Покровскай куорат сирин-уотун топонимиката

XXI үйэ дьоно, биһиги,  олорор сирбит ааттарын төһө билэбитий, түҥ былыргыттан кэлбит сир аатыгар төһө харыстабыллаахтык сыһыаннабытый?

Покровскай куорат 342 сыл устата Эргис сиригэр туран кэллэ. Кини сирэ-уота быһаччы ытык сирдэр ааттарын кытта сибээстээх.

Өбүгэлэртэн кэлбит ааттар, күннээҕи олоххо туттуллубат буоллахтарына, сүтэр-симэлийэр кутталлаахтар.    Ону ааһан, сир ааттарын араастаан иэҕэн, уларытан аныгы каартаҕа киллэрэллэр . Онон Покровскай куорат –Эргис сиригэр турарынан, олорор сирбит былыргы  ааттарын үөрэтиэххэ, ырытыахха, сөргүтүөххэ.

Эргис нэһилиэгэ дириҥ силистээх-мутуктаах, устуоруйалаах. Бу бүтүн Хаҥалаһы баһылаан-көһүлээн олорбут айыы ойууна Эргис үс үйэ анараа өттүттэн аҕа ууһун тэнитэн олорбут сирэ буолар. Кини аҕыс-тоҕус уолаттара бу киэҥ сири ааттарын ааттатан олорбуттара. Оччолорго Эргис нэһилиэгэ киэҥ сиринэн тайаан сыппыт. Бэстээх үрэҕинэн,  алаастарынан, билиҥҥи Покровскай сиринэн Хоруол Тумуһунан өрүһү кыйа ыраахха диэри субуллара, Нөмүгү Тииттээҕинэн, ходуһаларынан Дьэр нэһилиэги кытта быысаһара. Арҕаанан  кэлин 2–с Эргис диэн ааттаммыт Горнай сирин сороҕо киирэрэ.Ити сирдэр ааттара 1897с. Бүтүн Россиятааҕы биэрэпискэ 1-кы Эргис нэһилиэгэр сурулла сылдьаллар.

,,Первая Всеобщая перепись I Эргитского наслега Западно-Кангаласского улуса

Бу биэрэпис түмүгүнэн I Эргис нэhилиэгэр 847 киhи олорор эбит. Онтон 437 эр киhи, 410 дьахтар, 28 сиринэн алааhынан аҕа уустарынан түөлбэлээн олорбуттар.

  1. Курдахъ     — 28 муж., 24  жен.
  2. Кюреляхъ                 — 11/10
  3. Хара Атыръ     — 2/5
  4. Янтанан оесъ     — 101/92
  5. Титтяхъ       — 49/50
  6. Дылба       — 4/1
  7. Садахъ ыябытъ              — 11/6
  8. Кытылъ   — 14/17.
  9. Мэникъ   — 5/5
  10. Эбэ   — 4 /5
  11. Билиляхъ              — 3/2.
  12. Аласъ саhылъ — 7/10
  13. Булунъ келъ — 8/9
  14. Аларъ   — 5/7
  15. Дивахай              — 5/10.
  16. Дерана              — 19/15.
  17. Бясъ келъ — 14/15.
  18. Кылъ-бастахъ     -9/4
  19. Дебургуръ — 6/3
  20. Элгацы   — 6/3
  21. Оесь баса               — 5/2
  22. Кепетяхъ               — 9/6
  23. Краанай               — 9/6
  24. Толонъ   — 8/15
  25. Манхара   — 10/10
  26. Арагастахъ — 21/18.
  27. Дугда   — 7/8
  28. Кердюгянь — 38/39.
  29. Бетёгёстяхъ — 19/20

 (Хара шрибинэн бэлиэтээтим билигин туттуллар сирдэр ааттара, курсиывынан- Горнай сирэ билигин)

1929 с.1-кы Эргискэ И.Г.Петров-Сото-Көрөр диэн сээркээн сэһэнньит олорбут. Киниттэн саҥа учуутал буолан улэлээн эрэр 21 саастаах Георгий Гермогенов Эргис нэhилиэгин төрүччүтүн оҥорбут. “Тетрадь №1. Родословная граждан 1 Эргитского наслега Западно-Хангаласского улуса Якутской АССР. Составил Георгий Гермогенов со слов гр-на того же наслега И.Г. Петрова – Сото Көрөр. 1929 год. Июля   25-26 дня. Сайылык “Кытыл” диэн суруктаах тэтэрээт Гуманитарнай институт архивыгар харалла сытар.

Г. Гермогенов Эргис нэhилиэгин дьонун төрүччүлэрин Айыы ойууна Эргистэн таhааран аҕа уустарынан оҥорбут. Аҕа ууhун салҕааччынан уол оҕо буолар. Кини суруйарынан ,Эргис ойуун 8- 9 уоллаах эбит, кинилэр ааттара: Саабырыкы, Көhүөл, Нөрүҥнээн, Мэник Чооҕур, Бүкэс, Түөкэй, Мохсоҕол, Мэник Лөгүөhэ, Аҥыр Бөппөлөөх. Хас биирдии уолун тус- туhунан сирдэргэ олохтообут. Саабырыкыны – Кытылга, Нөруҥнээни – Аларга, Мэник Чооҕуру – Саадах Ыйаабыкка, сорохторун Бэс Күөлунэн, Сыҥаhалааҕынан.

Гермогенов Никифор Петрович -Чохооной Микииппэр Эргис нэhилиэгэр кинээстээбит. Киниттэн «Кинээс ууhа” саҕаланар. Кини оҕолоруттан 23 сааhыттан Арҕаа Хаҥалас кулубатынан олорбут Александр Гермогенов — Табысхаан кулуба Саха сирин үрдүнэн биллэр кулуба этэ. Киниэхэ сыһыаннаах дойдубутугар “Кулуба сайылыга”, “Кулуба суола” диэн топонимнар хаалбыттар.

1917 сылга диэри Эргис дьоно аҕа уустарынан төрөөбүт түөлбэлэригэр олорбуттара. Аҥыр Бөппөлөөх удьуордара Гермогеновтар олохторо- Хоптолоох, Хараанай. Күөрэгэйтэн төрүттэээх Павловтар сирдэрэ- Даабыдах. Владимировтар-Сыҥаһалаахха.  Саабырыкыттан Константиновтар, Ларионовтар- Кытылга олохсуйбуттар.Мэник Чооҕур удьуордара Никифоровтар, Григорьевтар- Саадах Ыйаабыкка, Лох диэн алааска олорбуттар. Нөрүҥнээн удьуордара Васильевтар Алар киэҥ сыһыыларынан олохсуйбуттар. Онон Эргис сирэ-өбүгэ сирэ.

“Геометрический план Якутской области и округа Эргитского и Немюгинского наслегов Западно-  Кангаласского улуса. 1892 год»    (НГА РС(Я)

Бу каартаҕа Эргис уонна Нөмүгү нэһилиэктэрин ходуһа, күөллэр,үрэхтэр тула мэччирэҥ сирдэрэ киирбиттэр. Ону кытта дьон олорор балаҕаннара алаастарынан, ходуһаҕа бэлиэтэммиттэр. Күөллэр,үрэхтэр ааттара суруллубуттар.

Бу сирдэргэ эргистэр билиҥҥи Покровскайтан арҕаа алаастарга олорбуттар. р. Аллахская (Ааллаах үрэх),  Атчыгый Кылбастах ( Аччыгый Кылбастах күөл), Улахан Кылбастах күөл ааттара суруллубут. Манна 30 балаҕан көстөр, бурдук бааһыналардаахтар. Саадах Ыйаабыкка (9 балаҕан бэлиэтэммит), Лох мэччирэҥнээх сирэ көстөр  .Хатын , Бестях үрэхтэринэн Нөмүгү сирин            кытта быысаһаллар.

Покровскай сирэ-уота

Покровскай аата 1682  сылтан ааттанар- бастаан часовня, (1709 с- Пустынь с церковью во имя Покрова Пресвятой богородицы, 1730, 1793 гг. Покровская церковь) таҥара дьиэтэ Эргис сиригэр тутуллуоҕуттан.

2-с Камчаткатааҕы экспедиция (1732-1743)  чинчийээччилэрэ Өлүөнэ өрүһүнэн устан иһэн туох баар үрэхтэри, өрүс арыыларын, биэрэгинэн- аҕыйах ахсааннаах сахалар тутан олорор дьаамнарын суруйан ааспыттар. Ол саҕана сахалар өрүс биэрэгинэн олохсуйбаттара, үөһэ быйаҥнаах алаастарынан сүөһү-ас ииттэн олордохторо. Арай Хаҥалас сиригэр (Бестях-уряк, на устье сей речки есть ямской станок, которой содержит якуцкий служивой человек с якутами), онтон билиҥҥи Покровскай турар сиригэр Таҥара дьиэтин, хаһаайыстыбаннай тутууларын таһыгар 4 балаҕаҥҥа саҥа сүрэхтэммит сахалар олороллорун бэлиэтээбиттэр.

“Аллак Урях (Плотовая речка) течет в Лену с левой стороны. Вышла в      30 верстах из хребта.

Покровской монастырь на левом берегу Лены. Здесь была церковь во имя Покрова….В 1734 г.оная церковь сгорела и ныне строится здесь новая церковь, а кроме того имеются в монастыре строения одна келья о о двух жилах, хлебня, два анбара, погреб, а за монастырем скотной двор, два двора…, да 4 юрты, в которых живут новокрещенные якуты.

В 15 верстах есть падь Улаг-ана, а против над оной падью ямской станок, которой содержит якуцкой служивой человек и якуты»

(А.Н. Шишигина “Научное изучение Якутии  в XVII веке по материалам Второй Камчатской экспедиции” (1732-1743 гг.) стр.292)

Ити курдук Өлүөнэбит биэрэгэр үс эрэ сиргэ дьон олохторо көстөр. Үрдүк сыырдара тыанан бүрүллэн турдахтара.

Ааспыт үйэлэргэ Таҥара дьиэтэ сыыйа тулалыыр сирин Эргис, Нөмүгү , Дьөппөн сирдэриттэн хаҥатынан испит. Ол барыта сөбүлэһиилээх курдук буолбутун да иһин, олохтоохтору кытта иирсээннээх буоларын архыып докумуоннара кэпсииллэр.

 «Доверенность, данная родовичами Эргитского наслега Западно-Кангаласского улуса сородичу своему Денису Константинову июня1870 г.

В прибытии определенного дня обмежевания земель Священно-Церковно-служителям Якутского округа Покровской церкви землемера Сороковикова изъ дачъ и пустоши, принадлежащих наслегу Эргитскому от смешанных владычествах отводить и при отводах полюбовно с ними разводиться и полюбовно разводы подавать» (в случае несправедливости)

При этом сородичи уверяют, что «их ученик впредь спорить и прекословить не будет» «к сему руку приложил вместо родовичей якут Архип Федоров».

1850 с. Покровскайга  почта станцията төрүттэнэр.Бастаан 10, онтон 20 дьаамсыктар олорор дэриэбинэлэрин түмэр, салайар  волостной управалааах. 1881 с. Покровскайга 6 дьиэ, барыта   23 киһи олорбут.Таҥара дьиэтин иһинэн үс кылаастаах, 11 үөрэнээччилээх оскуола аһыллар. Эргис, Нөмүгү, Уулах-Аан дьоно таҥара дьиэтигэр сүрэхтэнэ кэлэллэр, атыыһыттар лааппы арыйаллар.Сыыйа Покровскай киин сиргэ кубулуйан барар. Манна Эргис нэһилиэгин  араас сыылынайдара олороллор (Поселенцы Эргисского наслега диэн архыып докумуонугар суруллубут).

Өрөбөлүүссүйэ кэннэ 1917 сыллаахха  Покровскайга 98 киһи олорор,Кинилэр  20 хаһаайыстыбаны тэринэн олороллор,  69 дэһ. бааһына, 118 дэһ. ходуһа сирдээхтэр.

1930 с. “Пахарь” диэн артыал тэриллибит, ол кэннэ ТСОЗ  «Покровка”  .

Покровскай холкуоһа

1937с.  С.Орджоникидзе аат. холкуос тэриллэр. Манна Эргис дьоно,  Саадах Ыйаабыт, Лох олохтоохторо чилиэнинэн киирэллэр. Ону кытта Покровскай бааһынайдара. Председатель Антон Иванович Припузов.

Покровскай холкуоһун туһунан Анисимова Мария Михайловна, норуот маастара, ахтыы суруйан хаалларбыта.

“Мин 1935с. Эргис нэһилиэгэр төрөөбүтүм,  оҕо сааһым Саадах Ыйаабыкка ааспыта. Ити  ийэм Давыдовтар төрүт түөлбэлэрэ эбит. Кыра дэриэбинэ этэ. Билигин “Дэлэгэй” комбикорм собуота турар. Лох, Саадах Ыйаабыт, Туора Кытыл диэн чугас-чугас турар эргистэр түөлбэлээн олорор сирдэрэ бааллара..Саадах Ыйаабыттан чугас Кыыл Бастаах диэн дэриэбинэҕэ барар этибит. Алар диэки барыыга үрүйэни туораатахха. Ол сири Туора Кытыл диэн ааттыыллара.

Биһиги дьоммут Покровскай холкуоһугар үлэлииллэрэ. Бу бэйэтэ сирдээх-уоттаах, оттуур ходуһалаах, фермалаах, киэҥ бааһына сирдээх -чиргэл хаһаайыстыба этэ. Холкуос фермата Кулуба сайылыгар баара. Отторун Арыы Баһыттан тиэйэллэрэ… Бурдук бааhыналара билиҥҥи баанньык турар сиринэн, налоговай миэстэтинэн («Арыгы Буhарбыт» диэн ааттанара), ГАИ оннунан бааллара.  Оҕуруот бааhыналара билиҥҥи «Эркээни» остолобуойунан Таҥара дьиэтигэр тиийэрэ, урукку универмагынан эргийэн. Оҕуруот биригэдьиирэ Ефимова Анна Ивановна этэ… 1949 холкуос үрэллибитэ, Саадах  Ыйаабыттары Маалтааны холкуоһун кытта холбообуттара, сорохтор  Покровскай олохтоохторо буолбуттара.

Ити курдук биhиги төрүт түөлбэбит, Саадах Ыйаабыт, ааттыын симэлийэн, сирэ-уота бүтэйэ оhон, умнууга хаалбыта ыраатта. Арай холхуос буола сылдьыбыт бэлиэтэ – Колхознай диэн уулусса баара…»

Покровскай куорат территорията  саҥа үйэҕэ Эргис сиригэр-уотугар улаатан сайдан кэллэ. Билиҥҥи каартаҕа көрдөххө,  былыргы ааттар куорат тыатын диэки бэйэлэринэн ааттаналлар. Кулуба хаспаҕа (Кулуба сайылыга), Толоон, Хара Атыыр, Ойуун күөлэ, Хоптолоох, Бэстээх үрэх, Хатыҥ үрэх, Саадах Ыйаабыт.  Кыыл-Бастаах. Ити курдук түҥ былыргы Эргис сирдэрин сорох ааттара билигин да умнуллубакка тиийэн кэллилэр. Ол көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэр сүдү ааттар

Ол гынан баран урукку ааттар сүтэр, симэлийэр кутталлаахтар. Олох сайдыытынан атыннык ааттанан, каартаҕа суруллан биллэр ааттар тосту-туора уларыйаллар. Лепромхоз (урукку Лох), Покровка (Сиэллээх үрэх), Марьюшкино озеро- Кураанах күөл ( билиҥҥи Кыл-Бастах). СОТ Эргис-1,Эргис-2 (Кытыл), СОТ Ааллаах (Сталинка).  Ону кытта дьон  ааттаах сирдэр баар буолбуттар. Федот пашнята, Аргунова заимката… Притузов А.И. аат.уулусса (Колхознай уулусса ).

Аныгы каартаҕа Ааллаах үрэхпит тосту-туора “Аллах” диэн суруллубут. Төрүт сирдэр ааттарын умнуу туохха тиэрдэрин историческай наука кандидата Петров П.П.этиитин уларыппакка киллэрэбин: «если мы разрушаем старину, стираем с карты исторические названия, мы уничтожаем генетический код нашей исторической памяти. Ведь не в последнюю очередь  и через имена воспитывается любовь к своей малой родине, желание служить ей, чувство гордости за славным наследием предков»

Федорова Раиса Викторовна, кыраайы үөрэтээччи.