«Алексей Широких саха  норуотун интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ»

Маннык ааттаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ Хаҥалас Төхтүргэр буолан ааста. Тэрээһин биллиилээх общественнай-политическай диэйэтэл, Саха  Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа  атаҕар туруутугар сүдү кылааты киллэрбит биир дойдулаахпыт Алексей Широких төрөөбүтэ 140 сылын бэлиэтээһин тэрээһиннэрин чэрчитинэн  ыытылынна.  Тэрийээччилэринэн Хаҥалас  оройуонун  дьокутааттарын  Сэбиэтэ, улуус дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, Төхтүр нэһилиэгин дьаһалтата, Хаҥаластааҕы Г.В.Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл, Хаҥаластааҕы кииннэмиит бибилэтиэкэ ситимэ буоллулар.

Мустубут дьону  төхтүрдэр  сахалыы үҥкүүнэн уруйдуу көрүстүлэр. Нэһилиэк баһылыга Ньургун  Багдарыын уола Кэскил, Оройуон сэбиэтин  салайааччыта Анатолий Антонов,  култуура управлениетыттан начаалынньык Фекла Варламова, «Эдэр көлүөнэлэргэ тус сыаллаах фонда»  тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Владимир Егоров, А.Д. Широких сиэнэ Амма 2 №-дээх оскуолатын  учуутала  Алена Доброскокина чугас дьонунаан кэлэн эҕэрдэлэринэн саҕаланна.

Кэмпириэнсийэҕа Россия  юристарын Ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын профессора, РФ уонна СӨ үтүөлээх  юриһа, юридическай наука дуоктара Александр Ким-Кимэн  «Алексей Широких Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын сайдыытыгар уонна аныгы  быраап систиэмэтэ» диэн дакылааты оҥордо. Салгыы үлэ  икки секцияларынан барда.

Алексей Широких  общественнай-политическай үлэтин үөрэтии, олоҕун суолун   чинчийиигэ 15  дакылааты иһиттибит. Секциялары   общественниктар Николай Макаров уонна Николай Барамыгын салайан үлэлэттилэр. Экспердэринэн историяны, кыраайы үөрэтээччилэр үлэлээтилэр. Улахан дьон, оскуола оҕолоро даҕаны  тиэмэлэрин бэркэ арыйдылар. Хас биирдии  үлэҕэ туох эрэ киһини кэрэхсэтэр, толкуйдатар баар буолла.

Бибилэтиэкэҕэ үлэлээбит  секцияҕа

Мин бастаан  Николай Макаров салайар секциятыгар сырыттым. Бастакынан экспертэр иннилэригэр П.И.Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатын  10-с кылааһын үөрэнээччитэ  Никита Васильев эрэллээхтик туттан-хаптан таҕыста уонна төрөөбүт түөлбэтин топонимикатыттан билиһиннэрдэ. Уолчаан нэһилиэгин сириттэн 101 топонимы  үөрэппитин, араас   ааттар суолталарын ырытта, кырдьаҕастары, тыл үөрэхтээхтэрин о.д.а. кытары көрсөн, туһааннаах литератураны хасыһан элбэҕи билбитин тириэртэ. Никита маннык кэмпириэнсийэлэргэ кытта үөрүйэҕэ көһүннэ, олус холкутук тиэмэтин арыйда уонна экспертэр ыйытыыларыгар толору хоруйдаата. Иккиһинэн Покровскай 3 №-дээх оскуолатыттан эмиэ 10-с кылааска үөрэнэр Анна Алексеева Маһары Баһыакап Саха сирин историятыгар кылаатын туһунан кэпсээтэ. Кыыс эмиэ бэйэтигэр эрэллээҕэ, тиэмэтин бэркэ диэн билэрэ, өссө оскуолатын оҕолоругар сырдатара көһүннэ.

СӨ үтүөлээх учуутала Сина Лиханова Төхтүртэн Хахсык нэһилиэгин  сирдэрин ааттарыгар үлэлээх кэллэ. Биллэн турар, олоҕун кыраайы үөрэтиигэ анаабыт үөрэҕирии бэтэрээнэ  дьонугар-сэргэтигэр тириэрдэрэ үгүс. Өктөм сирдэрин ааттарыгар, ол иһигэр Хахсык диэҥҥэ, кини хас да варианы ылан үөрэппитин, кырдьаҕастартан, үһүйээннэртэн  чинчийэн  билбитин   кэпсээн сэргэхситтэ. Өссө  да кэпсии туруох эбит даҕаны (Алексей Широкихтаах олорбут сирдэрин ааттарыгар, Куллатыга о.д.а. сыһыаннаах), бэриллэр бириэмэ истэргэ ыгым буолла.  Кырдьык даҕаны, хас биирдии сир аата ураты историялаах буоллаҕа, онно олохтоох дьон ытыктабыллаах сыһыаннаах буоларбыт ирдэнэр.

Төхтүртэн 7-с кылаас үөрэнээччитэ Айаал Корякин сонун тиэмэни хостоон таһаарда, үөрэҕирии сайдыытыгар улахан кылааттаах биир дойдулааҕа   Михаил Шадрин, онон  сиэттэрэн өссө биир чулуу киһилэрин Иван Шадрин туһунан. Экспертэр бэргэ сэргээтилэр, аны оскуоланы бүтэриэххэ диэри бу дьону биирдиилээн чинчийэн үлэҕин ситэр диэн сүбэлээтилэр.

Эбиэт кэнниттэн КСК-ҕа кэлэн бастакы бөлөҕү кытары үлэлээтибит.  Төхтүртэн Айгына Колесова, Өктөмтөн Петр Павлов, Покровскайтан Людмила Колесова, үлэлиирин билиһиннэрдилэр.  Митрофан Ефремов Хаҥалас кулубаларын туһунан олус киэн кэпсээннээх буолла, улахан сэҥээриини ылла.

Иккис бөлөххө

Манна биир бастакынан  Оройуон сэбиэтин дьокутаата Борис Протодьяконов  Алексей Широких Саха сиригэр бэйэни салайыныыга  кылаатын туһунан үлэтин   билиһиннэрдэ. Амматтан Л.В.Киренскэй аатынан лицей тохсус кылааһын   үөрэнээччитэ Евгений Шестаков дойдутугар тематическай  көрсүһүүлэртэн  кэпсээтэ,  Алексей Широких дьонун-сэргэтин туһунан сырдаппыта эмиэ сонун этэ.

Биһиги общественнай кэрэспэдьиэммит Ермолай Скрябин үгэһинэн  этэрдээх-тыынардаах буолла (уһун дакылаатын хаһыаппытыгар  таһаара сатыахпыт). Төрүччү оҥоруутунан хас да сыл умсугуйан үлэлиир Төхтүр кыраайы үөрэтээччитэ Николай Ильин Алексей Широких төрдүн-ууһун чинчийбитин ууран биэрдэ. Олус сыаналаах матырыйаалы дьаныһан туран хомуйбута тута көһүннэ. Төхтүртэн история учуутала Родион Захаров, Покровскайтан кыраайы үөрэтэр түмэлтэн Лена Филиппова  А.Д.Широких аатын үйэтитиигэ үлэ туһунан  сырдататтылар. Дьэ ити курдук бары үлэлэр  историябытын  байыттылар. Киһи кими эрэ чорбото тутара уустуктардаах да буолан ылла. Кэрэхсиэх иһин   ким даҕаны ханна даҕаны ыксаабакка бэрт сэргэхтик ытык киһибит аатын үйэтитиигэ үлэ сыалын-соругун өрө тутан  бу күнү атаардыбыт.

Кыайыылаахтар ааттара ааттанна

Ол курдук, бастакы миэстэни кыраайы үөрэтээччилэр Николай Ильин, Сина  Лиханова, иккиһи — Митрофан Ефремов, Радислав Анисимов, үсүһү — Родион   Захаров, оскуола үөрэнээччитэ Анна Алексеева ылан туһааннаах  дипломнарынан наҕараадаланнылар, бириистэри туттулар. Кэмпириэнсийэ экспертэрэ  чаҕылхай  үлэлээхтэри анал ааттарынан бэлиэтээтилэр. Ол курдук, «Хаҥалас историятын   билээччилэринэн»   Борис Протодьяконов, Елена Скрябина, «Кэскиллээх кыраайы үөрэтээччи» —  Айаал Корякин, Айгылаана Колесова, Евгений Шестаков, «Чинчийээччи-краевед»- Людмила Колесова, «Саха сирин историятын билээччи» — Ермолай Скрябин,  Петр  Павлов ааттаннылар. Кэмпириэнсийэни тэрийэн ыытааччылар бары кыттааччыларга махтаннылар, хас биирдии үлэҕэ Алексей Широкихха сыһыаннаах баар буолан үөрүүнү аҕалла.

Онтон  экспертэр  дакылааттаах кэлбит  чинчийээччилэргэ ылсыбыт тиэмэлэринэн салгыы үлэлииллэригэр, инникитин туохха өссө болҕомтолорун  туһаайалларыгар истиҥ баҕа санааларын тириэртилэр, оҕолортон сөхтүлэр — холкутук санааларын аһаҕастык тириэрдэллэриттэн, элбэх литератураны хасыһан, кырдьаҕастары кытары көрсүһэн учууталларын, төрөппүттэрин  көмөтүнэн  үчүгэйдик үлэлээбиттэрин. Бу кэмпириэнсийэ үлэтигэр Амматтан   Алексей Дмитриевич Широких хос сиэнэ,  учуутал Алена   Доброскокина  уолунаан Евгенийдыын, аймаҕынаан Сардаана Захаровалыын кэлэн  кытыннылар.

Широких хос сиэнэ кэпсиир…

Түгэн булан эксперинэн үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна Алена Валерьевнаны кытары кэпсэттим, бу тэрээһинтэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм:

— Мин Амма  сэлиэнньэтин В.В Расторгуев аатынан  2 №-дээх орто оскуолатыгар үлэлиибин. Эбээм Саха АССР үтүөлээх  учуутала Мария  Алексеевна  Широких этэ (68 сыл пед-ыстаастааҕа). Широких-Неустроевтар педагогическай династияларын бэрэстэбиитэлэбин, биэс кэлүөнэ дьоммут учууталлыылар, уопсай педагогическай ыстааспыт 443 сыл буолла. Оскуолабытыгар эбээбит туһунан 2011 сылга  анал  экспозициялаах хос  оҥоһуллубута. Бу кэмпириэнсиэйэҕэ кини тус малларыттан аҕала кэллибит. Түмэлгэ элбэх матырыйаал  Алексей Дмитриевич  улахан кыыһыгар Нина Алексеевнаҕа ананан турар. Кини кыыһа Изабелла Васильевна Гагарина, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, бу оскуолаҕа 39 сыл устата нуучча тылын уонна литературатын учууталынан  үлэлээбитэ.  Кыыһа  Стручкова Надежда Спартаковна, сиэннэрэ  Оксана Дмитриевна, Андрей Дмитриевич Емельяновтар  эбээлэрин  уонна ийэлэрин    ахтыыларын түмэн үйэтитэргэ үлэлии сылдьаллар. Бу бүгүн  хос эһээбит аах Широкихтар төрөөбүт дойдуларыгар  маннык улахан тэрээһин ыытыллыбытыттан астынныбыт. Олохтоохтор маладьыастар, тэрээһини эрчимнээх кэнсиэр нүөмэрдэринэн саҕалаабыттара үлэлииргэ  олук уурда. Чинчийэр үлэлэр дириҥ ис хоһоонноохтор, төрдүлэрбит туһунан олус элбэҕи биллибит. Биһиги Евгенийбыт  хос-хос эһээтигэр  экспозиция туһунан  иһитиннэрии оҥорон кытынна, бу үлэтэ лицейгэ А.Д.Широких төрөөбүтэ 140 сылынан тэрээһин тематическай быыстапкатыгар киллэриллиэҕэ. Түгэнинэн туһанан, биһиги ытык киһибит аатын үйэтитиигэ кыттыбыт  биир дойдулаахтарбытыгар  барҕа махталбытын тириэрдэбит,-  диэтэ бэрт сэргэх Алексей Широких хос сиэнэ.

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн резолюция ылылынна

Инникитин  биллиилээх судаарыстыбаннай  диэйэтэл А.Д.Широких   олоҕун уонна үлэтин салгыы чинчийиигэ уонна кини аатын үйэтитиигэ  үлэни сүрүннүүргэ сэттэ пууннаах  үлэҕэ резолюция ылылынна.   Ол курдук, «Хаҥалас улууһа» МО, Улуус дьокутааттарын оройуоннааҕы Сэбиэтигэр  биир дойдулаахпыт А.Д.Широких үтүө аатын үйэтитиигэ СӨ Баһылыгар уонна Бырабыыталыстыбатыгар, СӨ Судаарыстыбаннай  Мунньаҕа (Ил Түмэн) олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар кылааттарын  иһин  улахан өҥөлөөх дьоҥҥо А.Д.Широких аатынан түөскэ иилиллэр бэлиэни олохтуурга этии киллэрэллэригэр,  Алексей Широких бюһун уонна барельебын бэлэмнээһиҥҥэ уонна  дьүүллэһиини тэрийэн бигэргэтэн туруорууга куонкурус ыытан  Төхтүр нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын,  Төхтүр орто оскуолатын кытары сөбүлэһиннэрэргэ, Хаҥалас оройуонун дьокутааттарын  Сэбиэтигэр  Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар куорат биир уулуссатыгар  А.Д.Широких аатын иҥэрэри туруорсан ситиһэригэр, Хаҥаластааҕы үөрэх управлениетыгар эдэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуну  таптыырга  оҕолор саастарын учуоттаан историко-краеведческай  хайысхаларынан үлэни ыытарга, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетыгар СӨ Национальнай архыыба  «Алексей Дмитриевич  Широких: жизнь и  деятельность»  диэн серианан таһаарбыт  кинигэтин эбиилэри киллэрэн баран  хаттаан бэчээттэтэргэ, онтон Хаҥаластааҕы бибилэтиэкэ ситимигэр  бу «Алексей Дмитриевич Широких — ярчайщий представитель якутской национальной интеллигенции»  кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын дакылааттарынан хомуурунньугу бэлэмнээн таһаарарга соруктаатылар.

Санатан этэр буоллахха…

Бастакы А.Д. Широкихха аналлаах НПК 2012 с. Төхтүргэ ыытыллыбыта. 2014 с. Г.В.Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл «Алексей Дмитриевич Широких» диэн кинигэни таһаарбыта, 2014 с. Покровскайга А.Д.Широких төрөөбүтэ 130 сылынан НПК  буолан ааспыта, 2019 с. Төхтүр орто оскуолатыгар   Хаҥалас улууһун баһылыга Г.Ю. Алексеев илии баттааһыннаах дьаһала тахсан  Төхтүр орто оскуолатыгар А.Д. Широких аата иҥэриллибитэ. Бу сыл  Амма улууһун  Амма с. СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна,  краевед-учуутал Мария Алексеевна Широких «Учитель именем твоим…» диэн НПК, муус устар 9 күнүгэр Дьокуускай к., А.Д. Широких төрөөбүтэ  135 сылынан  төгүрүк  остуол, ыам ыйын 16-гар Төхтүргэ «Хахсык ааҕыылара» ирдиир-чинчийэр практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыбыттара, бу сыл сайыныгар Төхтүргэ   улахан ыһыах ыһыллыбыта. Бэс ыйыгар Алексей Дмитриевич хаан аймах ыччаттар  кэлэн  төрдүлэрэ олорбут сирдэрин-уоттарын көрбүттэрэ, төгүрүк остуол тэрийэн  салгыы бииргэ үлэлиири торумнаабыттара.

2020 с. Төхтүр нэһилиэгин дьаһалтата «Широких Алексей Дмитриевич» диэн хомуурунньугу бэлэмнэээн таһаарбыта. 2022 сыл.  ахсынньы 20 күнүгэр аны Дьокуускай к. «Алексей Дмитриевич Широких. Жизнь и деятельность» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ общественность кыттыылаах тэриллибитэ. Итини сэргэ Панкратий Петров Широкихтарга албома тахсыаҕа, А.Д. Широких Залогка дьиэтин өрөмүөннүүрү туруорсарга уонна Ил Түмэҥҥэ депутаттарын кытары сирдэр ааттарын сахалыы суруйарга үлэни былаанныырга этилиннэ.

А.Д.Широких диэн ким этэй?

Алексей Дмитриевич Широких 1884 с. олунньу 18 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас орто сэниэ ыалыгар төрөөбүтэ.1895-1902 сс. Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэммитэ. 1902-1906 сс. Арҕаа Хаҥаластааҕы училище учууталынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1917 с. — Саха уокуругун Временнай бырабыыталыстыбатын хамыһаара,  Национальнай кэмитиэт (манна В.В.Никифоров, Г.В.Ксенофонтов, Р.И.Оросин, К.О.Гаврильев о.д.а. бааллара) чилиэнэ, 1917-1919 сс. — Арҕаа Хаҥаластан Саха уеһынааҕы земствотын  салайааччыта, 1917 с. тохсунньу 19 күнүгэр кини Бырааба бэрэссэдээтэлинэн талыллар. Салгыы 1920 с. бэс ыйын 23 күнүгэр Дьокуускайдааҕы революционнай кэмитиэт юстиция салаатыгар сулууспаҕа киирэр, 1922 с. от ыйын 21 күнүгэр Саха АССР  юстиция наркомун солбуйааччытынан ананар. 1923 с.  Саха сиринээҕи бастакы учредительнай сийиэһинэн ЯЦИК чилиэнинэн уонна  бэрэссэдээтэлин солб. талыллар (П.А.Ойуунускай солб.). Онтон ЯЦИК  II,III, IV, уонна  V-с  (1924-1927 сс.) чилиэннэринэн талылла сылдьыбата. 1923 -1924 сс. кулун тутар 17 күнүгэр дылы Саха АССР юстицияҕа накормунан, онтон Үрдүкү суут бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитэ. Бу сыл ахсынньытыгар ССРС ЦИК  Национальностар Сэбиэттэригэр мэктиэлэммитэ. 1925 с. Москваҕа  XII-с Бүтүн Россиятааҕы Сэбиэттэр сийиэстэригэр делегатынан талыллан кыттыбыта. 1926-1927 сс. Саха АССР  сир наркомунан үлэлээбитэ, 1932 с. олохтон барбыта. Көрөргүт курдук, кини СӨ  судаарыстабаннаһа атаҕар туруутугар сүдү үлэни оҥорбут, суут систиэмэтин уларыта тутууга саха чулуу уолаттарын П.А.Ойуунускайы, М.К.Аммосовы, Г.В.Ксенофонтовы, В.В.Никифоровы о.д.а. кытары бииргэ үлэлээбит, кинилэргэ сүбэһит-амаһыт  аҕа табаарыстара этэ. Кини Сахабыт сирэ  автономия ыларыгар, РСФСР бастакы Төрүт сокуонун ылыныытыгар быһаччы үлэлэспит, оҥкул уурсубут сүдү киһи буолар.

Людмила Аммосова.