Уопуттаах оҕуруотчут көрөн-харайан, бүөбэйдээн олордубут арассаадата чыҥха атын буолара харахха быраҕыллар. Оннук курдук үүнэрэ, аһын биэрэрэ да элбэх буолааччы.
Сыл ахсын, баччаларга, биһиги, хоточчулар, Тиит Эбэттэн оҕуруотчут идэлээх Раиса Кириллина олордубут оҕурсу арассаадатын ылабыт. Бэйэбит сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии, хаһаайыстыбаны үөһэ үрдүк сиргэ көһөрүү сүпсүлгэнигэр оҕуруот олордор кэми куоттаран кэбиһэбит.
Самыртай сыһыытыгар үлэһит дьонунан аатырбыт «Өктөөп 50 сыла» сопхуос оҕуруот үүннэриитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэ сылдьыбыта. Ол кэмнэргэ Раиса Васильевна оҕуруот биригээдэтигэр биригэдьиирдии сылдьыбыта. Билигин төһө да биэнсийэҕэ олордор, оҕуруотчут идэлээх киһи син биир сөбүлүүр дьарыгын илдьэ сылдьар.
Кыра дьоҕус тэпилииссэтигэр киирэн кэллэххэ күп-күөх, сыттыын-сымардыын атын эйгэ.
Оттон биһиги киниэхэ махтанан, баһыыба маанытын этэн, үөрүү-көтүү аргыстанан, дойдубут диэки айанната турдубут. Тэпилииссэтэ улахана буоллар Раиса өссө да баһаамы олордуо эбит дэстилэр аргыс дьонум.
Лира Яндреева, Хоточчу с.