Үкэр күөх от үүнэр, күүтүүлээх самаан сайыммыт эргийэн, отун-маһын күөҕүнэн чэлгитэн сууланар кэмэ бу тиийэн кэллэ. Былыыр-былыргыттан өбүгэлэрбит барахсаттар уһун кыһыны кыһарыттаран туораабыт үөрүүлээх күннэрин бэлиэтиир Ньукуолун күнэ үүннэ.
Бу күн окко-маска сүгүрүйэн салама ыйаан, саламаат ытыйан, Байанай дук гыммыт сааскы булдуттан буһарынан, арыылаах алаадьынан аал уоту күндүлээн, айах тутан аһатар сиэр-туом толоруллар. Хас биирдии ыал остуол тула олорон кыстыгы хайдах туораабыттарын, сайыҥҥы былааннарын кэпсэтэн самаан сайыны үөрэн-көтөн көрсөллөр.

Төхтүр нэһилиэгин эр дьоно, булчуттара Ньукуолуну көрсө аҕам саастаах дьоҥҥо уонна байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбыт төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэннэригэр сааскы бултарыттан бэрсэр үгэстээхтэр.
Быйыл сааһыт уолаттарбытын Баай Байанайдара күндүлээн, куһу таһынан хаас эмиэ түҥэттилэр. Онон сааскы булка кыайан сылдьыбат дьоммут кус амсайан үөрдүлэр.

Мотрена Ефремова, Төхтүр с.