«Тыа сирэ – сайдыы киинэ» кинигэ сүрэхтэннэ

Бастакы Бэрэсидьиэммит, сүдү киһибит Михаил Ефимович Николаев сырдык кэриэһигэр уонна Арассыыйа бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин Ассоциацията (АККОР) XXXV-с үбүлүөйдээх сийиэһигэр анаммыт «Тыа сирэ – сайдыы киинэ» кинигэ сүрэхтэниитэ Өктөмҥө, Николаев-Кииҥҥэ, буолан ааста.

1990 сыллаахха РСФСР уонна 1991 сыллаахха Саха АССР, «Бааһынай хаһаайыстыбатын туһунан», «Сир туһунан» сокуоннара өрөспүүбүлүкэҕэ бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллиилэригэр уонна сокуонунан көмүскэллээх буолууларыгар тирэҕинэн тахсыбыттара. 1991 сыл тохсунньу 30 күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бааһынай хаһаайыстыбаларын (фермердэрин) уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин Ассоциацията «Саха фермер» (АККОР) тэриллибитэ.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, «Тыа сирэ – сайдыы киинэ» кинигэ сүрэхтэниитигэр Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, Хаҥалас улууһун мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Антонов, СӨ Бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кээпэрэтииптэрин Ассоциациятыттан толорооччу дириэктэр Зарема Бочкарёва, Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Ньургун Гуляев, Бочуоттаах Президент Валерий Ефремов уонна 8 улуус дэлэгээссийэлэрэ кыттыыны ыллылар, тыл эттилэр, эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

«Тыа сирэ – сайдыы киинэ» кинигэ бэрт сонуннук суруллубут. Манна дойду тутула уларыйыытыгар улуус тыатын хаһаайыстыбатыгар саҥа саҕахтар арыллыыларыгар бастакы бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммит, саҕалаабыт дьон чуолкайдаммыта буолла. Итини сэргэ, улууспут нэһилиэктэригэр тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа, бааһынай хаһаайыстыбалар, кээпэрэтииптэр араас кэмнэргэ дьоһуннаах, кэскиллээх үлэлэрэ сырдатылынна. Кинигэни Саха Агропромышленнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ Николай Филиппович Трофимов өр сылларга кылаабынай зоотехнигынан, сопхуос дириэктэринэн үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын салаатын киэҥ билиилээх салайааччыта дириҥник хорутан суруйбут, киниэхэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ көмө буолбуттар, кыһаллыбыттар.

 

Кинигэ бэчээттэнэн тахсыытыгар 17 бааһынай хаһаайыстыбалар, ол иһигэр 5 улахан хаһаайыстыбалар: Улахан Аантан Михаил Павлов, Булгунньахтаахтан Акулина Львова, Нөмүгүттэн Евдокия Денисова, Өктөмтөн Тамара Осипова, Төхтүртэн Евгений Никифоров сүрүн спонсордарынан буолбуттар.

Тыа сирин туруу үлэһит, чэрдээх илиилээх хоһуун дьоно самаан сайын өҥүрүк куйааһыгар, көмүс күһүн сөрүүн күннэригэр, бытархан тымныылаах кырыа кыһын, сааскы сылаас ылааҥы кэмнэргэ төрөлкөй төрүөҕү, эмис эти, үрүлүйэ сүүрэр үрүҥ илгэни дэлэтээччилэр сурукка тиһиллэн, кинигэҕэ киирэн, үйэтитилиннилэр. Кэм-кэрдии, сыл-хонук аастаҕын ахсын уруккубут умнуллубатын туһугар кинигэлэр суруллаллар, этэргэ дылы, «суруллубут — суоруллубат”. Биир күн сынньалаҥа суох түбүктээх, сыралаах үлэлээх тыа сирин дьоһун дьоно кинигэҕэ суруллан, ахтыллан үлэлэрэ сыаналанна. Кинилэр олохтоох ас-үөл бырагыраамматын быһаарыыга боччумнаах миэстэни ылаллар.

Кинигэ тахсарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэн, сыратын-сылбатын биэрэн сүүрэн-көтөн сүрүннээбит киһинэн, улууспут бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Розалия Петрова буолар. Бу күн бастыҥ бааһынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ уонна кинигэҕэ үлэлэспит, көмөлөспүт дьон наҕараада туттулар.

Уйбаан УЙГУУРАП,
ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.