Мүөттээх ыҥырыанан эмтиир  «Сота» эко-база арылынна

Туризм

Дьокуускайга норуокка Шестаковка дэнэр даачалар аттыларыгар бу  Саха сиригэр аан бастакы Апидомиктары тутан мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктанар  олохтоох урбаанньыт Юлия Аммосова дьону чэбдигирдэр үлэтин саҕалаата.

Маннык хорсун  быһаарыныы ылбычча кэлбэтэҕэ биллэр. Биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ, мүөт ылыытынан  дьарыктаныыга мээнэ киһи  ылсыбат.  Дьиктиргээн, эрдэттэн үлэһэн Аммосовтар базаларыгар тиийэ сырыттым. Хатыҥ чараҥ ортотугар  икки сыллааҕыта тутуллубут саҥа дьиэ тэлгэһэтигэр иккилии киһи сытан  ыҥырыанан эмтэнэригэр аналлаах икки кыракый  дьиэ баар буолбут. Сабыылаах бассейн, беседкэ о.д.а. сынньанарга эмиэ тутуллубут.

Ыҥырыанан хайдах эмтэниэххэ сөбүй?

Мүөт туһата түҥ былыргыттан биллэр. Ол эрээри тула көтө,  тыыннаах дыыгынаһа  сылдьар тигээйи аймаҕар чугаһыахха даҕаны куттал дии…

Онтон манна кыракый сабыс саҥа мас сытынан дыргыйар  хаптаһын дьиэлэргэ сүүсчэкэ тыһыынча  ыҥырыа уйаларын үрдүгэр утуйан  эмтэнии тэриллэр эбит. Дьиэ иһин салгына ураты дьайыылаах ыҥырыа мүөтүн, уйатын  сыта, сылааһа Оронуҥ анныгар үлэлээн дыыгынаһар ыҥырыалар... Таарыйа эттэххэ, манна «Дальневосточная пчела« диэн ханныктардааҕар да көрсүө  ыҥырыакөрүҥнэрэ туттуллаллар  диэтилэр хаһаайыттар.

Арай тигээйибит тиктин, олус кутталлаах курдук диэҕи ыҥырыа дьиэ иһигэр киирбэт. Таһырдьанан сылдьан  түбүгүрэн үлэлиир. Биллэн турар, айдааны-куйдааны сөбүлээбэт. Эмтэнии туспа быраабылалары тутуһууну ирдиир.

Туохха туһалааҕын ыйыталастым, ханна маннык дьону чэбдигирдиинэн дьарыктаналларын.

Маннык Апидомиктар дойдубутугар баалларын, ол курдук Башкирияҕа, Абхазияҕа, Алтайга, уопсайынан, соҕуруу  сирдэргэ дьарыктаналларын истибиппит, кэпсиир Юлия Игнатьевна, — Быйыл бэйэбит боруобалаан көрөргө санаммыппыт. Мүөттээх ыҥырыанан дьарыктанааччылар Дьокуускайга түмсээччибит, уопут атастаһабыт. Бу биһиги  дьон сытар ороннорун, лежактары оҥорорбутугар Мархаҕа пасекалаах 15 сыл ыҥырыаны иитэн кэлбит Евгений Леонидович Поличко сүбэлээн-амалаан биэрдэ. Кэргэним Алексей бэйэтэ ороннору оҥордо, уопсайынан, базабытыгар тутуу бөҕөтүн ыытта.

Онтон  бу өҥөнөн дьон туһаныа дии саныыбыт. Биолечебницабытыгар ыҥырыалартан ыраастаммыт ионизированнай салгын  кэлэр, лежанкаларга сыттахха вибрацияланар курдуккун, ыҥырыа дыыгыныыр саҥатыгар уйдаран дууһалыын уоскуйаҕын, үчүгэйдик утуйаҕын,куһаҕан энергияҥ кыйданар. Ыҥырыанан хас датерапевтическай   сеанс санаторийга сылдьыбыты солбуйар кыахтааҕа биллэр. Киһи ис-тас эйгэтэ  оннун булар. Маннабарытыгар  ити мүөт, прополис, пыльца, эфирнэй арыылар сыттара, ону сэргэ мастан тутуу, сымала тыына барыта улахан көмөнү оҥорор. Салгына микробтары суох оҥорор. Онон көдьүүстээх дьайыылаах дииллэр. Элбэх ыарыыга, ол иһигэр ньиэрбэ, сүрэх, тыынар уорганнар о.д.а., ону сэргэ аанньа утуйбат буолууга, уйулҕа хамсааһыныгар, хаан баттааһынын оннугар түһэриигэ туһалыыра биллэр эбит.

Бу дьыаланы баһылаабыт башкирдартан эбии үөрэнэн

Юлия  Аммосова, мин билэрбинэн, былырыын саас Башкирияттан Уфатааҕы наука уонна технология университетын профессора, биологическай наука дуоктара Айрат Ренатович Ишбирдин ыыппыт мүөт сенсорнай анаалыһыгар экспертэри бэлэмниир кууруһугар  сэттэ  ыҥырыанан дьарыктанааччылары кытары үөрэнэн турар. Педагогтара APIMONDIA аан дойдутааҕы ыҥырыанан дьарыктанааччылар форумнарын сертифицированнай судьуйата, кинилэргэ  мүөт хаачыстыбатын быһаарарга элбэх билиини биэрбитэ. Ааспыт күһүн  СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыыппыт быыстапка-дьаарбаҥкатыгар   Юлиялаах «Сибэкки мүөтүгэр« иккисистиэпэннээх дипломунан  бэлиэтэнэн тураллар. Онон эдэр урбаанньыттар сонун, саҥа өҥөнөн олохтоохтук ылсан дьарыктанан эрэллэрэ хайҕаллаах дьыала. Ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Сиһилии видео-түһэриибиттэн, хаартыскалартан билсиҥ:  https://t.me/gazetahangalas/26880

Людмила Аммосова.

Читайте дальше