Хаҥалас улууһун инбэлиттэрин уопсастыбатын чилэннэрэ Өктөмтөн, Төхтүртэн, Уулаах Аантан, Мохсоҕоллоохтон, Покровскайтан, Булгунньахтаахтан мустан кэрэ айылҕалаах Бөртө сиригэр кэлэн ыалдьыттаан бардылар.
Ульяна Архипова салайааччылаах «Мир без границ» түмсүү Улахан Ааҥҥа киириигэ турар «Дьөһөгөй» стелаҕа саламааттаах алаадьынан ыалдьыттарбытын көрүстүбүт. Онтон таастаах кытылбыт үрдүгэр илдьэн нэһилиэкпит историятын, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын социальнай педагога, нэһилиэк общественнай сэбиэтин салайааччыта Парасковия Максимова кэпсээн сырдатта. Ол кэннэ «Дьөһөгөй оҕото», Александр Самсонов-Айыы Уолун музейдарыгар сырыттыбыт.
С.А. Григорьев аатынан «Аан Аартык» Култуура киинигэр тиийэн олохтоох модельнай бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ Альбина Трифонова бэлэмнээбит «Өркөн өй» оонньууга күрэхтэстибит, онтон итии чэй иһэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, астына-дуоһуйа кэпсэтэн сүргэбит көтөҕүллэн дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Бу күн ылбаҕай ырыаларын бэлэх үүммүт нэһилиэкпит киэн туттар ырыаһыттарыгар Зоя Тимофееваҕа, Саргылаана Соломоноваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Римма Черемкина,
«Аан Аартык» КК түмсүүлэрин салайааччыта.