Ыһыаҕы көрсө

Прокопий ФЕДОРОВЫ мин Байанай уобараһын дьүһүйбүт, тулалыыр эйгэни, айылҕаны сөбүлээн ойуулуур, киэҥ араҥаҕа тарҕатар киһинэн билэбин.

Кини Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан биллибит саха талааннаах худуоһунньуктарыттан биирдэстэрэ буолар. Прокопий Федоров Россия худуоһунньуктарын айар сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун дьаралыгын ааптара, төрөөбүт дойдутун туох баар биллэр, кэрэхсэбиллээх сирдэригэр турар скульптуралары, пааматынньыктары оҥорбут киһи.

Билигин Прокопий Өктөмҥө, Үрүҥ Тунах ыһыаҕы көрсө, Ой Бэс түһүлгэтин саҥардыытыгар анаан сэргэлэри оҥоро сылдьар эбит.

— Аҕыйах сылтан бэттэх сэргэни туруоруу сиэрин-туомун үөрэтэн, ыһыахтыыр сирдэргэ оҥортуубун. Хаҥалас улууһугар Орто дойду түһүлгэтигэр мин чочуйбут сэргэлэрим турбуттара хас да сыл буолла. Өссө төһө өр тураллара буолуой? Онтон мин ити былыргы сэргэлэр 100-200 сыл тухары туралларыттан сөҕөбүн. Ол саҕана маһы үйэтитэр аныгы ньымалар биллэ иликтэр буоллаҕа.

Ой Бэс түһүлгэтигэр Айыылар Ааннара, киирии, сэлэлии турар 12-лии сэргэ, Аар баҕах, кымыс иһэр сиэрин толорор күрүө, илгэ сэргэтэ оҥоһуллаллар. Сэлэлии турар сэргэлэр дьахтар уонна эр киһи гиэнэ диэн арахсаллар. Манна миигин кытта Хачыкааттан норуот маастара, тимир уонна мас ууһа, быраатым Сергей Петров уонна Чапаево сэлиэнньэтиттэн тимир ууһа Василий Шевелев буолан үлэлии сылдьабыт. Үлэтэ элбэх, дьиҥэр, соҕотох буоллаххына, биир сэргэни оҥорорго үс күн барар, онон улахан сакааһы хамаанданан эрэ түһүннэххэ табыллар, — диэн Прокопий Ефимович үлэтин туһунан билиһиннэрдэ.

Бүгүн кини ааҕааччыларбытыгар сэргэни туруорууга өбүгэ үгэһинэн туох ирдэбил баарын билиһиннэрэр.

Маhын бэлэмнээhин

Сэргэни оҥоруу хас да түһүмэхтээх. Сэргэ маhын үс сыл инниттэн бэлэмнииллэр, халыҥ эттээх, аҕыйах мутуктаах көнө маhы талаллар. Yрдүгэ үс миэтэрэ кэриҥэ буолар. Кэрдэн киллэрэн, хатырыгын хастаан, салыҥын, дабархайын ыраастаан таҥастыыллар. Ол кэнниттэн, күн уотугар сытыаран, маска иҥэр гына ынах арыытынан ньалҕаарыччы  сотоллор. Ити үлэни үс сайын устата хаста да хатылыыллар. Маннык мас кыыл муоhун курдук кытаанах буолар, мээнэ тырыта-хайыта барбат. Бу курдук сэргэ буолар дүлүҥү эрдэттэн бэлэмнииллэрэ.

Буорун бэлэмнээhин

Сэргэни туруорууга туспа сиэр-туом тутуһуллар. Буорун хаhыахтарын иннинэ, сири бааhырдыбакка туран, уот оттон, сир-дойду иччититтэн көрдөhөллөр-ааттаhаллар, алгыс этэллэр. Алгыс тылын кэнниттэн сиэллээх арыынан айах туталлар. Дьэ, ол кэнниттэн сири бааhырдаллар.

Сэргэни туруоруу туома

Алгысчыт уҥа илиитигэр үрүҥ сылгы сиэлин, хаҥаhыгар ынах кутуругун түүтүн тутан туран, күн диэки хайыhан алгыс тылын этэр: «Сыспай сиэллээхпит сыhыы-сыhыы муҥунан сырыстын. Хороҕор муостаахпыт хонуу-хонуу муҥунан хойуннун».


Онтон сиэлин, түүтүн сэргэ омуҕаhын түгэҕэр илин-арҕаа, хоту-соҕуруу диэки хайыhыннаран кириэстии уурар, арыылаах кымыhы кутар. Сэргэ маhын арҕааттан илин диэки өрө анньаллар. Сэргэ буорга түhэр өттүн хатыҥ, бэс мас дьүөкэтинэн сотоллор, туоhунан бүрүйэллэр. Дьахталлар сэргэҕэ
дэлбиргэ ыйыыллар. Сэргэ төрдүгэр мустубут дьон кымыс иhэллэр, арыылаах алаадьы сииллэр. Сэргэ төрдүгэр ас бастыҥын уураллар, төбөтүгэр чэчир анньаллар.

Сиэри тутуhуу

Атын кэмҥэ сэргэ анныгар туох да ууруллубат. Сэргэттэн тэйиччи туспа сиргэ бэлэх-туhах уурар сир баара ордук.

Сэргэни таҥнары туруорар, алдьатар, уокка оттор, арыгынан аhатар, үрдүнэн атыллыыр — улахан аньыы. Бу сэрэтиилэри ааҕааччылары кытта үллэстэбин. Мантан сорохторо умнуллан, дьон тутуспат буоллулар.

Дьэ, ити курдук, сотору кэминэн Өктөм нэһилиэгин түһүлгэтигэр Прокопий ФЕДОРОВ оҥорбут сэргэлэрэ дьону-сэргэни үөрдэ, үйэлэр тухары туруохтара.

Татьяна ВЛАДИМИРОВА

Читайте дальше