Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиала бэйэлэрэ үүннэрбит арассаадаларын атыытын хас сылаайы дьон олус күүтэр. Быйыл эмиэ, үтүө үгэс быһыытынан, уопуттаах агрономнар салалталарынан устудьуоннар көрөн-харайан араас оҕуруот аһын уонна сибэкки арассаадаларын бэлэмнээбиттэр.
Икки тэпилииссэ сэргэстэһэ турарыттан биирдэригэр киирбитим, сарсыардаттан үлэ-хамнас ырааппыт. Дьэ, этэргэ диэри, арассаада арааһа манна баар: оҕурсу, помидор, кабачок, биэрэс, хаппыыста, тыква, дьэдьэн, баклажан уо.д.а. Тэпилииссэҕэ устудьуоннары кытта бэйэтэ эмиэ бу үөрэх кыһатын бүтэрбит, агроном идэлээх олохтоох кыыс Мария Васильева үлэлии сылдьар.
— Бу тэпилииссэлэргэ уопсайа 2 тыһыынча арассаада үүнэр. Сонун суортар бааллар: холобур, титония диэн дьэрэкээн күөх өҥнөөх, хойуутук үүнэр сибэкки уонна да атын саҥа үүнээйилэр. Бары үлэҕэ устудьуоннар улахан күүс-көмө буолаллар, кинилэр манна сылдьан элбэҕи билэллэр-көрөллөр. Кыһыны быһа үөрэппиттэрин харахтарынан көрөн, илиилэринэн бигээн, сири-буору хаһан үүнээйини үүннэрэргэ, бүөбэйдииргэ холонон көрөллөр. Уопсайынан, үүнээйини көрүү-харайыы уйулҕаҕа туһалаах диэн дакаастанан турар. Онон, эдэр ыччат сиргэ-буорга чугас буолара бэйэлэригэр үчүгэй.
Биһигиттэн үксүн Дьокуускай, Покровскай куораттартан, атын да бөһүөлэктэртэн тэрилтэлэр кэлэн ландшафтнай дизайнҥа анаан сибэкки ылаллар. Бэйэбит аадырыска диэри илдьэн уонна, өссө, олордон биэриэхпитин сөп. Онон нэһилиэнньэттэн сакаас ылабыт, элбэҕи атыылаһааччыларга чэпчэтии көрүллэр. Атыыбыт куруутун бэс ыйын бүтүүтүгэр диэри ыытыллар. Түгэнинэн туһанан, оҕуруот аһын, үүнээйини сэҥээрээччилэри барыгытын күүтэбит диэн ыҥырабын. Ыһыах иннинэ ыһыы үлэтэ бүтэрин курдук, бу күннэри баттаһа тиэтэйиҥ, арассаада олордор кэми куоттарымаҥ, бэйэ, иҥэмтиэлээх аһынан аһааҥ, кылгас сайыҥҥа тэлгэһэҕитин киэргэтиҥ, хараххытын үөрдүҥ, — диэн Мария дьону-сэргэни ыҥырар.
Татьяна Владимирова.