Хас биирдии оҕо – ураты дьоҕурдаах

Кулун тутар бүтүүтэ ыытыллыбыт IV-с Педагогическай конгресс чэрчитинэн Покровскай 3-с №-дээх оскуолатыгар Хаҥалас улууһугар «Ураты дьоҕурдаах оҕо» («Одаренный ребенок») бырайыагы салгыы сайыннарыы кэскиллээх суолун тобулуу, быһаарыы туһунан үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ кыттыылаах интэриэһинэй санаа атастаһыыта, үлэ уопутун үллэстии буолан ааста.

Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр «Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыак 2015 сыллаахха Үөрэҕирии миниистирэ Феодосия Габышева көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Оччолорго бу сонун бырайыакка өрөспүүбүлүкэбит 108 уһуйаана уонна оскуолата киирбитэ. Күн бүгүн «Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыакка 400 үөрэх тэрилтэтэ, ол иһигэр 34 оскуола (уоннааҕыта оҕо саадтара эбэтэр оскуола иһинээҕи уһуйаан бөлөхтөрө) кытталлар. Бу бырайыакка кыттар хас биирдии оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа бэйэлэрин ураты методикаларынан үөрэҕи сайыннарыы биир кэлим Кэнсиэпсийэтэ туһаныллар.

Үөһэ суруллубут «Одарённый ребёнок: актуальные проблемы и пути развития» диэн төгүрүк остуолга *эксперинэн п.н.к., Наука дьоҕус академиятын оскуола иннинээҕи уонна начаалынай үөрэхтээһиҥҥэ отделын салайааччыта Ольга Степанова* үлэлээтэ. Кини «Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыак туһунан санаатын үллэһиннэ.

— 2019 сыл ахсынньытыгар, Россияҕа Оҕо саас уон сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт РФ стратегическай көҕүлээһинин агентствота тэрийэн ыыппыт куонкуруһугар «Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыак үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ бастыҥ оскуола иннинээҕи быраактыка быһыытынан кыайыылаах буолбута. Бырайыакка кыттар оҕо саадтара уонна оскуолалар СӨ оҕо дьоҕурун сайыннарыы региональнай экосистематын биир кэлим Концепциятын туһаналлар. Бу Концепция 2018 сыллаахха Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар ыытыллар кэмнэригэр пилотнай бырайыакка киирсибит 300 үөрэх тэрилтэлэрэ уонна Үөрэх сайдыытын, учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт, п.н.д., профессор Тамара Комарова кыттыылаах бигэргэтиллибитэ.

Концепция хас биирдии оҕо дьоҕурун сайыннарыыга туһуланар, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М. Е. Николаев көҕүлээбит «Үөрэх биэс китыгар» — музыкаҕа, саахымакка, уруһуйга, тылга уонна спортка тирэҕирэр. Пилотнай үөрэх тэрилтэлэрин быраактыкаларынан өссө икки хайысха – STEAM-үөрэхтээһин уонна театр эбиллибитэ. Онон, 2018 сылтан пилотнай тэрилтэлэргэ оҕо дьоҕурун сайыннарар үөрэх моделлара бу Концепциянан сирдэтэллэр. Үлэ хаамыытын биир сүрүнэ – пилотнай оҕо саадыгар уонна оскуола алын сүһүөҕэр хас биирдии оҕоҕо электроннай сурунаал (журнал сопровождения детской одарённости) толоруллар. Бу сурунаалы тэрийэргэ биһиги федеральнай государственнай үөрэх стандартарынан (ФГОС) салайтарбыппыт, онно этиллэринэн, хас биирдии оҕо тус маршруттаах буолуохтаах диэн. Оттон ону хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан быһаарыы механизма суоҕа. Биһиги маны «Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыакка булбуппут. Бырайыак чэрчитинэн оҕо саада уонна оскуола хас биирдии оҕоҕо бэйэтин электроннай сурунаалын оҥоруохтаах, онно оҕо туохха дьоҕурдааҕа, сатабыллааҕа бэлиэтэниллэр, онтон сиэттэрэн сайыннарыы тус бырагыраамата тахсан кэлэр. «Дьоҕур сайдыытын сурунаала» диэн – табылыысса, онно иитээччи уонна учуутал оҕону кэтээн көрүүлэринэн анал схеманан киллэрэллэр. Хас биирдии оҕо дьоҕурун таба тайанарга бу табылыысса олус табыгастаах. Табылыысса дааннайынан иитээччи, учуутал оҕо төрөппүттэрин кытта оҕону сайыннарыы бырагырааматын талаллар. Маны сэргэ, сурунаал иитээччи болҕомтотун хас биирдии оҕоҕо туһаайарыгар кыаҕы биэрэр. «Дьоҕур сайдыытын сурунаала» төрөппүт оҕотун сайдыытын учуоттаан үөрэҕин инники хайысхатын сирдииригэр, профильнай кылааһы таларга, бэл, идэни быһаарынарыгар тирэх буолар.

«Ураты дьоҕурдаах оҕо» бырайыак хас биирдии оҕо интеллектуальнай-айар кыаҕын таба туһанарга көмөлөөх. Саха сирин пилотнай оҕо саадтарыгар уонна оскуолаларыгар, маннык уопут күүскэ туһаныллар.

Сорох оскуолаларга учууталлар хас биирдии оҕону кытта, кини дьоҕурун сайыннаран дьарыктанарга бириэмэ тиийбэт дииллэр. Мин саныахпар, бу сыыһа. Хас биирдии оҕо талаанын, дьоҕурун сайыннарыахха наада. Хомойуох иһин, билигин үгүс үөрэнээччи үөрэххэ-билиигэ интэриэһэ сүтэр. Холобура, бэһис кылааска тахсыбыт оҕо маҥнайгы кылааска киирбититтэн чыҥха атын, хараҕын уота номнуо уостубут буолуон сөп. Ити учууталлар айылҕаттан бэриллибит талааннаах оҕолорго ордук болҕомто ууралларыттан, атыттарга бириэмэлэрин, сыраларын бараабаттарыттан тахсар. Ол эрээри ханнык баҕарар учуутал, иитээччи оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга сөптөөх ньыманы туһаннаҕына, бары үөрэнээччилэрин талааннарын сайыннарар бириэмэни булуон сөп.
Оҕо дьоҕурун таба көрөн сайыннарыы уһуйааҥҥа эрэ буолбакка, оскуолаҕа эмиэ ситимнээхтик салҕаныахтаах. Бу оҕо саадын уонна оскуола утумнаах үлэлэрэ буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ оҕо уонна кини төрөппүттэрэ орто үөрэхтээһин оскуолатыгар профильнай кылааһы таба талар, инникитин идэни ылар уонна салгыы үөрэнэр кыахтаналлар.

Тус бэйэм Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетыгар иитээччилэр уонна учууталлар үлэлэрин куруук өйүүллэрин иһин махталбын тиэрдэбин. Улууска хас биирдии оҕо ураты дьоҕурун сайыннарарга туһуламмыт бырайыагы олоххо киллэриигэ сыаллаах-соруктаах үлэ тэриллэрэ биллэр. Ол түмүгэ — үөрэхтээһин үрдүк хаачыстыбата буолар.

Ольга Гермогенова.