История кэрэһитэ — маҥхааһай

Хоточчу биир кэрэхсэнэр былыргы тутуута маҥхааһай буолар. Нэһилиэк хоту туһаайыытынан турар, өтөрдөөҕүтэ тутуллубут бурдук уурар-харайар ыскылаат, икки этээстээх маҥхааһай хас уон сыллары уҥуордаан, хас да халаан уутун аһардан күн бүгүн үчүгэй туруктаах турар былыргы тутуулартан биирдэстэрэ. Бу маҥхааһай өбүгэлэрбит олорон, үлэлээн ааспыт олохторун сэһэргиир биир историческай пааматынньык кэриэтэ.

Саха сиригэр 1929 сыллаахха кулун тутар 4 күнүгэр Сэбиэттэр VI сийиэстэрэ буолбут, онно ходуһаны, бааһынаны уонна уһаайба сирдэрин хаттаан үллэрэргэ диэн быһаарыы ылыныллыбыт. Алтынньы 20 күнүгэр – Сэбиэскэй Сойууска Бассабыыктар бүтүн Союзтааҕы партияларын Киин комитета кэлимсэ холбоһуктааһын бэлиитикэтин биллэрбит. Ас-үөл оҥорон таһаарыытын чэпчэтэр туһугар тыа сиригэр чааһынай хаһаайыстыбалары холбоон холкуостары тэрийэн саҕалаабыттар.

Ити сыл Хоточчуга 11 хаһаайыстыбалаах «Кыһыл толоон» колхуос тэриллибитэ. Бу кэмнэргэ дойдуга бурдук үүннэрии үлэтэ сытыытык турбута. Онно туттарга анаан хаһаас уурунар дьаһал ылыллан, аҕа уустарын ахсын маҥхааһай диэн бурдук уурар ыскылааттары туталлар эбит. Онтон биһиги маҥхааһайбыт хас сыллаахха тутуллубута буолуойдиэн ыйытык үөскүүр. Саастаах дьонтон туоһулаһан, быһа холуйан, 30-с сылларга буолуон сөп диэн буолбута. Хата, чопчу хас сыллаахха тутуллубутун Иннокентьев Игнатий Павлович 1942 сылтан 1951 сылга диэри Буденнай аатынан колхуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан суруйан хаалларбыт «Колхозка сүрүн тутуулар төрүттэммиттэрэ» диэн бэлиэтээһинигэр баар эбит. Онно сурулларынан маннык:

1933 с. – 1 массыына сарайа;

1934-35 с.с.1 бурдук ыскылаата, мэндиэмэннээх, типовой диэн;

1936 с.- хонуу стаана, Улахан Арыыга;

1937 с. — типовой хотон тутуутун үлэтэ саҕаламмыта.

Ити ааттаммыт тутуулар билиҥҥэ диэри производствоҕа туттулла тураллар. Итинтэн ылата тутуу быыстала суох олохтоммута диэн кини суруйбут.

Оччотугар бу кэпсэнэр маҥхааһай тутуллан саҕаламмытабыйыл 90 сыла эбит. Дьэ, иһигэр киирэн көрдөххө, былыргы уустар барахсаттар олус диэн кичэйэн, үйэлээх гына туппуттара сөхтөрөр. Аанын иэччэхтэрэ тимир уустара таптайан оҥорбуттара көстөр. Иһирдьэ киирдэххэ, билигин да бөҕө-таҕа көрүҥнээх, маһынан оҥоһуллубут иккис хос килиэткэ ааннаах. Тас аанын арыйан ыскылаатка баар бурдугу салгылатарга аналлаах буоллаҕа. Бу тутуу бэйэтэ да бэрт суон, көнө мастан тутуллубута көстөр. Икки этээс тухары бурдук харайарга анаан үрдэ аһаҕас хоспохтороҥ оһуллубуттар. Бэрт диэн суон былаахынан олус хаачыстыбалаах тутуу буолара харахха быраҕыллар. Билигин да иккис этээскэ тахсар мас кирилиэс ханан да хамсаабат. Бурдугу салгылатар, салгын хамсатар мас оҥоһук кытары баар эбит.

Суон былаахы, бэрэбинэ ахсын сурукбичик бөҕө баар. Бэл диэтэр, 1942 сыллаах сурук кытары көстөр. Оччотооҕу кэм оҕолоро бурдук ыраастааһыныгар үлэлии сылдьан ааттарын суруйбуттара бэйэтэ эмиэ история быыһын сэгэтэр. Сэрии кэмигэр маҥхааһайга үлэлии сылдьан ыйааһыннарын суруйбуттара баар, ону таһынан «бүгүн ыарыйдым», «бурдук ыраастыы сылдьабыт» диэн харандааһынан суруйбуттарын киһи хараастыбакка эрэ аахпат.  Билиҥҥи аҕам саастаах дьон ахталларынан ити маҥхааһайга урут оҕолору мээнэ чугаһаппаттар эбит. Сорох дьон ис бараанын баччааҥҥа дылы көрө иликпит дииллэр. Биллэн туран, бурдук, ас харайар ыскылаакка чэбэрдик туттуу ирдэбилинэн оҕолору чугаһаппатахтар буоллаҕа.

Биир да туораах бурдук сүппэтин иһин күүстээх үлэ, кытаанах ирдэбил, колхуостаахтар социалистическай куоталаһыыга ылыммыт былааннарын толорорго туох баар сыраларын-сылбаларын ууран туран үлэлээбиттэрин, оччотооҕу кэм кистэлэҥин бу маҥхааһай эрэ билэн турдаҕа.

Лира Яндреева, Хоточчу с.