Өктөмҥө Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр быйыл тэриллибитэ 5 сылын туолар “Арылы кустук” самодеятельнай худуоһунньуктар түмсүүлэрин талааннаах дьоно Раиса Охлопкова, Иван Христофоров, Анатолий Лиханов быыстапкаларын мустубут дьон олус сэҥээрэ, астына көрдүлэр. Былырыын Үлэ сылынан «Өктөм» совхоз чулуу үлэһиттэрин мэтириэттэрин уруһуйдаан үйэтиппиттэрэ. Быйыл ол дьоммутун өйдөөн-санаан, ахтан аһардыбыт. Хайдах курдук туруу үлэһит дьон норуот, Ийэ дойдубут туһа диэн бэйэлэрин харыстаммакка үлэ үөһүгэр сылдьыбыттарын сөҕөҕүн эрэ. Манна даҕатан, РСФСР чулуу рационализатор Василий Николаевич Исаков олоҕуттан дьүһүйүүнү Өктөм норуот тыйаатырын артыыстара итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр.

Николаев-киин салайааччыта Юрий Семенов «Өктөм сайдар саҕахтара» диэн истиҥ аһаҕас кэпсэтиини салайан ыытта. Нэһилиэк сайдарын туһугар хас биирдии салайааччы, олохтоох бэйэтиттэн саҕалыахтааҕын чорботон бэлиэтээтэ. Нэһилиэкпит аҕа баһылыгын э.т. АкулинаМаксимова нэһилиэк сайдар кэскилин, былаанын кэпсээтэ. Ол кэнниттэн аһаҕас кэпсэтиигэ Аркадий Лиханов туран, ыытыллар тэрээһиннэргэ нэһилиэк дьоно көҕө суоҕун, биир сыал, идея тула дьону мунньар уолдьаспытын эттэ.

Орто оскуола дириэктэрэ Калиста Афанасьева: “Нэһилиэк дьонунан киэн туттуохха, кинилэри сөптөөх кэмҥэ өйөөн, өйдөөн кэпсэтиэххэ. Элбэх сквердэри оҥоруохха, дьон сынньанар усулуобуйатын тэрийиэххэ. Өктөмҥө киирэр суолга бүтүн нэһилиэги сырдатар, кини туох аналлааҕын өйдөтөр стелла оҥоруоххайын, дьон өйүө этэ”, — диэн бэйэтин санаатын тиэртэ. Быйыл Калиста Федосьевна Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт дириэктэрдэр күрэстэригэр биэс бастыҥ дириэктэр аатыгар киирэн кыайыылаах үрдүк аатын ылбытынан, нэһилиэк дьоно үөрэн-көтөн эҕэрдэлээтилэр.

Урбаанньыт Александр Захаров: «Нэһилиэкпит сайдарыгар биһиги бары кыһаллыахтаахпыт. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллан, нэһилиэк киинигэр урукку тутуулар көтүрүллэн араас атын уопсастыбаннай дьиэлэр тутуллан, нэһилиэк көрүҥүн киэргэтиэ этилэр. Бары бииргэ сайдар суолга киирэргэ харчы хомуйан, бэйэбит күүспүтүнэн саҕалыахха баар этэ», — диэтэ. Уопсастыбынньык Петр Исаков: «Эдэр ыччаты төһүү күүс оҥоруохха, хамсатыахха. Атын нэһилиэктэргэ итэҕэл балаҕаннара тутуллалларын көрө-көрө ымсыырабыт. Биһиги да балаҕаны бэйэбит күүспүтүнэн туттуохпутун син этэ, онно санаабытын ууруоҕуҥ», — диэн эппитин дьон ытыс тыаһынан биһириирин биллэрдэ.

​Салгыы «Мин дойдум – Сахам сирэ» квиз-оонньуу нэһилиэк бары араҥатын хабан ыытылынна. Манна 3 хамаанда кытынна. Хас биирдии хамаандаҕа депутат, 2 учуутал, 2 үөрэнээччи, уопсастыбанньык, олохтоох дьаһалта үлэһитэ, устудьуон – барыта 8 киһи илин-кэлин түһүстүлэр. Оонньуу 3 түһүмэхтээх буолла: бастакы түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ тэриллиитин туһунан боппуруостар, иккис түһүмэххэ хамандыырдар чаҕылҕан эппиэттэрэ, үһүс түһүмэххэ Хаҥалас өрөгөй ырыатын тылын төһө билэллэригэр куоталастылар. Түмүккэ депутат Андриан Белолюбскай хамандыырдаах үһүс хамаанда кыайыы өрөгөйүн биллэ.

Мустубут дьон Өрөспүүбүлүкэ күнүн олус сонуннук ылбыттарын бэлиэтээтилэр. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын биллэрэбит. Маннык куруутун түмсүүлээх, тэрээһиннээх буолуоххайыҥ, өрөгөйдөөх Өктөм дьоно-сэргэтэ!

Федора Фомина