Түмсүүлэргэ
Хаҥаластааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар быйылгы 2024 сыл үбүлүөйдээх дьыл. Улууспутугар бастакы сүһүөх көрбөттөр уопсастыбалара 1952 сыллаахха тэриллибитэ, тустаах үлэлэрин быыһыгар Михаил Кузьмин, киниэхэ көмөлөһөөччүнэн Дарья Яковлева үлэлээбиттэрэ. Оройуоҥҥа мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьону испииһэктээн кумааҕыга түһэрэн бэлиэтииллэрэ, оччотооҕуга суол-иис мөлтөх буолан үлэ бытааннык барара.
1954 сыл өрөспүүбүлүкэ көрбөттөрүн бырабылыанньата конференция тэрийэр, онно мустубут дьон бэрэссэдээтэлинэн Семён Жиркову талан үлэтин саҕалаабыта. Семен Георгиевич адьаһын көрбөт этэ, онон көмөлөһөөччүнэн эппиэттээх Семён Широких үлэлэспитэ. Үлэ тэтимнээхтик барбыта. Семен Жирков оройуон хаһыатыгар, оччотооҕу «Лена маяктарыгар», уопсастыба көхтөөх дьонун сырдатара. Көрбөт дьон сүрэхтэрин баҕаларынан колхозтарыгар күүс-көмө буола олороллорун, от оттоон, быа хатан, талах олоппостору, талах харбыырдары оҥорон туттаралларын суруйара.
Билигин уопсастыба дьоно эмиэ олус көхтөөх, олоххо тардыһыылаахтар, тулалыыр дьоҥҥо холобур буолар үтүөкэн дьон. Бу соторутааҕыта көрбөттөр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырабылыанньалара ыыппыт фестивалларыгар кытыннылар. Өктөм нэһилиэгиттэн дуобакка Татьяна Андреева барыларын хотон бастаата. Интеллектуальнай оонньууга кыттыбыт дьонум бэлиэтээбиттэринэн, аныгыскыга чугас эргиннээҕи, Саха сирин туһунан эбэтэр олоххо сыһыаннаах ыйытыылар баар буоллаллар диэн. Аны туран, Спортивнай-культурнай реабилитационнай комплекс арыллыбыта олус үчүгэй. Бэйэбит бас билэр муннуктаммыппыт үлэбитигэр төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.
Покровскай куорат самаан сайыны көрсөр Үрүҥ тунах ыһыаҕар куорат дьаһалтата кыынньар кымыһынан, эмис үтэһэлээх этинэн күндүлээтэ. Мустубут дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэн ырыаны-тойугу көҕүлүттэн туттулар, оһуокайдаан дайдылар. Кырыымпаһыттар уу сахалыы дорҕооннору дьүөрэлээннэр уйулҕаны уһугуннарар, сүрэҕи сылаанньытар гына оонньоотулар. Улахан Ааҥҥа олорор уопсастыбабыт чилиэннэрин салайар Зинаида Иванова оһуокай күрэҕэр кыттан миэстэлэстэ. Даҕатан эттэххэ, Зинаидабыт Орто Дойдуга ыытыллыбыт Эркээни ыһыаҕар оһуокай күрэҕэр кыттан «Кылыһахтаах куоластаах этээччи» диэн анал ааттанна, 10000 солк. бириэмийэ тутта. «Талааннаах киһи эргиччи талааннаах» диэн этии оруннаах. Зинаида Семеновна хоһоон айар талаана арыллан истиҥ-иһирэх тыллардаах айымньылара улуус «Хаҥалас» хаһыатыгар бэчээттэнэллэр.
Уопсастыбабыт иһинэн ватсап бөлөхтөөхпүт, 50-тан тахса киһи баар, онно санаабытын атастаһабыт, үөрүүбүтүн үллэстэбит, ырыа-тойук дьиэрэйэр, үлэбит былааныгар киирбит «Дьоро түгэн» диэн ааттаан араас кэпсээннэри, хоһооннору ааҕабыт. Ити курдук уопсастыбабыт дьоно биирдьиэ кэргэн курдук билсэ олоробут. Бука бары инникигэ эрэллээх, саҥа үүнэр күҥҥэ сырдык санаалаах, чэгиэн туруктаах сылдьыаҕыҥ!
Ольга Владимирова, Хаҥаластааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ.