Дьиэ кэргэн сылыгар
Дьиэ кэргэннии урбаанньыттары, Марианна уонна Петр Андреевтары, дьон-сэргэ бары билэр. Кинилэр Сахабыт сиригэр туризм сайдыытыгар 26 сыл үлэлээн кэллилэр, бастыҥнар ахсааннарыгар киирэллэр. Соторутааҕыта аҕа баһылык Петр Николаевич Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин лауреата буолла, онон өр сылларга урбаан эйгэтигэр сыралаах үлэтэ дьоһуннук сыаналанна.
Ааспыт уонна аныгы үйэ бастыҥ урбаанньыта
Петр Андреев Өктөм уонна Төхтүр нэһилиэктэрин икки ардыгар сытар Кыһыл Сулустан төрүттээх, халыҥ аймахтаах Андреевтар сыдьааннара буолар. Идэтинэн тутааччы-инженер. Өр сылларга олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбитэ, ититэр ситимнэри оҥоруунан дьарыктаммыта. Оччолорго, 90-с сылларга, урбаанньыттыыр киһи халбархай суолга турара. Ол да буоллар, Петр Николаевич ыарахаттартан хачыйбакка «Арыал» диэн тэрилтэни үлэлэтэн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар хочуолунайдары тутан үлэҕэ киллэрбитэ уонна үгүс дьон махталын ылбыта. Маны таһынан чааһынай дьиэлэргэ тупсарыы киллэрэн, бастакынан Өктөм биирдиилээн олохтоохторугар санузел, ванна турбута.
Онтон, 1998 сыллаахха “Орто Дойду” диэн туристическай комплекс аанын тэлэччи аһан маҥнайгы ыалдьыттарын көрсүбүтэ. Нэһилиэктэн балачча тэйиччи, туох да инфраструктурата суох сиргэ, күөх бырааннар анныларыгар дьоҕус көстүүлээх, аныгылыы дизайннаах, Европаттан кэлбит маллаах-саллаах, сынньанааччыларга анаан джакузилаах дьиэ-уот тутуллан, эрэстэрээн быһыытынан үлэлээбитэ. Оччотооҕуттан бары-барыта уларыйан, элбэх сыл-хонук ааста, ол тухары “Орто Дойду” эрэстэрээн үлэтэ сайда, үтүө аата аатыра турар. Петр Николаевиһы онон ааспыт уонна аныгы үйэ бастыҥ урбаанньыта диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.
«Орто дойду» — олох оҥкула
Билигин «Орто дойду» эко-паарка барыта Андреевтар дьиэ кэргэн уопсай дьыалалара буолар. Оҕолор номнуо улаатан, төрөппүттэрин кытта тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьаллар. Кыыстара Изабелла инникилээх эрэстэрээн сүрүн шеф-повара, уоллара Александр сүүнэ оҕо буолуоҕуттан манна официаннаан улаатта. Андреевтар бары күн ахсын саҥаны толкуйдуу, тобула сатыыллар. Ол курдук, 2018 сылтан толору хааччыллыылаах, ититиллэр, кыра сынньанардьиэлэри тутан саҕалаабыттара. Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна чугас эргин олорор дьонтон манна сынньанан ааспыт киһи үгүс буолуохтаах. Бу күннэргэ үлэ үгэнэ. Тымныы кыһын кэнниттэн бары сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьыахтарын баҕараллар. Онтон сотору кэминэн орто, үрдүкү үөрэх кыһаларын бүтэрээччилэргэ анаан иһирдьэнэн-таһырдьанан банкетнай саалалар арыллыахтара.
Андреевтар быйыл өссө биир үөрүүлээх сонуннаахтар —«Туризм и индустрия гостеприимства» диэн федеральнай граҥҥа тиксэн үс сулустаах улахан гостиница тутуутун саҕалыахтара. Маныаха сүрүннээн ыал ийэтэ Марианна Матвеевна үлэлэһэ сылдьар. «ААН» этно-отельбырайыагынан 24 хостоох, сауналаах, бассейнаах, конференц-саалалаах буолуо. Бу баараҕай тутууга федеральнай гранынан 36 мөл.солкуобай тыырылынна, онтон 117 мөл. солкуобайын ааптардар бэйэлэрэ уйуналлар. Инвестиционнай бырайыак «Эркээни хочото» ТЭР резиденнэрин кэккэлэригэр киирэн турар. Санатан эттэххэ, «Эркээни хочото» ТЭР Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тэриллэр, манна Покровскай к., Дьэр, Нөмүгү, Өктөм уонна Төхтүр нэһилиэктэрэ киирсэллэр. Бу саҥа көмө кыра уонна орто урбааны атахтарыгар туруоран сайыннарар, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарар туһугар үлэлиир.
Тыа сиригэр тупсаҕай дьиэлээх-уоттаах, толору хааччыллыылаах сынньанар, тохтуур дьиэлэр баар буоллахтарына тас дойдулартан, Арассыыйаттан туристар кэлиилэрин түстүүр. Андреевтар дьиэ кэргэҥҥэ туох баар саҕалааһыннара инникилээх буоларыгар баҕарабыт. Марианна Матвеевна сонун бырайыактара сыаналана турдун, Петр Николаевич урбаана умсугутуулаахтык сайыннын!
Татьяна Владимирова.