2019 сыллаахха улууһум “Хаҥалас” хаһыатыгар «Гиирэ спордун хайдах сайыннарабыт?» диэн улуустааҕы күрэхтэһии кэнниттэн суруйа сылдьыбыттааҕым. Ол күрэхтэһиигэ Үөдэйтэн кэргэннии Оксана уонна Андрей Петровтар түөрт оҕолоруттан саамай кыра уолларын Андрейканы көтөхпүтүнэн күрэхтэһэ кэлбиттэр этэ. Оччолорго спорт эйгэлээх ыаллар Үөдэйгэ «Сахаэнерго» АУо производственнай киинигэр үлэлииллэрэ. Ити күрэхтэһиигэ ыал аҕата Андрей ыйааһыныгар 2-с миэстэ буолбута, оттон кэргэнэ Оксана бастаабыта.
Үөрүүлээх сонун Чувашия өрөспүүбүлүкэтиттэн кэллэ. Чебоксарыга гиирэ спордугар бэтэрээннэр ортолоругар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии муус устар 5-6 күннэригэр буолбут. Саха сириттэн 5 киһи, ол иһигэр Хаҥалас улууһуттан Оксана Петрова уонна Нөмүгүттэн Леонид Афанасьев кыттыбыттар. Барыта 53 эрэгийиэнтэн 348 спортсмен помостка тахсыбыт. Оксана 63 кг ыйааһыҥҥа күрэхтэспит. Уһун цикл диэн дьиссипилиинэҕэ 16 кг гиирэни 50-на өрө анньыбыт уонна рывогу 125 оҥорбут. Онон икки көрүҥҥэ инники тахсан, гиирэ спордугар Хаҥалас дьахталларыттан бастакынан гиирэ спордугар федерация (ВФГС) маастарын нуорматын толордо.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Оксана бастаан хайыһарынан, онтон сүүрүүнэн, волейболунан, мас тардыһыытынан сөбүлээн эрчиллибит. Билигин Оксана Романовна Үөдэй орто оскуолатын физкультура учууталынан үлэлиир уонна оҕолору гиирэ спордугар эрчийэр.
Уйбаан УЙГУУРАП.