Ыарахан үлэ диэн чаҕыйбаппыт

Бүгүн Социальнай үлэһит күнүнэн биир идэлээх дьүөгэлэрбин, кэллиэгэлэрбин эҕэрдэлиибин уонна бэйэм үлэбиттэн кылгастык билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Биһиги аҕам саастаах, доруобуйаларынан хааччахтаах, кырдьар саастарыгар аҥардас хаалбыт дьоҥҥо көмө буолабыт. Сааһырбыт дьон ыарытыйаллара элбээн, кыаллыбат буолаллар. Оннук түгэҥҥэ биһиги, социальнай үлэһиттэр ананаммыт кинилэри көрөбүт-харайабыт. Астарын-үөллэрин бэлэмнээһининэн, эмтэрин-томторун атыылаһан аҕалыынан үлэбит бүппэт. Ону таһынан хас биирдии социальнай өҥөнөн туһанар  кырдьаҕаска дуогабар быһыытынан дьиэ ис-тас үлэтин барытын толоробут. Ол курдук муоста сууйан, быыл сотон, мас-муус таһан, хортуоппуй олордон, хостоһон биэрэбит.

Биллэрин курдук, кырдьаҕас дьон кыра оҕолоругар түһэллэр. Кинилэр кыраттан да үөрэллэр, хомойоллор. Онуоха социальнай үлэһиттэр бэйэбит туһунан психолог курдук буолабыт: кэпсэтэн-ипсэтэн, быһааран, өйдөтөн биэрэбит, санааларын көтөҕөн аралдьытар соруктаахпыт.

Мин Сиинэ нэһилиэгэр социальнай үлэһитинэн 2004 сылтан үлэлиибин. Бу сыллар устата араас кырдьаҕаһы кытта алтыһан кэллим. Биллэн турар, олус ыарахан үлэ. Оттон тус бэйэм санаабар үлэм саамай  ыарахан  өрүтэ — чугастык ылыммыт киһигин тиһэх суолугар атаарыы… Нэһилиэкпэр үлэбэр саамай күүс-көмө буолаллар балыыһабыт үлэһиттэрэ —  фельдшербит Оксана Кузьмина, медицинскэй сиэстэрэ Елена Попова. Кинилэр быраас анааһынынан түүн-күнүс кырдьаҕастарбар дьиэлэригэр кэлэн укуоллаан, систиэмэ туруоран абырыыллар. Түгэни туһанан кинилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин.

Ульяна Степанова, Сиинэ с.