Фекла Варламова: «Быйылгы ыһыах уратыта – Үрүҥ күнү көрсүү сиэрэ толоруллуо»

Самаан сайыммыт сатыылаата. Сир-сир аайы Үрүҥ Тунах ыһыахтар ыһыллар кэмнэрэ чугаһаата. Быйыл Хаҥалас улууһун ыһыаҕа бэс ыйын 15 күнүгэр Орто Дойду туонатыгар ыһыллыа. «Эркээни ыһыаҕа» диэн номнуо ааттаах-суоллаах тэрээһиммит хайдах-туох ыытылларын туһунан улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга Фекла Варламова кылгастык билиһиннэрдэ.

Эркээни ыһыаҕа Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо аймах уонна Хаҥалас улууһугар Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларыгар итиэннэ улууска Үөрэҕирии төрүттэммитэ 150 сылыгар ананан ыытыллыа.

Биллэрин курдук,  былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21–22 күннэригэр. Өбүгэлэрбит бу төрүт үгэстэрин салҕаан быйылгы ыһыах эмиэ Үрүҥ күнү көрсүүттэн саҕаланыа. Маннык сиэри-туому бүтэһигин 2014 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕар тэрийэн турабыт. Онон бэс ыйын 15 күнэ үүнэр сарсыардатыгар, Үрдүк Айыыларбыт сиргэ чугаһыыр кэмнэригэр сүгүрүйэн, уйгу-быйаҥ дьылы, дьоммут-сэргэбит этэҥҥэ буолууларын көрдөһөн Үрүҥ күммүтүн көрсүөхпүт, сиэр-туом толоруллуо, алгыс түстэниэ. Уон сыллаах тохтобул кэнниттэн бу сиэри толоруу быйылгы ыһыахпыт сүрүн уратыта буолуо.

Үгүскүт өйдүүрэ буолуо, былырыын Эркээни ыһыаҕар тимири уһаарыы сиэрэ-туома толоруллубута. Онтон сиэттэрэн уонна, улууспут баһылыга Олег Иринеев үлэтин сүрүн бэлиитикэтинэн эр дьону түмэ тардыы, көҕүлээһин буоларын быһыытынан, бу сыл устата уруһуйга, ууска ураты дьоҕурдаах биир дойдулаах эр дьоммут үлэлэрин быыстапкалара тиһигин быспакка тэрилиннэ. Онон, ыһыах күн «Кудай Бахсы» түһүлгэҕэ улууспут тарбаҕар талааннаах эр дьонун уруһуйдарын быыстапката туруо.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар эмиэ ураты болҕомтоҕо ууруллуо. Аны туран, улууска Үөрэҕирии ситимин 150 сылынан нэһилиэктэрбит дэлэгээссийэлэрин сэлэлии хаамыыларыгар үөрэх-билии эйгэтин үтүөлээх үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр, педагогическай династиялар, үөрэххэ ситиһиилээх оҕолор кытталлара былааннанар. Онон, улууспут олохтоохторун, ыалдьыттарын бу кэрэ-бэлиэ күҥҥэ кэлэн сынньанан, Үрүҥ Тунах ыһыах аһын амсайан, оһуокайга эргийэн, ыһыах көрүн-нарын оройуттан тутаргытыгар, дуоһуйа сынньанаргытыгар ыҥырабын.

Ольга Гермогенова.

Читайте дальше