Биһиги бэтэрээннэрбит бочуоттаах сынньалаҥҥа даҕаны быар куустан олорботтор. Ол курдук, «Потомки государевых ямщиков» общественнай тэрилтэ олоххо көхтөөх дьоно Анатолий Соколов, Василий Кулагин Кыайыы күнүн иннинэ Жатай түмэлигэр көрсүһүү тэрийэн Булгунньахтаах дьаамсыктарыттан төрүттээх Валерий Петрович Мамонтовы, РФ НПО Бочуоттаах үлэһитин, производственнай үөрэх үрдүк кылаастаах маастарын 75 сааһынан эҕэрдэлээн туран үбүлүөйүнэн мэтээли уонна бибилэтиэкэҕэ дьаам ыстаансыйаларын туһунан саҥа тахсыбыт үчүгэй ис хоһоонноох кинигэлэрин бэлэхтээтилэр.

— Валерий Мамонтов, төһө да хараҕынан олус мөлтөөтөр, олоххо тардыһыытын сүтэрбэт. Кини дьиэ кэргэниттэн дьаам историятыгар сыһыаннаах экспонаттары бэлэхтээбитэ, туспа өстүөкүлэ витринаҕа хараллан тураллар. Бу күн бэтэрээннэр түмэлгэ кэлбит оҕолорго дьаамсыктар үлэлэрин, олохторун туһунан кэпсээтилэр. Кырачааннар ону олус кэрэхсээн иһиттилэр, — диэтэ Анатолий Соколов уонна хаартыскалары ыытта.

Людмила МОРДОВСКАЯ.