Хаҥаластан тардыылаах Анна Никифорова бу дьоһун тэрээһини биир санаалаахтарын кытары тэрийэн бэрт сэргэхтик ыыппытын туһунан кини ийэтиттэн Светлана Никифороваттан истэн кэрэхсээтим, биир дойдулаахпыт, эдэр киһи нуучча омук түөлбэлээн олорор сиригэр өрөспүүбүлүкэбит аатын ааттаппыт омугун култууратын, үгэстэрин уонна төрөөбүт тылын тэнитэ, олохсута сылдьарынан киэн тутуннум.
Дьиҥинэн, ити форуму арыйыыга (бу саха тылыгар эрэ буолбакка, атын олохтоох омуктар тылларыгар, култуураларыгар эмиэ сыһыаннаах), видеоттан көрдөххө, Анна Юрьевна эмиэ да билинэр, билигин үгүс омуктаах Хаҥалас Покровскайыгар оҕо сааһа ааспыт киһи быһыытынан сахатын тылын олус толору билбэтин, ол эрээри билэрбит, кэнчээри ыччаттарбытыгар тириэрдэрбит, иҥэрэрбит эрэйиллэрин, оҕолорбутун төрүт тылбытын, үгэстэрбитин билэллэригэр диэн бу тэрээһин арыллан эрэрин эттэ. Олус бэрт дии санаатым, бу курдук сонун киэбинэн дьонун түмэн «Сахалыы саҥарыахха» диэн төрүт омукпут айыы тыыныгар уһуйбуттарын. Үчүгэйэ диэн манна төрөөбүт тылбыт кэрэтин умнубат туһугар уһуйуу буолта, сахалыы саҥарар дьону түмэн сылаас сыһыаны, дойду ахтылҕанын хас биирдиилэригэр биллэрбиттэрэ.
Ситэри билсиэххэйиҥ. Анна — Хаҥалас дьоно бэркэ билэр общественниктарбыт Юрий Егорович уонна Светлана Рафаиловна Никифоровтар кыра кыыстара. Кини Москватааҕы М.В.Ломоносов аатынан госуниверситеты, аспирантураны бүтэрбит геолог үөрэхтээх, АЛРОСА кылаабынай геологын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит, билигин оҕото ыалдьан, эмтэниини ааһан доруобуйатын бөҕөргөтөр туһуттан хантырааҕынан үлэҕэ көһөн сылдьар үс уол оҕолоох ыал ийэтэ. Кэргэнэ Рустам Ефремов бу тэрилтэ социальнай салаатыгар үлэлиир.
Мииринэйгэ сахалар син элбээн эрэллэринэн түмсэн, Дьокуускайтан «Күөрэгэй» хамсааһын салаатын быһыытынан «Кэрэ эйгэ« салаа тэрийэн, уон иккихайысханан үлэни көҕүлээн эрэллэр эбит. Нуучча омук түөлбэлээн олорор куоратыгар сахалыы Арчы дьиэтин тэрийэн, биир оҕо саадыгар сахалыы бөлөҕү арыйтаран, 2024 сылтан аны сахалыы тылы үөрэтэр кылаастары ситиһэн ыччаттарын төрүт тылларын билэллэригэр, култуураларын, үгэстэрин иҥэринэ улааталларыгар сыралаһа сылдьаллар. Көрөргүт курдук, ырыа-үҥкүү эрэ биэчэрдэрин тэрийиинэн муҥурдаммакка, улахан дьыаланы ылсан эрэллэрэ бу үчүгэйин!
Миигин ити форумҥа, Николай Барамыгин социальнай ситимнэргэ блогугар көрдөххө, саха дьоно кыракый оҕолорун кытары кэлбиттэрэ үөртэ, сахалыы остуол оонньууларыгар оонньоон, дьоҕус спортивнай күрэхтэргэ кыттан. Биллэн турар, инникитин оҕолор өссө да түмсүөхтэрин баҕарыахтара, төрүт култуураларын интэриэһиргиэхтэрэ турдаҕа.
Людмила Мордовская.
Хаартыскалар дьиэ кэргэн архыыбыттан уонна биһиги общ. корр. Николай Барамыгин матырыйаалларыттан.