“Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим” ырыа куттаах дьону түмтэ

Хаҥалас улууһун Улахан Аан сэлиэнньэтигэр айылҕаттан айдарыылаах, саха эстрадатыгар чаҕылхай сулус буолан күлүмнээн ааспыт Александр Самсонов Айыы Уолун аатынан XII төгүлүн ыытыллар «Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күөн-күрэһэ ырыа куттаах дьону биир түһүлгэҕэ түмтэ.

Дьылҕа Хаан ыар ыйааҕынан Айыы Уола төһө да кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕу олорон аастар, бэйэтин кэнниттэн бар дьонугар уостан түспэт ырыалары бэлэх гына хаалларбыта.

Үөрүүлээх тэрээһин үгэс курдук Александр Самсонов күн сирин көрбүт, тэлэһийэ көппүт төрүт түөлбэтигэр, таас хайатэллэхтээх, үтүө үлэһит дьоннордоох Улахан Аансэлиэнньэтигэр буолан ааста.

Тэрээһин маҥнайгы күнэ үөрүүлээх чааһа Айыы Уола “Сардаана” ырыатын доҕуһуолугар туруорбут, биир дойдулаахпыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Григорьева “Сэргэчээн” ансаабыла үҥкүүтүнэн, ааспыт сыллар күрэстэр кыайыылаахтара, олохтоох ырыаһыттар кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.

Эҕэрдэ тыл эттилэр 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин аҕабаһылыга Александр Алексеев, Хаҥалас улууһункултуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салататынсалайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратынтуйгуна Фекла Варламова, Саха Өрөспүүбүлүкэтинкултууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Бу Орто дойдуга ыллаарыкэлбитим» бырайыак көҕүлээччитэ «Арчы Дьиэтэ» норуотайымньытын киинин салайааччыта Лидия Харитонова Александр Самсонов сырдык аатын үйэтитэр сыалтан күрэсхайдах тэриллибитин туһунан сырдатта.

Бу сыллар тухары Айыы Уолун аата киэҥ сиринэн тэлэһийэкөтөрүгэр, кини ырыалара, аата үйэлээх буолуутугарсыралаах үлэни оҥорбут киһибитинэн буолар Александр Самсонов күн-күбэй ийэтэ Марфа Самсонова мустубутдьоҥҥо, истиҥ эҕэрдэ тылларын эттэ, оҕотун санаан, кини эппит тылларын, ыра санаатын санаан, уйадыйа аҕынна.

Быйылгы күрэххэ уопсайа 15 кыттааччы Өрөспүүбүлүкэбитараас муннуктарыттан ылбаҕай ырыа кэһиилээх кэлэнкытыннылар. Тэрээһин барыта холбоон үс бөлөххө арахсаныытылынна.  1 бөлөх — 10-15 саастаахтарга, 2 бөлөх — 16-20 саастаахтарга, 3 бөлөх — 21-45 саастаахтарга.

Күрэс уопсайа үс түһүмэҕинэн ааста.

1 түһүмэх Айыы Уолун репертуарыттан ырыа, 2 түһүмэх көҥүл ырыа, 3 түһүмэх авторскай ырыа.

Кыттааччылар үгүстэрэ үс түһүмэххэ бэлэмнэнэнситиһиилээхтик кытыннылар. Бары ырыаны ымыы оҥостон, мааны куоластаах дьон тоҕуоруһан Улахан Аанолохтоохторугар истиҥ, умнуллубат күнү бэлэхтээтилэр.

Күрэх түмүгэр 1 бөлөххө: 10-15 саастаахтарга

3 үрдэл — Айастаан Кузьмин (Хаҥалас улууһа, ТиитАрыысэл.)

2 үрдэл — Кристина Латышева (Хаҥалас улууһа, УлаханАансэл.)

1 үрдэл — Павел Прокопьев (Дьокуускай куорат, Маҕан бөһ.) Айыы Уолун бииргэ үөрэммит доҕотторун уонна аймахтарын анал бирииһин тутта.

3 үрдэл — Самит Григорьев (Хаҥалас улууһа, Нөмүгү нэһ.)

1 үрдэл — Самира Архипова (Хаҥалас улууһа, Уулаах Аан сэл.)

2 бөлөххө: 16-20 саастаахтарга

1 Үрдэл — Максим Назаров (Нам улууһа, Хамаҕатта нэһ.) Олохтоох МПЧ тэрилтэ туруорбут анал бирииһинэн наҕараадаланна.

3 бөлөххө: 21-45 саастаахтарга.

3 Үрдэл — Виктория Гаврильева (Хаҥалас улууһа, Улахан Аан сэл.)

2 Үрдэл Владимир Сметанин (Кэбээйи улууһа)

1 Үрдэл — Сандра Матвеева (Хаҥалас улууһа, Тумул сэл.)

3 Үрдэл — Анастасия Третьякова (Дьокуускай куорат) уоннаАйыы Уолун ийэтэ Марфа Самсонова туруорбут аналбирииһинэн наҕараадаланна.

2 Үрдэл — Айыына Ильина (Дьокуускай куорат) “Бөртө” конезавод туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна.

1 Үрдэл — Альберт Третьяков (Орто Халыма улууһа) Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ норуот айымньытын киинэ олохтообут ДНС маҕаһыынтан 10.000 сертификатынан, ону тэҥэ Муусука уонна фольклор түмэлин анал сертификатынан наҕараадаланна.

Кылаан-Чыпчаал хаһаайына буолла  уонна олохтоох 2-с Малдьаҕар дьаһалтата олохтообут 50.000тыһ. ДНС маҕаһыынтан сертификатынан,  Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салатата олохтообут20.000 тыһ ДНС маҕаһыынтан сертификатынан, ону тэҥҥэ «Аан-Аартык” культура киинэ олохтообут 30.000 ДНС маҕаһыынтан сертфикатынан, наҕараадаланна.

12 төгүлүн ыытыллыбыт «Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим» Айыы Уолун аатынан ырыа күрэҕэр күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

Ол курдук тэрээһини үҥкүүннэн киэргэппит Дьокуускай куорат 2-с №-дээх Оҕо ускуустубатын оскуолатын «Сэргэчээн» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылыгар, уус-уран салайааччы, биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Григорьеваҕа. Тэрээһини көҕүлээн ыыппыт олохтоох дьаһалтаҕа, Аҕа баһылык Александр Степанович Алексеевка. Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатыгар, салайааччы Фекла Варламоваҕа, Муусука уонна фольклор түмэлигэр, салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Мария а Корниловаҕа, Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын үлэһиттэригэр, салайааччы Лидия Харитоноваҕа, М.Е. Васильева аат. 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар, директор Григорий Сысоевка, Александр Самсонов бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр уонна Александр Самсонов-Айыы Уолун күн-күбэй ийэтигэр Марфа Самсоноваҕа, “Аан-Аартык” култуура киинин бары үлэһиттэригэр, иилээн-саҕалаан тэрийбит, бар дьону үөрэ көрсүбүт, мааны астаах сандалыны таппыт Далбар Хотуттарыгар, култуура киинин салайааччытыгар Валентина Голоковаҕа.

Айыы Уолун сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах күрэххэ күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар “Бөртө” конезаводка, салайааччы Александр Павлов,  Улахан-Аан участковай балыаһатыгар, “Кыымчаан” оҕо уһуйааныгар, Оҕо спортивнай оскуолатыгар, Олохтоох МПЧ, РЭС, ЖКХ тэрилтэлэригэр, нэһилиэк тумус туттар урбаанньыттарыгар айар дьоҕурдаах кэнчээри ыччаттарга өйөбүл, бигэ тирэх, холобур буола тураргыт иһин тэрийэр бөлөх ааттарыттанистиҥ махталбытын тириэрдэбит. Александр Самсонов Айыы Уола айан хаалларбыт ылбаҕай ырыалара өссө да уһун сылларга дьон-сэргэ ортотугар уостан түспэккэ, санаабытын кынаттыы, сүрэхпитигэр нарын иэйии буолан ыллана турдуннар, саҥа айар талааннаах ыччаттар тахсаннарулууспутугар сүҥкэн кылааты киллэрэҥҥит, бар дьон биһирэбилин ылыаххыт.

Бу күрэһи көҕүлээбит, көҕүлүү сылдьар үтүө киһибит Лидия Харитонова  эппитинии, билигин Айыы Уолун ырыатын Аан Дойду дьоно сөбүлээн ыллыыр буолла, онон туризм хайысхата сайдыыта инники кэскиллээх буолбутунан, бу күрэһи Россия таһымыгар ыытарга, сайдыы барыан наада диэн эппит бэргэн этиитинэн түмүктүүбүн.  

Баҕарабыт уйгулаах олоҕу, кэҥии турар кэскили, үс үйэ тухары үллэ турар үөрүүнү, түөрт үйэ тухары төрүү турар дьолу, биэс үйэ тухары алла турар быйаҥы, өрөгөйгүт үрдүү турдун, саргыгыт салалла турдун, тускуллаах олохтонуҥ, уйгу мичик тэрилиннин диэн алгыстаах тыл бастыҥын аныыбыт!

Прасковья Лебедева, Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин исписэлииһэ.