Ил Дархан биллэрбит 5 Сыллара Хаҥаласка фестивалынан  арылынна

Быйылгыттан  «Оонньоо, хормуоска! Ыллаа, частушка!»  фестиваль  бу бүтүн россиятааҕы  дьоһун хамсааһыны  иилээбит-саҕалаабыт биһиги биир дойдулаахпыт общественнай-политическай диэйэтэл Анатолий Добрянцев аатынан  аатынан   ыытыллар буолла.   Ааспыт субуотаҕа «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр тэрээһин норуот  бырааһынньыгар кубулуйда, саҥа талааннарга суолу тэллэ.

Биллэрин курдук, Хаҥаласка үс үйэттэн ордук саха,  нуучча, атын да омуктар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьан үлэлээн-хамсаан  эйэ-дэмнээхтик  сомоҕолоһон олороллор. Төхтүртэн Иһит сэлиэнньэтигэр дылы Иркутскай-Дьокуускай почта суолун  ыстаансыйалара ыраахтааҕылаах Россия саҕаттан тэриллэн бу хотугу  сири  дойдубут киин  күбүөрүнэлэрин кытары  ситимнииллэрэ. Дьаам дьоно бэйэлэрин   үгэстэрин, култуураларын илдьэ кэлэн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри  ыччаттарыгар иҥэрэн,  харыстабыллаахтык сайыннаран  сылдьаллара  ытыктабылы үөскэтэр. Биһиги дьоммун саҕалааһыннарыттан күөдьүйбүт дьоһун хамсааһын билигин Россия таһымыгар тахсан  үгүс батыһааччылардаах буолла, историктар, этнографтар, фольклористар, туристар болҕомтолорун кытары тарта.

Итини  барытын бэлиэтээн туран, улууспут баһылыга Олег Иринеев Дьаам култууратын 5 Сыллара саҕаламмыттарынан сааланы толору мустубут дьону истиҥник эҕэрдэлээтэ, Анатолий Добрянцевпыт туһунан олус истиҥ, киэн туттуу тылларын  эттэ, ытыктыыр киһибитин өрүү өйүү сылдьыбыт, билигин даҕаны сырдата сылдьар СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин солб.  Александр Жирковка. дьоммут-сэргэбит аатыттан  махтал тылларын эттэ.   Дьаам култууратын биэс сыла саҕаламмытынан  кэрэ тыллары хаҥаластарга  СӨ култуураҕа уонна духубунаска миниистирэ Афанасий Ноев, тас сибээстэргэ миниистири солб, Татьяна Пяткина, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солб. Афанасий Владимиров, Уус Маайаттан ыалдьыт, улуус баһылыгын солб. Софья Александрова, «Потомки государевых ямщиков» общественнай тэрилтэ салайааччыта  Ирина Стеркаловская о.д.а. анаатылар.

Нуучча омук  дьаамсыктарын култуурата

Саха сиригэр  харыстаныллан хаалбыта   эриэккэс!

Бу хотугу кыраайга дьаам дьоно ыраахтааҕылаах Россия кэмигэр  үгүстэрэ  баҕа өттүлэринэн кэлбэтэхтэрэ да буолуо. Ол эрээри  хара үлэҕэ үөрүйэхтэрэ, сырдыкка, билиигэ тардыһыылара улахан буолан, ону сэргэ олохтоох дьон киһилии сыһыаннара олохтоохтук олохсуйарга көмөлөстөҕө. Онно,  биллэн турар, ырыалара, үҥкүүлэрэ,  төрүт үгэстэрэ күүстээх санааларыгар  тирэх буоллаҕа. Бу 22-с төгүлүн ыытыллар фестиваль ону өссө төгүл бигэргэттэ!

Быйылгы фестиваль миигин сөхтөрдө. Ырыаны, үҥкүүнү туруорааччылар, толорооччулар,  музыканан доҕуһуол, сыанаҕа туттуу-хаптыы култууратын таһыма үрдээбитэ үөртэ.   Фольклорнай кэлэктииптэрбит көстүүмнэрэ бэркэ сэргэхсийбитэ  кытары астыннарда. Онтон кыттааччыларбыт идэтийбит артыыстар буолбатахтар эбээт — үлэҕэ-хамнаска эриллэ сылдьар боростуой дьон. Обществаны салайааччы Ирина Стрекаловская бэлиэтээн аһарбытыныы, быйыл болҕомто оҕо, ыччат кэлэктииптэрэ баар буолууларыгар ууруллубута көстөр. Оҕо уһуйааннарын кып-кыракый иитиллээччилэрэ аан бастаан киэргэнэн-сиэмэнэн уотунан-күөһүнэн чаҕылыйа оонньуур сыанаҕа тахсан  ыллаабыттара-туойбуттара, хамсаммытара бу үчүгэйин. Обургу оҕолор ансаамбыллара баар буолта эмиэ кэрэхсэбиллээх. Бу дьоммут салгыы киэҥ суолу булларыахтара эбээт  хатыламмат дьаам култуурата   салҕанар айаныгар.

Быйылгы фестивалы бу хамсааһыны аан бастаан төрүттээбит  фольклорнай ансаамбылларбыт Сиинэттэн Лидия Яйлиан салайар «Реченька», Үөдэйтэн Галина Скрябина дьарыктыыр  «Вечорка»   норуодунай кэлэктииптэрэ ырыаларынан саҕалаатылар.  Хормуоскаһыттар Василий, Клим Филипповтар, Винокур Асекритов, Михаил Золотарев хара ааныттан былааһы ыллылар. Тиит Арыыттан Людмила Федорова салайар «Ленские зори», Покровскайтан Анастасия Павлова «Ямщицкий перезвон», Мохсоҕоллоохтон  Валентина Петрова «Бубенцы над Леной»,  Булгунньахтаахтан Геокла Петрова  «Сударушка», Бэстээхтэн Галина Сергеева өссө биир «Сударушката», ону сэргэ Уулаах Аантан Людмила Петрова «Долинушка», Кытыл Дьураттан «Журинка», оҕолорбут Покровскайтан Нина Трескина «Санрайс» кэлэктиибэ, «Сардаана» уһуйаантан Лилия Григорьева дьарыктыыр кырачааннарын «Васильки», Кытыл Дьураттан  Таисия Лотова  «Радужные бубенцы» бөлөхтөрө о.д.а. ырыа арааһын толордулар. Истэ олорон көрөөччүлэр сорохторо толорор кэмнэригэр тулуйбакка  туран үҥкүүлээн тэйдилэр. Бары тэрээһиннэрбитин өйүүр Дьокуускайтан  ыалдьыттарбыт — Ирина Стрекаловская «Ямские бубенцы» ырыа,  Ирина Егорова айбыт «Ярилов день» үҥкүү ансаамбыллара киһи кутун туттулар.

Мин сонун кэлэктииптэри  Дьэртэн «Долинушканы», Дьокуускайтан «Ярилов день» ансаамбыллары олус сэргии көрдүм. «Яриловтар» идэтийбит үҥкүүһүттэр курдуктар,  үҥкүүлэрин туруоруута сонуна,  толорор техникалара үрдүгэ сүрдээх — уус-уран кэлэктииптэргэ холобур буоллулар — биэс уол,  уон кыыс биир киһи курдук хамсаналлара, көтөллөрө-дайаллара  көрүөххэ эчи кэрэтин. Кэнсиэр кыттыылаахтарын репертуардара баайын көрдөрдө. Урукку биһиги улууска биллэр олус таптаан истэр, барыв дьаамнарга тарҕаммыт  норуодунай ырыалары кытары уустук соҕус тиэмэлэрдээх, толоруулардаах сонун, сэдэх ырыалар баар буолтара  фольклору чинчийэн үөрэтии ситимнээхтик барарын этэр.  Бу киэһээбитин хормуоскаһыттарбыт киэргэттилэр  — үөһээ ахтыллыбыттары сэргэ Дьураттан Сергей Петров, Тойон Арыыттан Валерий Варфаломеев о.д.а.  Ону сэргэ бүппэт көрдөөх частушкалаах Зинаида Добрянцева Бэстээхтэн кэлэн икки тылынан ыллаан үөртэ-көтүттэ. Фестиваль кэнсиэрин  кытыл-дьуралар 17 киһилээх «Журинка» ансаамбыллара норуот ырыатын  ньиргиччи ыллаан  түмүктээтилэр. Киэһэтин  үгэскэ киирбит дьаам дьонун посиделкалара тэриллэн көр-нар салҕанна.

Таарыччы этэр буоллахха…

Бу киэһээ Үөдэйтэн  «Вечорка» култуура киинин дириэктэрэ Евдокия Асекритова  «СӨ култууратын туйгуна» аат иҥэриллэн докумуоннарын, бэлиэтин тутта. Покровскайтан Раиса Бянкина СӨ култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин Бочуотунай Грамотатынан, Бэстээхтэн Валентина Хожджава Махтал суругунан, элбэх киһи улуус дьаһалтатын, «Потомки государевых ямщиков» общество  о.д.а. наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр.

Дьаам  дьонун хатыламмат култууратын 5 Сыллара саҕаланна.

Людмила Аммосова.