Саҥа сүүрээннэр  кинигэлэрэ таҕыста

Бу «Хангаласское образование:  лучшие проекты и практики» диэн кинигэ учууталлар  улахан сүбэ мунньахтарын  үһүс күнүгэр Покровскай үһүс оскуолатыгар сүрэхтэннэ.

Кинигэни үөрэх управлениета үбүлээн таһаарда. Редакционнай коллегия СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, РФ  үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Людмила  Ефимова идеятынан уонна редактордааһынынан Хаҥаласка үөрэх ситимин бастакы кыһата тэриллибитэ 150 сылыгар анаан бэлэмнээтэ.

Бэлиэтиибин — улахан үлэ ыытыллыбыт. Киһи кэрэхсиэҕэ диэн  манна  аныгы кэм ирдэбилинэн педагогтартан бастыҥ уопут уонна практика түмүллүбүт. Кинигэ учууталларга, оҕолору кытары үлэлиир дьоҥҥо, үөрэх кыһаларын, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, үөрэҕирии салаатын  методистарыгар  аадырыстаммыт. Кинигэ Сахабыт  өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев  кэскили санаан тэрийбит конгреһын үгэскэ киллэрэн төрдүс төгүлүн ыытыы кэмигэр тахсыбыта  кытары  суолталаах — ытык киһибит саҕа үөрэҕи, билиини, оҕону өрө туппут общественнай диэйэтэл суоҕа буолуо.

Кинигэ киирии тылыгар үөрэх управлениетын салайааччыта Павел Аргунов биһиги оҕолорбутугар инники олохторугар улахан кыахтары биэриэхпитин баҕарар буоллахпытына, кинилэргэ  сайдыыга инструменнары биэриэхтээхпит диэн этиитэ киирбитэ  үгүһү этэр. Саҥа көлүөнэ айан-тутан олоҕу оҥостуохтаах. Кинигэҕэ Михаил Ефимович көҕүлээбит кэскиллээх бырайыактара хайдах олоххо киирэн иһэрин бэркэ сырдаппыттар. «Музыка барыбытыгар», «Бары уруһуйдуубат», тыйаатыр искусствотыгар, спортка, волонтерскай хамсааһыҥҥа, саахымакка, роботехникаҕа, прлограммированиеттан инновационнай үөрэтэр оонньууларга тиийэ биһиги педагогтарбыт, оҕолору кытары үлэлиир дьон бастыҥ бырайыактара сырдатыллыбыттара олус бэрт.

Дьоһун үлэ уопута түмүллүбүт…

Манна хас да  салааларынан педагогтарбыт  хас да сыллаах үлэлэрин түмүгүн, аныгы олох ирдэбиллэринэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туох  саҥаны киллэрбиттэрин кэпсэнэр.  Ол курдук, муниципальнай бырайыактарга уонна практикаларга (саҕалаабыты олоххо киллэрии түбүгэр) «Хангаласское образование» диэн Людмила Ефимова салайан таһаарар сурунаал  уопута сырдатыллар. Дьиҥинэн, манна аан бастаан бу кинигэҕэ киирэр курдук уопут, практика киэҥник сырдатыллан, педагогтарга, обшественниктарга тарҕаммытын этиэ этим. Сурунаал эдэр, саҥалыы көрүүлээх педагогтар хорсун саҕалааһыннарын таба көрөн  биир идэлээхтэригэр хаһыс да сылын тарҕатар. Барыта 10 нүөмэр тахсыбытын билэбин. Мантан  оҕоҕо киэҥ билиини биэриэн, кинини кэлэр олоҕор  бэлэмнээх буолан тахсарыгар иитэр, уһуйар матырыйааллар болҕомтону тардаллар. Бу бырайыакка эдэрдэри кытары уһуйааччы быһыытынан педогогическай үлэ сэргэ үөрэх кыһаларын салалталарын бииргэ үлэтэ киирэр. Бу барыта эдэр педагогтар Хаҥаласка олохсуйан үөрэх таһымын үрдэтиигэ кыахтарын толору туһаналларыгар, салгыы сайдалларыгар олук уурар диэ этим, ханна даҕаны каадыр боппуруоһа уустугуран турар кэмигэр. Дьиҥэр, биһиги улууска оскуолаларбытыгар, оҕо уһуйааннарыгар барытыгар кэриэтэ үлэлииргэ, сайдарга үчүгэй усулуобуйа тэриллибитэ үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллубутун туоһута буолара. Онон бэлиэ уопут баар буолара да эрэйиллэр. Педагогическай эдьютон  Балаһыанньата оҥоһуллан эдэр учууталлары кытары хайдах үлэ барарын редакция кэпсиир. Кинигэҕэ бу хайысханан 3-Малдьаҕар  оскуолатын учууталларын Р.Е. Архипова, Л.А. Винокурова, М.И. Старостина, И.В. Архипова, А.А. Старостина саҥа технологиялары туһанан үлэлэрин уопутун билиһиннэрэллэрэ  интэриэһи тардар. Үлэ инновационнай өрүтэ араас. Хачыкаат оскуолатыгар гуманитарнай предметтэр уруоктарын холбуу тутан үөрэтии уопутун туһанан педагогтар Е.С. Тихонова, А.В. Федорова, А.В. Лазарева үлэлэрэ эмиэ болҕомтону тардар. Кинигэҕэ суруллар бастакы эдьютон  хас да хайысханан үлэни эдэрдэргэ  көрдөрбүтэ сонун уонна  улахан туһалаах. Өктөмнөөҕү үөрэх кыһалара  икки көрсүһүүгэ, холобур,  интернет ресурстарын туһанарга, саҥа сонун технологиялары билсэргэ олук уурбуттара биллэр. Эдэр киһиэхэ санаа, уопут атастаһыыта туһата элбэх.

Бастакы салааҕа педагогическай династиялар үлэлэрин уопутугар  киһи кэрэхсиэҕэ үгүс. Бу үөрэх ситимин сайдыытын 150 сылыгар саҥа көлүөнэлэр тустарыгар олохторун анаабыт бэтэрээн-учууталларбытыттан киһи ылыаҕа үгүс. Кинигэҕэ 30 педагогическай династиялар уонна учуутал дьиэ кэргэттэр мунньуллубут уопуттара сыаналаммыта  олус бэрт. Кардашевскайдар, Платоновтар, Неустроевтар, Тимофеевтар-Лыткиннар, Шадриннар… бары киэн туттар дьоммут буоллахтара.  СӨ педагогтар династияларын үөрэх министиэристибэтиттэн анал бэлиэтинэн  28 педагог  ыаллар бэлиэтэммиттэрэ элбэҕи этэр.

Бу А-4 форматтаах 300 страницалаах элбэх хаартыскалардаах бытархай соҕус шрибинэн элбэх матырыйаал киирбит кинигэтин барытын ырытар кыра ыстатыйаҕа  олус уустук.

Туох өссө сырдатылларый?

«Хангаласские умники и умницы» диэн  оҕолорго интэриэһинэй бырайыактан саҕалаан  наука инновационнай бырайыактарыгар тиийэ киһи билсиэҕэ, идиэйэ ылыаҕа, кэпсиэҕэ  үгүс. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытары үлэҕэ быйылгы педагогическай конгресска хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан болҕомто уурулунна диэ этим. Кырдьык даҕаны, оҕо олох кыратыттан  сайдыыта инники олоҕор улахан суолталааҕа биллэр. Дьэ ол иһин  Хаҥалас педагогтара уһуйааннарга үлэлиир дьонтон эрэйэллэрэ улахан. Бу кинигэҕэ «Сардаана», «Брусничка», «Сказка», «Золотая рыбка», «Мичээр», «Кэскил», «Кэнчээри» о.д.а. оҕо уһуйааннарын араас киһи кэрэхсиир хайысхалаах үлэлэрэ сырдатыллара олус бэрт. Кэлиҥҥи кэмҥэ экологическай үөрэхтээһиҥҥэ, оҕо доруобуйатыгар болҕомто ууруллар буолбута  кэрэхсэбиллээх. Манна баай айар талааннаах дьон үлэлииллэрэ ытыктанар. Онтон оскуола уонна наука диэн тиэмэҕэ, биллэн турар, Ой оскуолатын «Эллэйээдэ»  экспедициятын үлэтин туһунан үгүс туһалааҕы билсиэххэ син. Түмүк сөҕүмэр. Бу туһунан биһиги улуустааҕы хаһыакка отучча сыл син сырдатан кэллибит. Аныгы технологияларга, робототехникаҕа, музыкаҕа, ойуулуур-дьүһүннүүр искуствоҕа, спортка, төрүт култуураҕа, идэҕэ уһуйар кылаастарга о.д.а. элбэх ыстатыйа киирбит, үгүс уопут кэпсэниллибит.

Оскуолаҕа үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии сүрүн сорук. Дьэ маны ситиһиигэ  үөрэх-наука киинэ, гимназиялар, дириҥэтэн үөрэтиилээх кылаастардаах, агро-, спортивнай оскуолалар уопуттара түмүллүбүтэ астыннарар. Эдэр учууталларга олус туһалаах суруйуулар бааллар. Биллэн турар, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин, кинилэр чочуйан таһаарар оҕолорун  ситиһиилэригэр киһи кэрэхсиэҕэ элбэх. Бу кинигэҕэ суруллубутун курдук бары педкэллэктииптэр үлэлииллэрэ эбитэ буоллар дьоһун да дьону иитэн таһаарыа эбиттэр, аныгы педагогтарбыт. Онно өссө тэрилтэлэр, общественнай холбоһуктар, төрөппүттэр, Өктөм Чапаевыгар Михаил Николаев тэрийбит Наука дьоҕус академията, чугастыы сытар өрөспүүбүлүкэбит научнай, култуура уонна искусство кииннэрэ  о.д..а. бары биир санаанан салайтаран  кэскилбитин түстүүрэ буоллар  кэлэр кэмҥэ эрэллээх буолуо этибит.

Ытык киһибит Михаил Николаев «Билиигинэн кыайыаҥ» диэн этиитэ инникибитигэр сүдү соруктары туруорар. Онон бу кинигэни хайаан да остуол кинигэтэ оҥостон  кэскиллээх үлэҕитигэр туһаныҥ. Бу биһиги аттыбытыгар күннэтэ баар дьоммут үлэтэ, уопута батыһааччыларын булуохтаах. Кыһаллан туран түмэн, чочуйан бэлэмнээн, барытын куар-куодтаан, таһаарбыт  дьоҥҥо барҕа махтал. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Людмила Ильинична эппитин курдук, таһаарыы кэлин даҕаны, төһө да  бириэмэтэ  аастар,  дьоммут икки үйэ кирбиитигэр бу курдук саҕалаан оҕо сайдыытын туһугар  үлэлээбиттэрин туоһута буолуоҕа.

Людмила Аммосова.