Алексей Латышев: «Кытыл Дьураҕа хочуолунай тутулларынан үлэбит эбиллээри турар»

Тыа сирин энергетиктэригэр кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр. Билигин дизельнай ыстаансыйалардаах соҕурууҥҥу нэһилиэктэргэ уматыгы, чоҕу, сайыҥҥы өрөмүөн үлэтигэр матырыйаалы суолу баттаһа таһыыга үлэ бара турар. Балаһыанньа хайдаҕын «Сахаэнерго» АО Хаҥаластааҕы салаатын Кытыл Дьуратааҕы учаастагын салайааччытыттан Алексей Латышевтан билиһиннэрэ түһэригэр көрдөстүм:

Быйыл күһүн Кытыл Дьура сэлиэнньэтин сылааһынан хааччыйар саҥа улахан кыамталаах хочуолунай өрөспүүбүлүкэ инвестбырагырааматынан үлэҕэ киириэхтээх. Ити эбийиэк киириитигэр биһиги эмиэ кыттыһабыт. Саҥа трансформатордары үлэлэтиэхпит, уот-күөс тардыллыаҕа. Тэрилтэбитигэр уматык ыскылаата кэҥэтиллэр, тротуарнай билиитэлэри тэлгэтиэхпит. Эрдэттэн ыстаансыйабытыгар саҥа тэриллэр, автоматика киирбитэ, сэлиэнньэҕэ 17,2 килэмиэтэрэлээх уот ситимин боробулуохата СИП-кэ уларытыы үлэтэ барбыта саҥа хочуолунай үлэлииригэр көмө буолар. Дэриэбинэбит уустук соҕус сирдээх, дьон хайа үрдүгэр кытары дьиэ-уот туттан олороллор, үрэхпит-сыырбыт үгүс буолан тыраассаны тардыы ыарахаттардаах, эбии носуостары туруоруу үлэтэ барыаҕа. Онон эппиэтинэс улахан. Уоту биэрии чуолкай буолара ирдэнэр. Дойдубут салайааччыта Владимир Путин Туһаайыы этиитигэр олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэҕэ 4,5 миллиард харчы көрүллэр буолбута олус үчүгэй. Тыа сирин дьоно абыраныа этэ, — диэтэ Алексей Латышев.

Людмила Мордовская.