#Агротуризм
Агротуризм диэн сонун хайысха тыа сиригэр хайдах тэриллэрин, инники былааннар уонна үлэ уопутун туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ Булгунньахтаахха Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтин мунньаҕа тэрилиннэ. Тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга туһуламмыт киэҥ кэпсэтиигэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов, солбуйааччыта Ньургуйаана Заморщикова, СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытын миниистирэ Тимур Ханды, солбуйааччыта Мария Карпова кытыннылар.
1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева салайааччылары олохтоох урбаанньыттары, Булгунньахтаахха агротуризм диэн сонун хайысханан дьарыктаныан баҕалаах биир дойдулаахтарын кытта көрүһүннэрдэ. Салайааччылар бөлөхтөрө бастаан Тоҥуһай сайылыгар олорор Галина уонна Пан Петровтарга сырыттылар. Петровтар сүөһү—ас, түргэнник ситэр көтөрүиитиинэн дьарыктаналлар. Билигин кинилэр тыа ыалынүгэс буолбут укулаатын туристарга, дьоҥҥо—сэргэҕэбилиһиннэрэр, кыылларын—көтөрдөрүн көрдөрөр, бэйэлэрэоҥорон таһаарар бородууксуйаларын амсатар, атыылаандохуот киллэринэр баҕалаахтар. Өскөтүн, тыа сиринтуризмын сайыннарыыга өйөбүл баар буоллаҕына манныкхайа баҕарар сайылык ыала дьаһаныан, дьонухоннорон—аһатан, сир астатан, сөтүөлэтэн, сынньалаҥнарынтэрийэн дохуоттаныахтарын сөп. Сайылык ыалын туһунан сиһилии кэлэр нүөмэргэ ааҕаарыҥ.
Салгыы Айталина Васильева нэһилиэгэр туризм сайдыытыгар эмиэ дьоһун суолталаах сиргэ — мотуордаахоҥочолор тиксэр ыстаансыйаларыгар сырытыннарда. Санатан эттэххэ, бу пирсы былырыын олохтоох дьаһалта үбүлээһининэн урбаанньыт Сергей Омельяненко тутанүлэлэппитэ. Мантан өрүс уҥуор Тукулааҥҥа, Буотамаҕа, Өлүөнэ очуостарыгар сынньана барааччылар мустан, уочараттаан айанныыллар. Онон сыралҕан куйаастан эбэтэрардахтан хаххаланарга олус туһалаах эбийиэк. БилигинБулгунньахтаах анныттан уонтан тахса моторист туристарытаһыынан дьарыктанар. Сылтан сыл сынньанааччы ахсаанаэлбиир, онон урбаанньыт инникитин кэҥэттэр баҕалаах эбит.
Култуура киинигэр ыытыллыбыт төгүрүк остуолга «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-сүрүн эрэдээктэрэ Мария Христофорова Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр “Аврора” медицинскэй клиника иһинэн былырыын арыллыбыт “Утум» Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин холобуругар медицинскэй туризмы сайыннарыытуһунан иһитиннэриилээх кытынна. Медицинскэй туризм билигин Аан дойдуга киэҥник тарҕанна. Дьон сынньалаҥ кэмигэр доруобуйаларын чэбдигирдэллэр. Маннык өҥө биһиги кэрэ айылҕалаах, чэбдик салгыннаах хайа баҕарар сэлиэнньэбитигэр тэриллиэн сөп. Ааспыт сылга бу киин 600-тэн тахса аҕам саастаах киһиэхэ өҥө оҥорон турар, быйыл да бу көрдөрүүнү аччаппат курдук үлэ тэриллиэ диирбырайыак салайааччыта Мария Николаевна. Бэлиэтээн эттэххэ, аҥардас Булгунньахтаахха бу Киин нөҥүө 200-чэкэ киһи кэлэн сынньанан барбыт, олохтоох урбаанньыттар өҥөлөрүнэн туһаммыттар.
Көрсүһүүгэ уопут үллэстэ кэлбит өрөспүүбүлүкэ эдэр баһылыктарын түмсүүтүттэн Горнай улууһун Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов «Одуну парк» сынньалаҥ базатын бырайыагын билиһиннэрдэ. Баһылык иһитиннэрбитинэн, инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэрии биэс сыл салҕаныа, бу бырайыак чэрчитинэн олохтоох дьоҥҥо саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсыахтара.
Миниистир Тимур Ханды инвестордары булан үлэлэһии, тыа сиригэр инфраструктураны сайыннарыы уонна интэриэһинэй туристическай маршруттары тэрийии министиэристибэ күн бүгүҥҥү соруга диир. Тимур Юрьевич сиһилии өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытын кэпсээтэ. Ол курдук, Саха сиригэр турпоток 2019 сыллаахха 201 тыһ. киһи буоллаҕына, быйылгы сылга номнуо 250 тыһ. тэҥнэспит. Икки сыл иһигэр Ростуризм ыытар куонкурустарыгар кыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 269 мөл.солкуобай үп киирбит. Билигин министиэристибэ туризм салаата сайдарыгар бөдөҥ хампаанньалары уонна инвестордары интэриэһиргэтэргэ стратегия бэлэмниир. Инникитин туристар ахсааннарын өссө элбэтэр, үрдүк усулуобуйалаах гостиницалары үлэлэтэр, өрөспүүбүлүкэ иһигэр массыынанан күүлэйдииргэ сөптөөх усулуобуйаны (суол-иис боппуруоһа) тэрийэр сорук турар диэн салайааччы иһитиннэрдэ.
Сүбэ-мунньах түмүгүнэн аны күһүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар төгүрүк остуол тэриллиэ, онно бары баар кыһалҕаны быһаарарга саҥа дьаһаллар ылыныллыахтара.
Ольга Гермогенова.