Улахан ыал мааны ийэтигэр куоластыаҕыҥ!

Күндү Хаҥалас улууһун олохтоохторо! Быйыл «Далбар Хотун” сурунаал уонна “Саха” НКИХ иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» куонкуруска Нөмүгү нэһилиэгин олохтооҕо Акулина Александровна Уваровская Хаҥалас улууһун аатыттан кыттар.

Акулина элбэх оҕолоох, улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбээтэ. Кэтэх хаһаайыстыбатыгар сүөһү, бараан, коза, дьиэ көтөрүн араас көрүҥүн иитэр. Нэһилиэккэ сибэкки арааһын, отонноох мастары үүннэрэр уопуттаах биир биллэр оҕуруотчуппут буолар. Сайылыгар сайыҥҥы өттүгэр мини-зоопарка тутан үлэлэтэр. Бу көрүҥ оҕолор сайдыыларыгар олус туһалаах: кырачааннар кус-хаас, көтөрдөр ортолоругар сылдьан үөрэллэр-көтөллөр, илиилэринэн көтөрдөрү тутан-хабан уоскуйаллар, айылҕаны кытта алтыһаллар. Бу доруобуйаларыгар хааччахтаах, ордук бытаан сайдыылаах оҕолорго олус туһалаах терапия буолар. Уваровскайдар сайылыктарыгар дьон кэлэн сынньанан барарыгар бары усулуобуйаны тэрийэллэр.

Маны таһынан Акулина кэргэнинээн Александрдыын приемнай дьиэ кэргэн диэн статустаахтар. Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтиттэн оҕолору ылан иитэллэр, сайыҥҥы сынньалаҥҥа эмиэ оҕолор кинилэргэ кэлэн олороллор, үлэҕэ-хамнаска көмөлөһөн, оттоһон, бэйэ эт-үүт аһын амсайан сайын устата улааталлар, үлэнэн иитии оскуолатын ааһаллар. Уваровскайдар оҕону иитиигэ норуот методикатын, үлэнэн иитиини тутталлар, оҕолоро, сиэннэрэ олус сүрэхтээх үлэһиттэр, бары көмө дьон.

Дьиэ хаһаайына Александр айылҕаттан талааннаах музыкант, култуура эйгэтигэр үлэлиир, онон оҕолоро ыллыыллар-туойаллар, кэрэҕэ-үтүөҕэ үөрэнэллэр.


Ыал ийэтэ Акулина асчыт ааттааҕа — оҕуруот аһыттан араас кэнсиэрбэлэри, бэйэ этиттэн ыыһаммыт халбаһы, сосиска, ыһаарыы эт оҥорор, баҕалаах дьоҥҥо маастар-кылаас ыытар. Аны туран, тарбаҕар эмиэ талааннаах — олус үчүгэйдик баайар, араас оҥоһуктары оҥорор, кыралаан уһанар даҕаны.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, куонкуруска бэйэҕит куоласкытын Акулина Уваровскаяҕа биэрэн өйүөххүт диэн бигэтик эрэнэбит.

«Ньургуһун» түмсүү, Нөмүгү нэһилиэгэ.