Күндү ааҕааччыларбыт, редакция, билэргит курдук, улууспут хаһыатыгар үлэлии сылдьыбыт суруналыыс, суруйааччы, 12,5 сыл оройуон бэчээтин салайбыт редактор Исай Никифоров уонна байыаннай собуокка обургу уолчаан эрдэҕинэ снарядтары оҥорон фроҥҥа ыытарга, биһиги «Лена маяктара» хаһыаппытыгар сүүрбэччэ сыл үлэлээбит, үлэни-хамнаһы сырдаппыт суруналыыс Тимофей Тимофеев аатынан бастыҥ суруйууларга айар күрэхтээхпит.
Түмүгү таһаарыы болдьоҕор уларыйыы киирдэ. Ол курдук 2015 сыл Исай Никифоров төрөөбүтэ 110 сылынан тэрээһиннэр күүтэллэринэн кыайыылаахха бириэмийэни онно туттарар буоллубут. Санатар буоллахха, Исай Никифоров аатынан күрэҕи редакцияны кытары 5-Малдьаҕар дьаһалтата, Хаҥаластааҕы үөрэх управлениета тэрийэн ыыталлар. Суруйуу тиэмэтэ – ыччакка Ийэ дойдуга тапталы иҥэрии, чөл олоҕу тутуһуу. Онтон Тимофей Тимофеев аатынан тыа хаһаайыстыбатыгар, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга суруйууларга бириэмийэни Тимофеевтар-Ахменовтар дьиэ кэргэттэрэ туттарар. Бириэмийэни аны күһүн сэтинньигэ улууспут хаһыатын 85 сылын торумнуур тэрээһиммитигэр бэтэрээннэрбитин, общественнай кэрэспэдьиэннэрбитин түмэн туттарыахпыт. Онон, бириэмэ баар, күрэххэ кыттыҥ!
Людмила Мордовская.