, Галина Кривошапко диэн искусство диэйэтэлэ куттаммакка-чаҕыйбакка Адам Скрябины сахаттан аан бастакы мэлэдьиис, мусукаан, хуору тэрийээччи, 1925 с. Москваҕа тиийэн 36 саха ырыатын нуотаҕа түһэттэрэн, бэйэтэ ыллаан биэрбит улуу үтүөлээх киһи диэн дьоҕус кинигэни таһааттарбыта биллэр. Дьэ, ол кэннэ, Адам Скрябин аата ааттанар буолан барбыта…
Суруналыыс Н. Герасимова бастакы мусукаан А. Скрябин туһунан элбэҕи суруйбутуттан биири ойуччу тутан бэлиэтиибин — А.В. Скрябин 1936 с. олунньутугар хаайыллыбыт уонна Магадааҥҥа үс сыллаах болдьоҕун боруостаан 1939 сыл сэтинньитигэр босхолонон көҥүлгэ тахсыбыт… уонна дьиэтигэр эргиллэн кэлбэккэ сураҕа суох сүппүт эбит. 1989 сыл тохсунньутугар А.В. Скрябин реабилитацияламмыт. Аны туран Адам Скрябин Москваҕа төрөөбүт Мария Петровна диэн иккис кэргэннээх эбит, бу иккис кэргэнэ Адам Скрябин хайдах тутан хаайбыттарын туһунан ахтыы суруйан хаалларбыт. Ол ахтыы сотору кэминэн тахсыахтаах диир эбиттэр билэр дьоннор.
Хаҥаластар устуоруйабытыгар биллибэккэ-суруллубакка сылдьар, үрүҥ илииспитигэр дьиҥ-чахчыны суруйар суруналыыс Нина Герасимоваҕа барҕа махтал тылларын этэрбит сөбө бороҕон буолуо этэ диибин.
Ермолай Скрябин.