Быйыл Кыайыы 79 сылыгар ийэм Тимофеева Наталья Гаврильевна өттүнэн хос эһээм уонна эбээм туһунан суруйан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Хос эһээм Тимофеев Василий Дмитриевич 1920 с. кулун тутар 27 күнүгэр Орджоникидзевскэй оройуон 3-с Малдьаҕар нэһилиэгэр Дмитрий Елисеевич уонна Евдокия Игнатьевна Тимофеевтар дьиэ кэргэнигэр төрдүс оҕонон төрөөбүтэ 4 кылаас үөрэхтээҕэ.
1942 с. бэс ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун военкоматыттан сэриигэыҥ ырыллан барбыта. Красноармейскай киниискэтигэр 45-с военно-строительнай этэрээт рядовойа диэн сурулла сылдьар. Кини сэриигэ барыан иннинэ өссө 3 убайа ыҥырыллыбыттар эбит. Сэрииттэн улахан уол Михаил Дмитриевич уонна мин хос эһэм эргиллибиттэр. Фроҥҥатиийэн 4-с Гвардейскай мото-механизированнай биригээдэ рядовойунан сэриилэһэр. Ол сылдьан 1943 сыллаахха кулунтутар 8-с күнүгэр Сталинградскай фроҥҥа сэрии хонуутугар төбөтүгэр ыараханнык бааһыран Таганрог куорат аттыгар турбут эвако-госпитальга эмтэнэр.
Госпитальтан тахсан баран салгыы фроҥҥа сэриилэһэр. Ити курдук Венгрия столицата Будапешт куораты босхолооһуҥҥа хорсун быһыытын иһин иккис бойобуой мэтээлинэн наҕараадаланар. Кыайыы күнүн Венгрияҕа сэриилэһэ сылдьан көрсөр. Кыайыы кэнниттэн армияҕа 1946 с. ыам ыйын бүтүөр диэри салгыы сулууспалыыр.
Хос эбээм Христофорова Мария Ивановна дьоҥҥо биллэринэн “Сэбиэт Маайыс” диэн. Кини 1914 с. кулун тутар 28 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас оройуонун 4-с Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр барыта 14 оҕо эбиттэр. Элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕото буолан дьиэ-уот үлэтигэр дьонугар көмөлөһөн оскуолаҕа үөрэммэккэ хаалбыт.
Кэлин ликбез диэҥҥэ үөрэнэн ааҕар, суруйар, суоттуур буолбут. Сэрии кэмигэр эр дьон эдэрэ, эрчимнээҕэ барыта сэриигэ барбыттарыгар, колхоһун дьоно сытыы-хотуу эдэр кыыһы колхоз бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Хос эбээм сэрии сылларыгар сөптөөхтүк салайан элбэх оҕону, кырдьаҕаһы аччыктаан өлөртөн быыһаабыт. Кини 1961 сыллаахха диэри колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Нэһилиэгэр аан бастакы оҕо саада уонна дьааһылата арылларын ситиспитэ. Кэлин, эйэлээх олох саҕаламмытын кэннэ, эдэр дьон үөрэнэ баралларыгар көмөлөспүтэ. Ийэм кэпсииринэн, хос эбэм олус дьаһаллаах, хорсун санаалаах эбит.
Мин хос эбээбинэн уонна хос эһээбинэн киэн туттабын. Букинилэр курдук дьон төрөөн—үөскээн ааспыт буолан биһиги билигин дьоллоох олоххо олоробут. Кинилэр оҥорбут өҥөлөрүн биһиги хаһан да умнуохпут суоҕа.
Петя Ефимов, И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1-кы №-дээх орто оскуолатын 6 «А» кылааһын үөрэнээччитэ.