«Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат» диэн өс хоһооно этэринии, ханнык баҕарар саха киһитэ төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр, нэһилиэгэр, дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөтүнэн, үлэтинэн уһулуччу дьоннордоох буолар. Маннык киһини норуота киэн тутта, сүгүрүйэ ааттыыр уонна кэнчээри ыччакка уос номоҕо оҥостон кэрэ кэпсээнигэр тиһэр. Биир оннук киһинэн биһиги Хоточчубутугар «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Варламов Андрей Николаевич, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэринэн Улахан Өндөрөй буолар.
1942 сыллаахха Андрей Варламовы олохтоохтор «Буденнай» холкуос бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Андрей Николаевич холкуоһу сэрии кэмигэр, олох-дьаһах кытаатан, сут дьыллар сатыылаан турар ыарахан кэмнэригэр тутан олорон күүстээх үлэҕэ сирдээбитэ. Оччотооҕу кэминэн«ликбез» үөрэхтээх этэ. Кэлин холкуос салайааччыларын үлэтин үрдэтинэр кууруска үөрэммитэ, бассабыык партия чилиэнэ, холкуос партийнай тэрилтэтин сэкирэтээринэн талыллан үлэлии сылдьыбыта.
Сут иэдээнин билбэтэхтэрэ
Холкуос сүрүн дьарыгынан, биллэн турар, ынах-сүөһү, сылгы иитиитэ, оҕуруот аһын, бурдугу ыһыы—хомуйуу, астааһын буолара. Кини салайар кэмигэр «Буденнай”холкуос оройуоҥҥа биир бастыҥынан ааттанара. Ону сэрии сылларыгар тахсыбыт оройуоммут «Советтар знамялара» хаһыат саһарбыт страницалара туоһулууллар. Оччотооҕу кэми, сэрии ыарахан дьылларын сэһэргиир хаһыат история кэрэһитэ буолан бэйэтэ архыып матырыйаалыгар тэҥнээх. Сэрии кэминээҕи хаһыат суруйууларыгар бэрэссэдээтэл Андрей Николаевич Варламов салайбыт холкуоһа үчүгэй үлэлээҕинэн элбэхтэ ахтыллар. Ол курдук, элбэхтэн биири холобурдаатахха, 1944 сыллаахха тохсунньу 28 күнүгэр тахсыбыт нүөмэргэ «Бастыҥнар бириэмийэлэннилэр» диэн бэлиэтээһиҥҥэ Буденнай аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Варламов аата биир бастакынан турар. Суруллубут — суоруллубат диэн этэллэринии, оччотооҕу кэми туоһулуур ахтыылартан аахтахха, Улахан Өндөрөй салайааччы быһыытынан сарсыҥҥы күҥҥэ туох үлэ ыытыллыахтааҕын, туох ситэриллиэхтээҕин эрдэттэн күн инниттэн былааннаан дьаһанар эбит. Уһуну-киэҥи толкуйдуур, сатабыллаах салайааччылаах буоланнар сэрии саамай ыарахан, кураан дьыллар сатыылаан турар кэмнэригэр Хоточчуга улахан сут буолбатах. Хаһыакка хоточчулар сааскы халаан уута кэлэн ааспытын кэннэ, арыыга, уу ылбыт сиригэр ходуһаҕа хоруу хаһан, нэчимиэн бурдугу хото ыһаннар, онтулара олус бэркэ үүнэн, икки улахан сут сыллары олохтоохтор билбэтэхтэрин, Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыттан тиийэ бурдук ыла кэлэллэрин туһунан суруйбуттара баар.
Норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ
Сэрии кэнниттэн норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрии, син биир күүстээх-көдьүүстээх үлэнэн доҕуһуолламмыта. Нэһилиэнньэҕэ дойду балаһыанньата кытаанаҕын уонна уустугун, онон сибээстээн олохтоох усулуобуйа эмиэ ыараханын өйдөтүү үлэ элбэх сыраны эрэйэрэ. Сэрии бириэмэтигэр, сэрии кэнниттэн даҕаны, сыһыыга да, арыыга да, баһаам от оттоноро, кураан дьыллар кэллэхтэринэ Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыттан элбэх отчуттар кэлэн от оттоон, сорохторо сүөһүлэрин үүрэн кэлэн Хоточчуга кыстаан бараллара. Ол дьон хойукка диэри «Варламов Андрей Николаевич диэн «Буденнай» холкуос бэрэссэдээтэлэ биһигини өйөөн, абыраан турар, аччыктыыр, хоргуйар диэни билбэтэхпит» диэн махтал тылларын эппиттэрэ кинигэҕэ ахтыллар.
Салайааччы буоларга киһиттэн ураты дьоҕур ирдэнэр, киһи майгытыгар үтүө өрүттэри, дьонум-сэргэм туһугар диэн үлэни өрө тутан, үлэлээн-олорон ааспыт Андрей Николаевич Варламов киһи быһыытынан сүрдээх холку, үтүө майгылааҕын, кыһалҕалаахха өрүү өйөбүл буоларын, дьону кытта биир уопсай тылы булан сатаан кэпсэтэрин, кинини кытта бииргэ алтыспыт дьон бэрт үтүө тылынан ахталлар. Кэлин биир дойдулаахтара кини үлэтин сыаналаан, махтанан, аатын үйэтитэн, маннык чаҕылхай, убаастанар салайааччы олорон-үлэлээн ааспыта диэнХоточчу биир уулуссатыгар Өндөрөй (улица Андрея) аатын иҥэрбиттэрэ.
Ону таһынан Андрей Варламовы эт-хаан өттүнэн кыанар, быһый киһи этэ, эдэригэр ыһыахтарга сүүрүүгэ кыттара, иннигэр кими да быһа түһэрбэт буолара дииллэр. Ону эмиэтуоһулуур 1944 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүгэр бэчээккэ тахсыбыт оройуон хаһыата. Онно сурулларынан, бэс ыйын 24 күнүгэр 1-кы уонна 2-с Дьөппөн, Нөөрүктээйи нэһилиэктэринээҕи холкуостар холбоһуктаах ыһыахтара буолбут. Атах-илии оонньуутугар Андрей Варламов бастаан бириис ылбыта ахтыллар.
Туйаҕын хатарар дьоннордоох
Андрей Николаевич кэргэнинээн Мария Алексеевналыын 4 оҕоломмуттара — 2 уол, 2 кыыс. Улахан кыыстара Екатерина Андреевна эмчит идэлээх, хоту Эдьигээҥҥэ олохсуйбута, кыра кыыһа Полина Андреевна оройуоммут хаһыатыгар өр сыл буҕаалтырынан үлэлээбитэ.
Улахан Өндөрөй уолаттара аҕаларын туйаҕын хатаран эмиэ салайааччы бэрдэ буола үүммүттэрэ. Төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт үтүөлээх дьон буолаллар.
Ол курдук, улахан уола Дмитрий Андреевич 1975 сылтан 1-кы Дьөппөн орто оскуолатыгар 1985 сылга диэри дириэктэрдээбитэ, идэтинэн история учуутала. Ол үлэлиир кэмигэр 60 миэстэлээх остолобуой, 3-4 кылааска сөптөөх сыһыарыы, сайыҥҥы лааҕыр дьиэтин туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Кини үлэтин сүрүн хайысхатынан оҕону өбүгэ үгэһинэн, үлэнэн иитиини өрө тутуу буолара.
1979-1982 сылларга Дмитрий Андреевич «Өктөөп 50 сыла»сопхуоска партком сэкиритээринэн ананан үлэлии сылдьыбыта. 1985 сыллаахтан 5 сыл тухары 1-кы Дьөппөн нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кэргэнинээн Вера Ивановналыын 3 оҕоломмуттара.Билигин Дмитрий Андреевич бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кинилэр уоллара Дмитрий Дмитриевич Варламов 1-кы Дьөппөн олохтоох дьаһалта баһылыга.
Онтон Улахан Өндөрөй кыра уола Анатолий Андреевич 1974 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрэн «Өктөөп 50 сыла» сопхуоска кылаабынай экэнэмииһинэн үлэтин саҕалыыр.1986 сылтан оройуон тыатын хаһаайыстыбатын экономиһынан үлэлиир.
1987 сыллаахха партия райкома тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн эдэр коммуниһы биир бөдөҥ хаһаайыстыбалаах «Өктөөп 50 сыла» сопхуоска дириэктэринэн аныыр. Бу үлэҕэ кини салайар дьоҕурдааҕа, хаһаайыстыбаннай боппуруостарга сыһыаннааҕа, экономист быһыытынан ааҕан-суоттаан үлэлиирэ көстүбүтэ. Анатолий Андреевич ордук социальнай эбийиэктэри, таас кутуулаах суоллары, Хоточчуга 8 кылаастаах оскуола туттаран үлэтин саҕалаабыта. Бу барыта нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, үлэтэ-хамнаһа ситиһиилээх буоларыгар туһаайыллара. Сопхуоһун нэһилиэктэригэр социальнай да, производственнай хайысхатыгар улахан сэргэхсийиини таһаарбыта.
1989 сыллаахха улуустааҕы агропромышленнай холбоһукка бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан үлэлии сырыттаҕынаулууска саҥа тэриллибит налоговай сулууспаҕа сиппит-хоппут, экономика өттүгэр билиитэ үрдүкү таһымнаах салайааччыны, Анатолий Андреевиһы, тэрилтэ начаалынньыгынан аныыллар. Налоговай сулууспаҕа үлэтин түөрт эрэ үлэһиттээх саҕалаан, кэлин 50-60 киһиэхэ тиийэ улаатан-кэҥээн өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэ буолбута.
Кэргэнинээн Татьяна Егоровналыын 4 оҕоломмуттара. Кинилэр улахан уоллара Андрей Анатольевич налоговай сулууспа иккис рангалаах сэбиэтинньигинэн үлэлии сылдьан 2005 сылтан 2-с Дьөппөн олохтоох дьаһалта баһылыга буолар. Нэһилиэккэ баһылыктаан олорон элбэх үлэни, сэргэхсийиини, хамсааһыны таһааран салайар дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. Билиҥҥэ диэри олохтоохтор кинини истиҥ тылынан ахталлар. Кэлин Нерюнгри курдук улахан промышленнай куоракка оройуон баһылыгын солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыта. Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччытынан үлэлии олордоҕунаАндрей Анатольевиһы салайар дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөннөр «Нордголд» диэн биллэр көмүс хостуур компания Саха сиригэр баар представительствотын генеральнай директорынан аныыллар.
Иккис уоллара Егор Анатольевич Хаҥалас улууһугар Пенсионнай фонда салайааччытынан, Покровскай куорат МТ дьаһалтатын солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускайга улахан тутуу хампаанньатын дириэктэр солбуйааччынан үлэлии сылдьар. Утум салҕанар. Андрей Николаевич Варламов – Улахан Өндөрөй сиэн уолаттара Андрей, Егор уонна Дмитрий Варламовтар эһэлэрин туйаҕын хатаран салайар үлэҕэ билигин ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы, төрөөбүт нэһилиэкпит, улууспут, Сахабыт сирэ сайдарын туһугар айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит өбүгэлэргит холобурдарынан, кинилэр ситиспит муҥутуур чыпчаалларын салҕаан уонна кэҥэтэн өссө үрдүк таһымҥа таһааран, эдэр дьон сыал-сорук туруорунан үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин уонна ситиһиилэри баҕарабын!
Лира Яндреева, Хоточчу с.