Уулаах Аан урукку почта станциятыгар истиҥ көрсүһүү буолла

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин түөрт оройуонугар  Дьаам култууратын  5 сылын биллэрбитэ.
Бу дьаһал чэрчитинэн Хаҥалас улууһугар Уулаах Ааҥҥа Дьокуускайтан «Потомки государевых ямщиков» общественнай  тэрилтэ актыбыыстара кыттыылаах төгүрүк остуол тула дьоһун кэпсэтиилээх, эҕэрдэ кэнсиэртээх, сэлиэнньэҕэ тутуллан эрэр «Үс сэргэ» аһаҕас халлаан анныгар комлекска экскурсиялаах истиҥ көрсүһүү буолла.

Ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттары олохтоох дьон А. И. Притузов аатынан орто оскуола кыраайы үөрэтэр музейыгар  көрүстүлэр.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар ортолоругар общественнай түмсүү салайааччылара Ирина Стрекаловская, Анатолий Соколов, Василий Кулагин,  «Ямские бубенцы» ансаамбыл, Бэстээхтэн, Покровскай куораттан, Өктөмтөн дьаамсыктар сыдьааннара, Улуус депутаттарын Сэбиэтиттэн Сергей Гребнев бааллар.

Ыалдьыттар музейга дьаам историятын көрдөрөр баай матырыйаал хомуллубутунол иһигэр Россия үрдүнэн аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт чуораан баарын сөҕө-махтайа көрдүлэр, астына бэлиэтээтилэр.

Ол кэннэ нэһилиэккэ Вячеслав Спиридонов бырайыагынан тутулла турар «Үс сэргэ« аһаҕас халлаан анныгар музейнай комплекска сырыттыларчасовняҕа  тиийэн, төрүт дьонноругар ытыктабылларын бэлиэтин чүмэчи уматан туруордулар. Музей-комплекс ыччат дьоҥҥо икки култуураны үөрэтиигэ, иҥэриигэ ураты суолталааҕын ыйан туран, быйыл бу комплекска туруохтаах дьаамтан төрүттээх Припузов Моисей Дмитриевич дьиэтин көһөрөн аҕалыыга ыалдьыттар көмө буоларга бэлэмнэрин эттилэр.

Култуура киинигэр  тэрээһини үөрүүлээх арыйыыга  Ирина Стрекаловская көрсүһүү суолтатын, Саха сирэ сайдарыгар  дьаам суола киллэрбит сүҥкэн кылаатын үөрэтиигэ, дьаам култууратын сөргүтүүгэ олоҕун анаабыт, Бүтүн Россия таһымыгар таһаарбыт биир дойдулаахпыт, «Нация киэн туттуута» бириэмийэ хаһаайына Анатолий Добрянцев туһунан иһирэхтик ахтан аһарда, билигин ыытыллар үлэ туһунан сэргэхтик кэпсээтэ.
Уулаах Аан сэлиэнньэтигэр дьаам култууратын сөргүтүүгэ улахан болҕомто уурулларын, бу үһүс көрсүһүү буоларын, быйыл нэһилиэккэ тэриллибит «Долинушка» ансаамбыл  улуустааҕы фестивальга ситиһиилээхтик кыттыбытын астына бэлиэтээтэ. Дьаам култууратын сөргүтүүгэ көхтөөхтүк кыттар дьоҥҥо наҕараадалары туттарда.

Көрсүһүү кыттыылаахтара  бэлиэ күҥҥэ анаммыт «Дьэр нэһилиэгин Уулаах Аан сэлиэнньэтин  сайдыытыгар дьаамсыктар оруоллара» диэн  Төгүрүк остуолга көхтөөхтүк  кытыннылар.
Уулаах Аан ыстаансыйатын историятын туһунан архыып чахчыларыгарөр сыллаах чинчийии-үөрэтии, көрдөөһүн, экспонаттары, докумуоннары хомуйуу үлэтин түмүктэригэр олоҕурбут дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриини кыраайы үөрэтээччи, музей салайааччыта Вячеслав Спиридонов оҥордо.

Салгыы Уулаах Аан дьаамын тэрийиини төрүттэспит  Притузовтар, Ивановтар төрүччүлэрин туһунан оскуола учуутала, буүлэнэн утумнаахтык дьарыктанар Анастасия Петрова  кэпсээнин кэлбит дьон олус сэргээн иһиттилэр. Элбэҕи биллилэр, ыйыттылар.

Дакылааттар түмүктэринэн
Дьэр нэһилиэгэ  сайдарыгар  олугу  уурбут дьонунанУулаах Аан дьаамыттан төрүттээх, 1897 сыллаахха бастакы 1 кылаастаах церковнай-приходской оскуоланы арыйбыт, учуутал, этнограф, дьаам 20 ыстаансыйатын тэрийбит Николай Прокопьевич Притузовы, сахалартан  бастакы гвардия генерал-майора, үс сэрии кыттыылааҕа Андрей Иванович Притузов буолалларын киэн тутта бэлиэтээтилэр.

Нэһилиэккэ чулуу дьоннорун үйэтитиигэ элбэх чинчийэр үлэ барбытын бэлиэтээн туран, салгыы  үөрэҕирии боппуруоһугар бииргэ үлэлииргэ, саҥа оскуола тутуутун үрдүк таһымҥа хорутуулаахтык туруорсарга баҕа санааларын эттилэр.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара нэһилиэккэ үйэтитии боппуруоһугар үтүмэн үгүс үлэ ыытылларын   бэлиэтээн туранУулаах Аан дьаамыттан аан дойду бастакы сэриитин  кыттыылаахтарын сырдык ааттарын үйэтитиигэ ананан оҥоһуллубут Өйдөбүнньүк билиитэни Кыайыы обелиһыгар көһөрөн туруорууга көмөҕө киин куораттарга  олорор, үлэлиир дьаамсыктар сыдьааннарын түмэ тардарга  эбээһинэс ылыннылар.

Нэһилиэк сайдыытыгар  икки култуураны тэҥҥэ тутар, киэҥ хайысхалаах кэпсэтии кэнниттэн, дьаам култууратын, үтүө үгэстэрин үүнэр көлүөнэ  ыччат дьоҥҥо тиэрдиигэ, уһуйууга, иҥэриигэ туһуламмыт үлэни кэҥэтэр сыалтан оскуолаҕа сыллата  ыытыллар, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбыт «Притузовскай ааҕыыларга» дьаам историятын киллэрэргэ, түмүгү таһаарарга  экспердэри «Потомки государевых ямщиков» ыҥырарга этии киллэрдилэр.

Бэлиэ күн ыалдьыттара көрсүһүүттэн олус элбэҕи билбиттэрин, историяны үөрэтиигэ сөҕүмэр үлэ ыытыллыбытын, элбэх матырыйаал хомуллубутун астына бэлиэтээн туран, Саха сиригэр тэриллибит станциялартан бастакылара уонна бастыҥнара Уулаах Аан дьаамын туһунан кинигэ хомуллан, сурукка тиһиллэн күн сирин көрөрүгэр бириэмэтэ кэллэ диэтилэр.
Көрсүһүү түмүгэр Ирина Стрекаловская 5 сыллаах үлэ былаанын олоххо киллэрии Дьэр нэһилиэгин Уулаах Аан сэлиэнньэтигэр  саҕаламмытын өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээтэ, махталын биллэрдэ уонна көрсүһүүгэ  туруоруллубут соруктар олоххо киирдэхтэринэкэлэр  өттүгэр Дьэр нэһилиэгэ  Дьаам култууратын сайыннарыы  киинэ буолуо диэн  баҕа санаатын тириэртэ.

Кэлбит ыалдьыттар санааларын аһаҕастык этэн, норуоттарын ырыатын дуораһыта  ыллаан, үөрэн-көтөн, инникигэ эрэллээх тарҕастылар.

Мария Аянитова, Уулаах Аан с.