Социальнай хантыраак
Төхтүр нэһилиэгин олохтооҕо Владислав Аввакумов 2019 сылтан нэһилиэнньэҕэ, тэрилтэлэргэ олус наадалаах уонна туһалаах дьыаланан – тимири сыбааркалааһынынан дьарыктанар. Кини бу дьарыгын саҕалыырыгар бастакы тирэҕинэн кыра дохуоттаах дьоҥҥо судаарыстыбаттан кэлэр өйөбүл – социальнай хантыраак буолбута.
Бэйэ дьарыктаах Владислав сүрүн үлэтиттэн (билигин нэһилиэк дьаһалтатыгар землеустроителлыыр) быыс булла да, саас-сайын сакаас ылан уһанан саҕалыыр. Кини бу дьарыгын хаһан-хайдах, туох санааттан саҕалаабытын туһунан Төхтүргэ бара сылдьан көрсөн кэпсэттим.
— Аҕам Христофор Аввакумов кыралаан маһынан, туоһунан, тимиринэн уһанар, дьэбинирбэт тимиртэн дьахтар киэргэлин оҥороро, билигин да дэйбиир угун эҥин бэлэмниир. Ону кыра эрдэхпиттэн көрө улааппытым, ыһыахтар саҕана сакааһа, үлэтэ элбээтэҕинэ миигин көмөлөһүннэрэрэ. Арааһа, онтон саҕаламмыт быһылаах тимиргэ интэриэһим. Оскуола кэнниттэн тутууга үлэлэспитим, онно сыбааркалыырга үөрэммитим, силиэсэрдэр үлэлэрин көрөн-билсэн саҕалаабытым. Идэбинэн культурологпын эрээри араас үлэҕэ ылсан көрбүтүм — икки сыл кэриҥэ оцинкованнай буочукалары, вентиляция оҥоруунан дьарыктаммытым. Онтон кыра дохуоттаах ыалга социальнай хантыраак диэн өйөбүл оҥоһулларын истэн, сыбааркалаан араас өҥөнү оҥоруохха сөп эбит диэн санааттан бизнес-былаан толкуйдаан көмүскээбитим уонна судаарыстыбаттан бастакы көмөнү ылбытым. Дьоҕус дьыалабын саҕалыырбар, туттар тэрил ылынарбар бу улахан өйөбүл буолбута. Онон, саҥа саҕалааччыларга сүбэлиэм этэ, социальнай хантыраак өҥөтүнэн туһаныҥ, бастакы хардыыларга олус туһалаах эбит.
Үлэм, биллэн турар, сезоннай. Бастакы сакаастарым олбуор, мангал оҥоруу этэ. Онтон лофт истииллээх дьиэ миэбэлин оҥорон боруобалаабытым. Улахан сакаастарга — боруота, күрүө оҥорууга, биллэн турар, көмөлөһөөччүлэрдээхпин, эйэм биир дойдулаах уолаттарбын кытта үлэлэһэбин. «Орто Дойдуга» сылдьан көрөргүт буолуо, шашлычниктар оһохторун, ити эмиэ биһиги үлэбит. Атыыга диэн соччо уһаммаппын, дьон үксэ бэйэлэрэ сакаас түһэрэллэр, тугу-хайдаҕы баҕаралларын эскиһин ыыттахтарына эбэтэр эттэхтэринэ майгыннатан оҥоро сатыыбын. Тимир оһохтору, бөх кутар баахтары оҥорууга, Саҥа Дьыллааҕы харыйаҕа тиийэ сакаас киирээччи. Билигин туттар матырыйаал дэлэй, бириэмэ эрэ наада. Оҕолорум улаатаннар ардыгар кырааска эҥин үлэтигэр эмиэ кыттыһаллар.
Инникитин Төхтүртэн «Эркээни хочото» бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар территориятыгар резиденинэн киирсэр баҕалаахпын. Онно эмиэ бизнес-былаан толкуйдуу сылдьабын. Билигин гаражпар уһанабын, салгыы кэҥэттэр-улаатар баҕа баар. Өйөбүл ылларбын сыах курдук арынан миэбэл оҥорон, ону маҕаһыыннарга туттаран атыылыам этэ, — диэн Владислав инники былаанын үллэһиннэ.
Санатан эттэххэ, социальнай хантыраак — судаарыстыбаттан көрүллэр өйөбүл бырагыраамата дойдубут баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиир. Бырайыак, чахчы, көдьүүстээҕин Владислав Аввакумов курдук бэйэ дьыалатын тэриммит биир дойдулаахтарбыт толору туоһулууллар.
Ольга Гермогенова.