Быйыл 2024 сылга суруналыыс, суруйааччы Георгий Борисов уонна мелодист Михаил Атласов “Хаҥаластар буолабыт” өрөгөй ырыатын суруйбуттара 25 сылын туолар.Үйэ чиэппэрэ анараа өттүгэр айыллыбыт ырыа, билигин сааһыттан тутулуга суох хас биирдии хаҥаласпын дэнэр киһи, төрүт саха уус төрдүлээҕинэн киэн туттан, сүһүөҕэр туран ыллыыр ырыата дуораһыйан, улахан тэрээһиннэри суолталаан улуус дьонун биир сомоҕо мунньар түмэл буолбутун билэбит.
1999 сыллаахха улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан Александр Васильев, култуура салаатын салайааччытынан Надежда Скрябина үлэлииллэрэ. 1999 сыллаахха алтынньы 16 күнүнээҕи Хаҥалас улууһун “Өлүөнэ очуостара” хаһыатыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх кырдьаҕас суруналыыһа, суруйааччыта Георгий Борисов айбыт “Хаҥаластар буолабыт” диэн хоһоонугар улуустааҕы култуура салаата уонна олохтоох мелодистар ассоциациялара саҥа ырыа конкуруһун биллэрэллэр. Хаһыакка Георгий Борисов дойдутун дьонугар туһаайан суруйбут суруга уонна хоһооно бэчээттэммит: “Дорообото тутуҥ, дойдум дьоһун дьоно, хаҥаластарым, хаан-уруу аймахтарым! Кырдьан сааһыран бардаҕыҥ ахсын алаһа бараан алаастарыҥ, төрөөбүт төрүт буордарыҥ ырай сирдэрэ буолан ырааһыран көстөллөр, таҥара дойдута буолан талбаланан сыталлар, чуҥкуйбут дууһаҕын долгуталлар, ахтыбыт сүрэххин аймыыллар эбит! Бу сырыыга мин илии тутуурдаах, өттүк харалаах, музыкаһыт уолаттар, муударай кэрэ кыргыттар хоһоон-ырыа оҥостуохтара, хомус дьүһүлгэнигэр холбоһуохтара диэн ырыа ыллаан ыллардым, хоһоон туойан хоһуунурдум! Ааҕын, сыта-тура сыаналааҥ!”.
Хаһыакка бэчээттэммит саҥа ырыа буолуохтаах хоһоон 44 строкалаах этэ. Хоһоон тылларын ырыаҕа сөп түбэһэр балачча уһун хоһоону 12 строкалаан уонна 4 строканы хос ырыа гынан кылгатан музыкаҕа сөп түбэһэр гына чочуйарга, дьаарыстыырга Павел Николаевич Харитонов көмөлөспүтэ. Күрэх дьүүллүүр хамыыһыйатыгар бэрэсэдээтэл — Кампеев Е.С., чилиэттэрэ — Куприянов Г.И., Федоров О.Н., Артамонова Л.С., Винокуров А.В. үлэлээбиттэрэ.
Ааптардар тустарынан уонна ырыа хайдах, ханнык тэрээһиннэргэ ылламмытын туһунан оччотооҕу кэмҥэ улуустааҕы култуура салаатын салайааччытынан үлэлии сылдьыбыт Надежда Скрябина, суруналыыс Людмила Аммосова уонна улуус хорун салайан үлэлэтэ сылдьар Людмила Артамонова санааларын үллэстибиттэрин суруйабын.
Надежда Скрябина: «Быйыл Хаҥалас улууһун «Хаҥаластар буолабыт» диэн өрөгөй ырыата айыллыбыта 25 сылын туолар. Бу ырыа 1999 сыллаахха айыллыбыта. Ол сыл “Өлүөнэ очуостара” хаһыакка Георгий Борисов “Хаҥаластар буолабыт” диэн хоһооно бэчээттэнэн дьон биһирэбилин ылбыта. Хоһоон олус өрө көтөҕүллүүлээх, төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну иҥэрэр, инники сайдыыга, сырдыкка ынырар тыллардаах буолан уонна ааптар баҕа санаатын толорон хайаан да ырыа буолан айыллыахтааҕын тута өйдөөбүппүт. Ити сыл улууспутугар үөрэҕирии эйгэтэ төрүттэммитэ 125 үбүлүөйдээх сыла этэ. Онон сүбэлэһэн баран анал Балаһыанньа оҥорон, харчынан бириис олохтоон, кубок бэлэмнээн бу хоһоон тылларыгар мелодия айарга олохтоох мелодистар ортолоругар күрэх биллэрбиппит. Барыта алта мелодист кыттыбыта. Биир күн анал хамыыһыйа иннигэр «Саргы Түһүлгэтэ” култуура киинигэр олохтоох мелодистар ырыаларын сыанаҕа тахсан билиһиннэрбиттэрэ. Сүрдээх истиҥ ырыа матыыптара айыллыбыттар этэ. Ол гынан баран бастакы аккордартан саҕалаан олус өрө көтөҕүллүүлээх ырыа матыыптара киһи сүргэтин көтөҕөн, тутатына барыбыт дууһабытын, сүрэхпитин Михаил Степанович Атласов мелодията туппута. Онон хамыыһыйа биир санаанан кини ырыатын талан кыайыылаах бирииһин, анал бэлиэтин туттарбыппыт.
Ырыа аан бастаан Хаҥалас улууһугар үөрэҕирии 125 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһинигэр “Саргы түһүлгэтэ” култуура киинигэр Покровскайтан, Булгунньахтаахтан кыттан 125 киһилээх хуор толоруутугар ылланан сүрэхтэммитэ. Хуору Татьяна Винокурова салайбыта. Бу тэрээһиҥҥэ Михаил Ефимович Николаев кыттыбыта. Ырыа ылламмытыгар саалаҕа олорор дьон атахтарыгар турбуттарыгар бииргэ турсан бу ырыа хаҥаластарга өрөгөй ырыата буоларын туоһута буолбута.
Иккис сүрэхтэниитэ 2000 сыллаахха биир улахан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар номох курдук кэпсэнэр II-с норуоттар ыккардыларынааҕы Спортивнай оонньууларын үөрүүлээх арыллыытыгар 1200 киһилээх хуор Покровскай куорат стадионугар ылланыыта буолбута. Хуору Людмила Степановна Артамонова элбэх сыратын ууран туран салайбыта. Бу хуору өрөспүүбүлүкэ аан бастакынан улахан былаһааккаҕа тыһыынчанан киһилээх хуор ылланыыта этэ. Ол тэрээһиҥҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ олус көхтөөхтүк кыттыбыттара. 200-чэкэ аттаах дьон, 50-ча боотурдар, 300-кэ үҥкүүһүттэр, ону тэҥэ сүүһүнэн дьон массовкаҕа кыттыбыттара. Аан бастакынан хаҥаластар тотеммытын хомпоруун хотойу уус тарбахтаах, айылҕаттан талааннаах Прокопий Ефимович Федоров мындырдык толкуйдаан оҥорон күөх халлааҥҥа көтүппүтэ. Хаҥаластар былыргыттан тойон ууһа буоларбытын бигэргэтэр ырыабыт, сындыыс аттаах боотурдарбыт, ытык хотойбут бигэ бэлиэ буоланнар олус өрө көтөҕөтүллүүлээх Хаҥалас тыыммытын уһугуннарар тэрээһин буолан ааспыта. Билиҥҥэ да диэри дьон-сэргэ олус долгуйан туран кэпсииллэр.
Бу ырыа ааптара самодеятельнай композитор Михаил Степанович Атласов быйыл 85 сааһын туолла. Сүүрбэ биэс сыл анараа өттүгэр оруобуна 60 сааһыгар бу ырыаны айбыт эбит. Аҕа табаарыспын, кэллиэгэбин түгэнинэн туһанан үбүлүөйүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин, истиҥ махталбын тиэрдэбин. Быйыл улууспутугар урут култуура эйгэтигэр үлэлээн, култуура сайдарыгар тус бэйэлэрин кылааттарын анаабыт, билигин биһиги кэккэбитигэр суох дьоммут, ол курдук, Тимофей Давыдов — 60, Иван Монастырев- 75, Егор Кампеев — 85, Спартак Федотов – 85, Гаврил Куприянов — 90, Марфа Пермякова — 90, Михаил Федоров-Ырыа Миисэ — 95 саастарын туолар үбүлүөйдээх сыллара. Бэйэлэрин кэмнэригэр олус да бэриниилээхтик, айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Биһиги оччолорго лаппа эдэрчи дьон, кинилэргэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарбыт, биир тылы утары эппэккэ, сүбэлэрин, алгыстарын ылынан, баҕа санааларын толорон билиҥҥээҥҥэ дылы кинилэр тустарынан олус сырдыктык, сылаастык саныыбыт. Күндү дьоммутугар хас биирдиилэригэр анаммыт тэрээһиннэр, дьоро киэһэлэр быйылгы сыл устатыгар ыытыллаллара былааннанар.
Людмила Аммосова: «Мин 1975 сыллаахха Иркутскайдааҕы государственнай университет суруналыыстыка салаатын бүтэрээри сылдьан “Эдэр коммунист” хаһыакка Георгий Иванович Борисовтыын бииргэ үлэлиир дьолломмутум. Кини култуура сонуннарын суруйара уонна тылбаасчыттыыра. Оччотооҕу кэмҥэ Политбюро, коммунистическай партия сийиэстэриттэн матырыйааллары улахан (А1) форматтаах киин хаһыаттартан тутан туран тутатына тылбаастыырын бэчээттиир массыынкаҕа сэкиритээр кыргыттар табыгыраталлара. Кини саха тылын олус бэркэ билэрэ, хоһоон бөҕөтүн ааҕара, ытаан да, күлэн да ылара улахан артыыс буолуохтааҕа олоххо киирбэккэ хаалбытын туоһулууллара. Хаайыыга олорбут кэмнэригэр уус тыла, грамотнайа, үрдүк култуурата мин санаабар араас кыһалҕалаах кэмнэригэр быыһаабыт буолуохтаах.
Кэлин Чараҥтан төрүттээх Александр Аммосовка кэргэн тахсан аймахтыы буолбуппут. Ол курдук, Георгий Борисов мин кэргэним дьонугар Татьяна Степановна Аммосовалаахха, аймахтарыгар сайын аайы Чараҥын ыһыаҕар күүлэйдээн, хонон-өрөөн барара. Төрөөбүт-үөскээбит дойдутун олус таптыыра, Хаҥалаһын дьонун-сэргэтин ытыктыыра, күндүтүк саныыра, киэн туттара, ол туоһутунан хоһоонугар ахтыбыт Тойон-Арыыта, Малдьаҕара, Маалтааныта, Эркээнитэ буолан эрдэхтэрэ…”.
Людмила Артамонова: “1997 сыллаахха Покровскай куоракка ырыа куттаах дьону мунньан хуор тэрийбитим. 1999 сыллаахха Георгий Борисов уонна Михаил Атласов өрөгөй ырыатын айбыттарын түмүгэр улууска туох да эҥкилэ суох олус түргэнник, үөрэ-көтө хуор тэриллибитэ. Ырыа музыкатын биэс байаанынан доҕуһуоллуурбут, Покровскайтан — Гаврил Куприянов, Алена Куприянова, Владимир Костарев, Булгунняхтаахтан — Геннадий Иванов, Анатолий Егоров. Онтон 2000 сыллаахтан билиҥҥэ диэри улуустааҕы хуору салайан үлэлэтэ сылдьабын.
25 сыл ааспытын кэннэ, улууспут өрөгөй ырыатын туһунан ахтан-санаан аһардахха, маннык. Улуус култуураҕа салаата Георгий Борисов суруйбут хоһоонугар ырыа матыыбыгар күрэх биллэрбитэ. Суруллубут хоһоону Павел Харитоновы, Егор Кампеевы дьүүллүүр хамыыһыйа хуор ыллыырыгар соп түбэһиннэрэн, кылгатан, сорох тылын уларытан оҥорбуппут. Күрэххэ олохтоох музыка айааччылар Полина Семенова, Егор Кампеев, Анатолий Егоров, Михаил Атласов, Заморщиков кыттыыны ылбыттарыттан кыайыылааҕынан Михаил Атласов тахсыбыта. Мин Михаил Атласовы 1977 сыллардаахха оройуоҥҥа ыытыллар уус-уран самодеятельность кэнсиэригэр бастаан көрсүбүтүм. Сүрдээх үчүгэйдик доҕуһуоллуур уонна дьиэрэһитэн ыллыыр этэ. Нэһилиэгэр хуору салайара, кэнсиэртэргэ байаньыыстыыра. Кини оччолорго I Дьөппөҥҥө биир тарбахха баттанар, элбэх ырыалардаах мелодист быһыытынан биллэр этэ. Суруйбут ырыаларын Алена уонна Гаврил Куприяновтар нуотаҕа түһэрэллэрэ.
Онтон 2000 сыллаахха Покровскай стадионугар тыһыынчаттан тахса састааптаах хуор II өрөспүүбүлүкэтээҕи Спортивнай оонньууларга ыллаан дуораһытара, икки сүүсчэкэ ат үөһээ сыыртан тибилитэн түһэн иһэллэрэ билиҥҥэ диэри харахпар көстөр. Дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэн, хаҥыл хааннара хамсаан, өрө күүрэн туран ыллаабыттара. Спортивнай оонньуулар култуура программатыгар хуору бэлэмнииргэ Анатолий Винокуровтыын улууспут нэһилиэктэрин көтүппэккэ төһөлөөх репетицияны тэрийэн ыыппыппыт буолуой?! Олус көхтөөхтүк Малдьаҕар, Эркээни, Самыртай уокуруктара кыттыбыттара.
Хаҥалас дьоно ырыаны Өрөгөй ырыатын быһыытынан биир санаанан билиммитэ. Ити кэмтэн төһөлөөх улахан событийнай, үбүлүөйүнэй тэрээһиннэр өрөгөй ырыатынан доҕуһуолланан ыытыллыбыттара буолуой. Хас тэрээһин аайы өрөгөй музыката хаҥаластары төрөөбүт дойдуларынан, өбүгэлэринэн киэн туттуохтарын, сарсыҥҥыга эрэллээх буолуохтаахтарын санатар уонна сирдиир.
Ырыа куттаах Михаил Степанович дьоллоох киһи! Бүтүн хас да тыһыынчанан ахсааннаах хаҥаластар куттарын ырыа нөҥүө тутан, Өрөгөй ырыатын суруйан, өлбөт-сүппэт үйэлээтэ. Үйэ чиэппэрэ саастаах айбыт ырыата үгүс сыллары уҥуордаан, үйэттэн үйэҕэ ыллана туруо да буоллаҕа. Ырыа куттаах кэллиэгэбитин Улуустааҕы култуура салаатын аатыттан үбүлүөйдээх сааскынан эҕэрдэлээн туран ханыылаһан хаамсар хаҥаластар өрөгөй ырыаларын айан бэлэхтээбиккэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталларыгар уйдаран этэҥҥэ доруобай эрэ сырыт.
Галина Семенова, СӨ култууратын туйгуна.