Кулун тутар 30 күнүгэр А.С.Данилова аатынан “Барҕарыы” култуура киинэ тэрийэр төрдүс төгүлүн ыытыллар Ксения, Егор Черкашиннар өйдөбүллэригэр аналлаах «Дьээбэ-хообо» көр-күлүү күрэһэ буолан ааста.
Көр-күлүү күрэҕэ Тыа хаһаайыстыбатын агро-технологическай университет Өктөмнөөҕү салаатын уораҕайыгар ыытылынна. Күрэххэ барыта 13 бөлөх Эдьигээнтэн, Ленскэйтэн, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Амматтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Ксения, Егор Черкашиннар улахан уоллара Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, бэтэрээнэ, Уус Алдан Тумулуттан Петр Черкашин, сиэннэрэ, «Барҕарыы” култуура киинин методиһа Надежда Черкашина уонна Амма Мээндигэтиттэн култуура үлэһитэ Василий Копырин үлэлээтилэр.
Сценаҕа бииртэн биир күлүүлээх, чаҕылхай туруоруулар дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланан дьон 4,5 чаас олорбуттарын билбэккэ да хааллылар. Мэҥэ Хаҥалас Дойдуунускайыттан «Кучуутова бэтиэхэлэрэ» бөлөх “Балбаара уонна Хобороос” диэн чабырҕах, Амма Абаҕатыттан «АйТал» бөлөх “Фитнес”, “Ат көлөнөн көтүтэр, көрү көтүппэт Көстөкүүн бухатыыр” музыкальнай экцентрика, Уус Алдан Бороҕонуттан «Бэрт бэтиэхэлэр» бөлөх “Зита уонна Миитэрэй” сценка, Бүлүү Балаҕаччытыттан «Тэбэнэт Стар» бөлөх «Восток — дело тонкое» оригинальнай жанр дьон болҕомтотун тардан, көрү-күлүүнү көҕүлүттэн туттулар.
Күрэс түмүгүнэн кыайыылааҕынан «АйТал» бөлөх (Амма, Абаҕа), иккис миэстэни “Тэбэнэт Стар” бөлөх (Бүлүү Балаҕаччы), үһүс миэстэни «Хоросо» бөлөх (Үөһээ Бүлүү) ылан үөрүү өрөгөйүн биллилэр уонна харчынан бэлиэтэннилэр.
Өктөм олохтоохторо көр-күлүү киэһэтин олус сөбүлүүллэр. Эрдэттэн оҥостон кэлэн, дэлби күлэн, күннээҕи түбүктэн сынньанан астынан тарҕастылар.
Тэрийээччилэр ааттарыттан бары кыттыбыт артыыстарга чаҕылхай оонньууларын иһин барҕа махталбытын биллэрэбит. Инникитин даҕаны айымньылаах үлэҕитинэн дьону үөрдэ-көтүтэ туруҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Федора Фомина.