Дьыллар, дьоннор
Элбэх ыччат маннык, «Ийэбит дьоллоох дьылҕата» диэн тэттик кинигэҕэ Кытыл Дьура олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэттэ оҕону күн сиригэр көрдөрбүт Марфа Егоровна Герасимова туһунан 2015 сыллаахха тахсыбыт тэттик кинигэҕэ Сиинэ оскуолатын дириэктэринэн үлэлиир Дмитрий Сакердонов ахтыбытыныы, саныыр, дьоллонор. Эбээ, сайылык диэни билэр туспа дьол, аныгы үйэҕэ бу киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт.
Сакердоновтар ийэлэрэ, эбээлэрэ, хос эбээлэрэ, кырдьык,саҕаланыыта ыарахан да буоллар, дьоллоох олоҕу олорон аастаҕа. 98 саас дьоһун дьоҥҥо тосхойор дии саныыбын уонна сөҕөбүн эрэ, хайдах маннык өрүү кытаанах үлэҕэ сылдьыбыт киһи доруобуйатын аһары сүтэрбэккэ сүүс сааһыгар тиийэ сыспытыттан. Бука, бу ыччаттара аттыгар этэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, санаатын хоту баар буолан уонна айылҕа анаан биэрбитинэн, санаата күүһүнэн үйэтин уһаттахтара. Киһи санаа кулута диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Бу 18 сыл анараа өттүгэр бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни хаттаан аахтым, Марфа Егоровна дьоһун олоҕун саҥаттан анааран көрдүм уонна аҕа көлүөнэ дьоммутунан киэн тутуннум. Хайдахтаах курдук уустук кэмнэри туораабыттарын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, кэрэ санааны аргыс оҥостон, саҥаҕа, үйэлээххэ тардыһан киһикэмсиммэт олоҕун олорбуттарын.
Сэрии кэмигэр
Марфа Егоровна туһунан кыыһа Рига Тимофеева бэлэмнээн таһаарбыт кинигэтигэр, ийэтин ахтыыта киирбитэ оччотооҕу кэмнэри эргитэн ылла. Мин урут бу хоһуун үлэһит, элбэх оҕолоох ийэ, кини оҕо эрдэхтэн атаҕынан ыалдьар балтын Анна Егоровна тустарынан суруйан турабын. Ол эрэн, сорох түгэннэри толору билбэт этим буоллаҕа. Биһиги кырдьаҕастарбыт мээнэ ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат идэлээхтэр, буолар буолан ааспытын курдук ылынан. Рига Гаврильевна, учуутал, ыал улахан оҕото киһи, хата ыйыталаһан кэпсэттэрэн хаалбыт, дьонун төрдүн-ууһун чинчийэргэ сорунан сылдьан. Үгүс киһи кэмигэр дьаһаммакка, болҕомтотун уурбакка, мэлийэрэ баар, кыһыылааҕа.
Бу көлүөнэ үгүс дьонун курдук Марфа Егоровна холкуостаах олоҕун толору билбит киһи. Кыра сылдьан ыһыыга бааһына хорутуутугар оҕус сиэтэн, оттоон-мастаан, обургу сааһыгар сэрии ыар сылларын билэн… Аҕата пионерга киирэрин, онно кыргыттар баттахтарын лэппэччи кырыйалларын истэн бопсорун, ол эрэн пионер хаалтыһын бааммытын, сэрии буолар сайыныгар лааҕыр дьиэтэ тутуллан арыллан үлэлээн испитин, бастаан балааккаларга олорбуттарын, шортиктаах пионерскай таҥас кэтэрдэллэриттэн кыбыстарын, стройунан барабааннаах, горннаах Ньургуну ыһыаҕар бара сылдьыбыттарын, сэттис кылааска комсомол кэккэтигэр киирбитин, сэрии буолан холкуостаах буолбутун.
Сэриигэ Ньургунуттан элбэх киһи барбыта. Михаил Лотов уонна Анатолий Добрянцев «Кытыл Дьура” диэн 2005 сыллаахха тахсыбыт кинигэлэригэр Степанида Петрова (Сакердонова) суруйбутунан, Киров аатынан холкуостан алта Сакердоновтар барбыттар, аҥардара эрэ эргиллэн кэлбиттэр. Эр дьон фроҥҥа баран, үлэһит илии тиийбэккэ, Марфа Герасимова Прохоров Иван Васильевиһы солбуйан 1942 сыллаахха Иирэ арыыттан икки сыарҕалаах оҕуһунан фермаҕа от тиэйэн кыстаабытын ахтыбыта баар. Кыайыгас-хотугас буолан мэлдьи эр киһи үлэтигэр сылдьыбытын истэрим. Ньургунулар өрүү холкуостарын бэрэссэдээтэлин Николай Сакердоновы махтана ахталлара. Кини хара өлүөр диэри дьонун-сэргэтин харыһыйан, саталлаахтык салайан, кими да хоргуппакка сэрии ыар сылларын аһардыбытын. Бу салайааччы 1939 сыллаахха Москваҕа баран тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарын мунньаҕар кыттан ССРС бырабыыталыстыбатын бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмытын, бириэмийэ ылан кэлбитин астына кэпсииллэрэ.
Сэрии кэмигэр үлэҕэ хонтуруол, суот-учуот кытаанах диэн Марфа Егоровна ахтар — үлэ барыта күннээҕи нуормалааҕын, бэрэбиэркэлэнэн туох туолбута, туох кыайтарбатаҕа күннээҕинэн биллэн иһэрин кыыһыгар кэпсээбитэ суруллубут. Марфа Герасимова холкуостарыоччолорго Алдаҥҥа арыы, эт атыылата обуоска ыыталларын ахтыбыт. Онно сылдьыбыт. Оҕо эрдэхтэн сылгыһыт аҕалаах буолан акка үөрэйэҕинэн талылланайаҥҥа барбыт, аара тоҥ турар симиэбийэлэри оттон хоноллорун, Петр Павлович Лотовтыын таһаҕастарын этэҥҥэ тириэрдэн баран сорохторо аттарын аҕалан төннөллөрүн, дабаан, аппа сирдэринэн тибиигэ эрэйдээх айан буоларын, биирдэ Кытыл холкуоһуттан Бардеев Окулбаны кытта төннүбүтүн, киһитэ аара ыалдьан хаалан тоҕус аты көрөн-харайан аҕалбытын кэпсээбитин долгуйа аахтым. Марфа Егоровна дьаамсыктаан икки сыл почта сүүрдүбүтүн билэбин. Билигин бэлэм айан суолунан массыына уотунан сирдэтинэн тэлээрдэр буоллахпытына,урут — атынан, харах тэстэр хараҥаҕа омоон суолунан соҕотох түүҥҥү айаны уруһуйдаан көрүҥ эрэ … киһи этэ тардыах…
Олох үөһүгэр
Кинигэҕэ сэрии кэнниттэн салгыы үөрэнэр баҕаттан мин ийэбинээн Агния Львовналыын күһүн үөрэххэ барар буолбутун, баржаҕа бириһиэнинэн бүрүллүбүт хортуоска анныгар олорон айаннаабыттарын, Покровскайтан таһаҕастаах грузовой массыынанан куоракка тиийбиттэрин кэпсээбит. Ийэм эдьиийдэрдээх буолан дьонугар барбытын, оттон кини педагогическай училищеҕа докумуонун туттаран уопсайга олорбутун, үөрэх саҕаламмытыгар аҕыйах күн үөрэнэн баран Даркылаахха баржа сүөкээһинигэр үлэлээбитин ахтыбыт: «Икки буолан туорай мастаах рюкзак курдугу кэтэбит, ол маска кууллаах бурдугу уураллар, ону пааралаһан илдьэн сүөкүүбүт, оннук кирпииччэ эмиэ таһабыт. Арыт уопсайга уу суох буолан сууммакка да, чэй да испэккэ барарбыт. Ол курдук ый кэриҥэ буолан баран дьиэбэр төннөргө быһаарынным. Дириэктэргэ этэн баран, суолга тахсан куоластаан эмиэ грузовой массыынаҕа хатаастан Покровскайга барыстым. Үөрэнэн бүттэҕим», — диэбит. Бэркэ эрэйдэнэн дойдутун булан ыанньыксытынан, ферма сэбиэдиссэйинэн о.д.а. үлэлээбитин ахтыбыта баар. Учуутал буолар баҕата кыһалҕалаах олохтон төһө да туолбатаҕын иһин, хас да оҕото ити идэни талан, оннооҕор сиэнэ ити оскуола дириэктэринэн үлэлии сылдьар.
Марфа Егоровна сэттэ оҕону күн сирин көрдөрөр, үөрэттэрэн киһи оҥортуур дьылҕата таайан (дьоно иккитэ кэргэн кэпсэтэн олоҕун оҥороору соруммуттарын кыккыраччы аккаастаабыт) отут сааһыгар дылы ыал буолбакка гынан баран, санаатын уурбут киһитин Хабырыыһы кытары холбоһон араас үлэлэргэ сылдьыбыттарын билэбин. Оҕолоро, сиэннэрэ бары чиҥ үөрэхтэнэн, санаа хоту үлэлэнэн билигин ыал буолан сиэннэр, хос сиэннэр элбэхтэр. Кинилэри кытары өрүү бииргэ олорбут ийэлэрин балтын Анна Егоровнаны, сайылыктарын Ньургунуну ыччаттар билигин олус истиҥник ахталлар. Төһө да улахан дьиэ кэргэн хаһаайката буоллар Марфа Егоровна өссө күнү-дьылы кэтээн көрөр сэдэх дьарыктаах эбит. 1977 сылтан халлаан туругун суруйан хаалбыт бэлиэтээһиннэриттэн сиэттэрэн хос сиэнэ Сайыына Сакердонова оннооҕор научнай кэмпириэнсийэлэргэ дакылаат суруйан ситиһиилээхтик кыттыбыт. Олох салҕанар.
Людмила Аммосова.