«Идиэйэттэн — наукаҕа, наукаттан — кэскилгэ»

Хаҥаласка үөрэҕирии  сайдыытыгар IV- Конгресска кытта кэлбит улуус оскуолаларын, уһуйааннарын педагогтарын, общественность бэрэстэбиитэллэрин маннык ааттаах  үөрэтии технологияларыгар дьикти быыстапка «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр тэрилиннэ.  «Хаҥалас» эбии үөрэхтээһин киинэ, Покровскайдааҕы коллежд, Өктөмнөөҕү үөрэх научнай киинэ о.д.а.  бу күн оҕолор настаабынньыктарын  көмөтүнэн, сүбэтинэн-аматынан  айбыт, оҥорбут үлэлэрин бары астына, сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Саала хабыллар хаба ортотугар Ой орто оскуолатыттан Прокопий Ноговицын салайар үөрэнээччилэр «Эллэйээдэ» научнай экспедицияларын булумньулара  сөхтөрдүлэр. Уолаттар  артефактарын аттыгар кэрэхсээн тохтообут дьоҥҥо бу туох ханнык түҥ былыргы кыыллар уҥуохтара буолалларын тоҕо-хоро кэпсиир  чинчийээччилэр буоллулар. Аттыларыгар кырачаан Проня Ноговицын да хаалсыбакка араас кыыллар, ол иһигэр мамоннар,  носорогтар  түүлэрин,   араас дьикти таастартан саҕалаан  тимир боруодаларын илиитигэр мээчиктии оонньуу туран   бэркэ билэр  киһилии кэпсии тоһуйда. Баай булумньулардаах уруккуттан илдьэ сылдьар чымадааннара, былыргы араас сүгэлэрин коллекцията  дьон болҕомтотун тарта. Ой оскуолата бу күн өссө ыра санаа оҥостон эрэ «Күөх Кытыл» оскуола ааттынааҕы   пааркатын бырайыагын билиһиннэрдэ.

Салгыы хааман истэххэ, дьикти эбиллэн истэ. «Айтыын» диэн аныгылыы  ааттаммыт Покровскайдааҕы колледж устудьуоннара  сонун  компьютерынан оҥорон таһаарбыт бырайыактарын быһааран биэрэ турдулар, ол иһигэр туристарга көмөҕө сыһыарыыларын. Тэйиччи соҕус  быысапкалыыр массыына компьютерга оҥоһуллубут бырагырааманан бэйэтэ  кэрэ ойууну сабынан тиһэ турарын Анисия Гаврильева үөрэ-көтө билиһиннэрдэ.  Хаҥалас эбии үөрэхтээһин киинин оҕолоро да айбыттара, көрдөрөллөрөүгүс буолла. Оннооҕор маастар-кылаастары  хоруомканан архаичнай ытарҕалары оҥорууга тэрийээччи буоллулар.

Покровскай 3№-дээх оскуолатыгар медицинскэй хайысхалаах кылаастар арыллыбыттарын истибиппит буоллаҕа. Онно үөрэнэр оҕолорбут хайыы-үйэ  кыһалҕаҕа киирбит дьоҥҥо бастакы көмөнү оҥорор дьон буолтарын көрөн астынным.  Сүрэҕэ тохтообут киһиэхэ тыын киилэрэри көрдөрөн үлэ бөҕөҕө түспүттэрин көрдүм. Өссө миигин ыҥыран ылан оҕо эҥин туохха эмэ хардаҕына хайдах дьаһанан, тугу гынан тута көмөлөһөрү муляжтарынан көрдөрөн  туһалаах сүбэни биэрдилэр, махтана хааллым. Кимиэхэ эрэ хаанын баттааһынын бэрэбиэркэлээтилэр, солото суох бардылар. Эчи элэккэйдэрин, нууччалыы-сахалыы саҥаран-иҥэрэн киһи эрэнэр дьоно буолбуттар.

Өрүү маннык быыстапкаларга биир бастакынан кыттар Өктөмнөөҥү үөрэх-научнай киинин үөрэнээччилэрэ  саҥа технологиялары туһанан оҥорбут араас оҥоһуктарын астына, киэн тутта көрдөрдүлэр. Улахан-ааннар да хаалсыбатылар, агро-оскуолаларын бородууксуйатын — барыанньатыттан оҕуруокка туттуллар байытыллыбыт буоругар, күөх үүнээйитигэр  тиийэ дэлэйдик тарданкэбистилэр. Онтон Өктөм оскуолатын бизнес-инкубаторын үлэтэ эмиэ сонун буолла. Уһуйааннар да хаалсыбатылар —көрдөрөллөрө баар буолла. Уопсайынан, бу быыстапкаттан киһи туһанара, көрөрө олус элбэх эбит. Оҕолорбут туһалааҕынан дьарыктаналларын, үлэ үөрүйэхтэрин кыра эрдэхтэн иҥэринэллэрин, ону таһынан саҥа технологиялары баһылаан  сайдалларын көрө астынным.


Михаил Николаевпыт көҕүлээб
ит «Бары уруһуйдуубут» бырайыак үлэлиир

Биир композиционнай болотунаны тута  уруһуйдаан оҥоруу бу сарсыарда дьону түмтэ. Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр  оскуолатын  дириэктэрэ Александр Харитоновы көрсөн үлэлэрин билиһиннэрэригэр көрдөстүм, ким  бу уопсай уруһуйунан хартыынаны толкуйдаабытын туоһуластым:

Дьиҥинэн, маны мин толкуйдаабытым. Бу уруһуй ис  хоһооно олус киэҥ. Биир хартыынанан биһиги  Саха сиригэр төрүт омук буоларбытын, кини  сайдыытыгар чулуу өбүгэлэрбит  модун кылааттарын,   ыра санааларын тириэрдии, планетарнай таһымнаах мындыр  толкуйдаах ытык биир дойдулаахпыт Михаил Ефимович Николаев  бүгүҥҥү өрөспүүбүлүкэбит саҥалыы дьаһанан олоруутугар  сүдү оруолун көрдөрүү буолар. Уруһуй контурун оҥорон аҕалбыппытын болотунаҕа  ким баҕалаах акриловай кыраасканан уруһуйтан көрөн  киистэнэн ойуулуур, түмүккэ хартыына тахсан кэлэр, барыбыт баҕа санаатын хоһуйбут уопсай үлэбит. Хартыынабытын Хаҥаластааҕы үөрэҕирии түмэлигэр ситэрэн баран бэлэхтиэхтээхпит, — диэтэ Александр Васильевич.

Быыстапка кэмигэр бииртэн биир киһи киистэ тутан бэйэтин  суолун кыраасканан хаалларда. Конгресс пленарнай мунньаҕар киирэн тахсыбыппыт хартыына бэлэм кэриэтэ  оҥоһуллан турара үөртэ…

Людмила Аммосова.