Хаҥаластар ырыаһыт, тойуксут, хомусчут Полина Семенованы чиэстээтилэр

«Ыллыыбын олох кэрэтин» диэн кэрэ киэһэни далбар-хотун Пелагея (Полина) Семенова Покровскайга «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр бар дьонугар бэлэхтээтэ. Биир дойдулаахтара, нөмүгүлэр, «көһөн» киирэн ытыктыыр уһуйааччыларын уруйдуу көрүстүлэр. Олус истиҥ айар түгэн буолан ааста. Кырдьык даҕаны, үйэ аҥарын кэриэтэ ыллаан-туойан, араас тэрээһиннэри арыйан, элбэх ыччаты искусство кэрэ эйгэтигэр уһуйан кэллэҕэ Полина Семеновна. 80 сааһы дьоһун сыанаҕа ыллаан, оһуокайдаан көрсөр киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт дьол. Ырыа, ыраас санаа, ыччат аргыстанар онно бигэ тирэх буоларын көрдүбүт, итэҕэйдибит. Үйэ чиэппэриттэн ордук ситиһиилээхтик салайан кэлбит Нөмүгү бэтэрээннэрин «Тирэх» ансаамбыла ону эмиэ бигэргэттэ. Куоластара бу чөллөркөйүн, ырыалара сиэдэрийэн, киһи истэ олоруоҕа.

Сэрии сылларын оҕото

Полина Семенова бастакы Маалтааны дьоһун ыалын ыччата. Кыракый сааһыттан ырыаны-тойугу истэн улааппыт, ытык дьонун такайыыларынан сиэри-туому, төрүт үгэстэри иҥэринэн кэлбит киһи.

Дьоро киэһээни ыытааччы Ньургун Бэчигэн («Кыталыктаах кырдалым» киинэҕэ аҕа оруолун толорбут артыыс) ытык киһибитин кытары билиһиннэриитэ ырыа доҕуһуоллаах барда. Нөмүгүлэр театрализованнай туруоруунан биэчэри арыйыылара сэбиэскэй кэми, пионердары сэгэтэн ааста…Ырыа, сырдык ыра куттаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитин Полина Семеновна долгуйа аҕынна, Холболооххо олорбуттарын, ийэтэ түүн түһээн кытары ыллаан ыларын, оскуолаҕа учууталлара аан бастаан патефон аҕалан пластинка иһитиннэрбитин, абааһы саҥарда диэн соһуйбуттарын, Кэҥэрдиилээххэ тойуксуттары сэргэ частушкаһыттар да баар этилэрин, нуучча уола сахалыы тойуктуурун, эбээтэ Дьэбдьиэй алгыстыырын… 80 сыллаах олоххо ахтар-саныыр үгүс буоллаҕа.

«Ыллыыбын олох кэрэтин» диэн этиитэ бу киэһээ бигэргэннэ. Элбэх да ырыаҕа музыка айбыт, ырыа тылын бэйэтэ эмиэ суруйбут эбит ытык киһибит. Поэт Петр Тобуруокап, үйэтин тухары нарын иэйиигэ куустаран төрөөбүт түөлбэтин хатыламмат кэрэтин хоһуйар биир идэлээхтэрин Наталья Борисова-Нарыйа, Прокопий Ноговицын хоһоонноругар дьоһун да ырыалар айыллан ыллана сылдьаллар эбит, Нөмүгүгэ, Хаҥаласка – «Ийэҕэ ахтылҕан» , «Эркээни хочото», «Мин саллаат этим…», «Хаҥалаһым дьахталлара», «Алгыс буоллун, эйиэхэ», «Тапталлаах куоратым Покровскай» о.д.а. Бу киэһэҕэ «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Эдгар Никифоров Полина Семеновна айбыт «Күнчээн» ырыатын толордо. Педагог оскуола саастарыттан уһуйан таһаарбыт уолаттарын “Ой эрэллэрэ” ансаамбыла, «Тирэх», “Талба” кэлэктииптэрэ, хомусчуттар ырыа маанытын бэлэхтээтилэр.

Нөмүгүлэр олус маладьыастар

Үлэни-хамнаһы эрэ өрө тутар буолбакка, искусствоны тумус туттар дьон буолалларын өссө төгүл итэҕэттилэр. Кырдьык даҕаны, кыраайы, историяны дириҥник үөрэтэн, науканан бигэргэтэн дакаастаан хайа даҕаны хайысхаҕа инники буолалларын, тумус туттар дьонноохторун өссө төгүл иһитиннэрдилэр. Ааспыт икки сылга Софрон Сыранов, Бөдьөкө уола Маһыры таҥастарын тилиннэрэн, сөргүтэн оҥорон быйылгы олоҥхо ыһыаҕар бэлэммит диэтэ Прокопий Ноговицын. Аны «бастакы олоҥхо биһигиттэн барбыта» диэн буолла. «Дьурулуйар Ньургун Боотур» 40 олоҥхоттон түмүллүбүт буоллаҕына, нөмүгүлэр «Бөҕө Мулдьуруун Мөлдьүөт Бөҕө» олоҥхо 110 дьоруойдаах улахан, 2200 строкалаах олоҥхо биһиэнэ диэтэ. Бу олоҥхо, сурулла сылдьарынан көрдөххө, Ботуойа – Саввин М.И. 1907 сыллааҕы төрүөх, үөрэҕэ суох киһи оҕо сааһыттан бэйэтэ билэринэн олоҥхолуур эбит диэтэ кэлин миэхэ, Прокопий Ноговицын. Кини уопсайа 19 олоҥхолоох орто баайыы олоҥхоһут эбит. Бастакы композитор дьиҥинэн, Адам Скрябин этэ. Саргылардаах саханы алта  куолаһынан толорбут эмиэ нөмүгүлэр буолаллар. Туой иһит, туос иһит, көмүс оҥоһуктар… Эркээни хочотуттан булуллаллар.

«Эллэйээдэ» оҕолор научнай экспедициялара булумньутун, 17-18-с үйэ үгэһинэн чочуллан оҥоһуллубут Эркээни хочотуттан булуллубут былыргы сэдэх ытарҕаны сөргүтэн куттаран Прокопийдаах Полина Семеноваҕа бу киэһэ кэтэртилэр. Быһаардахха, Нөмүгү, Эргис, Маалтааны ытык сирдэригэр биллэр көмүс уустара олорбуттар эбит – Көөдөөн Уус, Нөмүгү Уоһук-Ылдьаа Уус аҕата, Тыйтылла Уус, Торҕон Уус — уран оҥоһуктарынан Саха сиригэр былыргы үгэһи үйэтитэн албан аатыраллар эбит. Ытарҕаларыгар Аал Кудук Мас дьүһүйүллүбүт. Анааран көрдөххө, үс хотой өрө көтөн аламай маҥан күҥҥэ дьулуспуттара Өксөкү кыыл буолан ааспыт кэми аныгы кэми кытары ситимниир, кэлэр кэнчээри кэми түстүүр. Сарбынньах киэргэлигэр көҕүөр ойуу иһигэр хотой оҕото күҥҥэ тардыһан үнүгэс буолан үүммүт, чэчир аҕыс көмүс сэбирдэхтэрэ төгүрүччү күрүөлээн ымыы чыычаахтыы сиккиэр тыалга ибигирээн чабыгыраһаллара истэргэ кэрэтин диэтэ Прокопий Ноговицын. Дакаастабыл бэлиэтэ, булумньу хаартыската – экраҥҥа буолла.

Дьэ итинник эриэккэс бэлэҕи ууннулар, нөмүгүлэр, ытык киһилэригэр. Бу уустук, үөһээ этиллибит олоҥхону Полина Семенова чинчийэ, үөрэтэ сылдьарын үөрэ иһиттибит. Нөмүгү киинэни айар киин буолуон, үгүс чулуу  айымньылар манна үөскүүллэрин, талааннаах дьон мантан тахсалларын эчи эппэппин даҕаны. Айар кут иҥмит дойдута дуу диэх курдук. Полина Семенованы да ылан көрүҥ… Улаханнык саҥарымыах…

Бу киэһээ үбүлүөйдээх далбар-хотуну, СӨ култууратын, үөрэҕириитин туйгунун (икки эйгэттэн бу бэлиэни биэрии сэдэҕин билэбит), Нөмүгү, Хаҥалас Бочуоттаах олохтооҕун, алта оҕо ийэтин (онтон үһэ балтытын киэнин ииппитэ), олоҕун оҕо иитиитигэр, култуураҕа, төрүт үгэстэргэ анаабыт киһини эҕэрдэлии элбэх киһи кэллэ. Ол курдук, култуура миниистирэ (эмиэ Нөмүгүттэн) Афанасий Ноев (грамота, бэлэх туттарда), улуус дьаһалтатыттан, үөрэх салаатыттан Павел Аргунов (эҕэрдэ сурук, бэлэх), култуура салаатыттан Фекла Варламова («Хаҥалас улууһун»култуураҕа бэтэрээнэ» бэлиэни), Арчы дьиэтиттэн Лидия Харитонова (“Саха фольклорун сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэни, «Орхидея» арт-устуудьуйаттан сибэккилии турар орхидеяны), Нөмүгү олохтоох дьаһалтатын баһылыга Наум Устинов, Медициинэ национальнай кииниттэн генеральнай дириэктэр Станислав Жирков о.д.а. эҕэрдэлэрин тириэртилэр, кэргэнэ Руслан Алексеевич ыччаттарынаан бэлэх, сибэкки туттардылар.

Сыана бэтэрээнэ Полина Семенова ырыа маанытын ыалдьыттарыгар бэлэхтээтэ уонна дьоро киэһэни киэҥ түһүлгэлээх оһуокайынан түмүктээтэ. Ытык бэтэрээммит, киһи киһитин ырыатын-тойугун, олоҥхотун хомуска дьиэрэһитэ оонньуурун өссө даҕаны истиэхпит. Хоһоон суруллуо, ырыа айыллыа, үйэлээх сөргүтүллүө, олох салҕаныа.

Людмила Аммосова.