Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах сылыгар

Сайын үгэнигэр, хас сылын аайы дойдубутугар от ыйын иккис өрөбүлүгэр Балыксыт күнүн бэлиэтиибит. Урукку кэмнэргэ бу күнү идэлээх эрэ дьон бэлиэтиир эбит буоллахтарына, билигин балыктааһын киэҥник тарҕаммыт сынньалаҥ көрүҥүнэн биллэр.

«Рыбалка Өктөм» түмсүү туһунан спортивнай балыктааһынынан дьарыктанар дьон бары билэллэр. Түмсүү кыттыылаахтара, Өктөм нэһилиэгин олохтоох уолаттара, бу өрөбүлгэ үтүө үгэс быһыытынан Салдаат арыытыгар оҕолорго анаан күөгүнэн уонна спинниҥҥа күрэх тэрийэн ыыттылар. Манна анаан кыттарга балыксыттар эрдэ туран, ох курдук оҥостон, тэринэн-симэнэн тэрийээччилэр эппит сирдэригэр Өлүөнэ эбэ кытылыгар мусталлар. Кыттааччылары анал балыктаах сиргэ илдьэр 10 миэстэлээх уу катамарана күүтэр. Сотору кэминэн кыттааччылары уочаратынан күрэх ыытыллар сиригэр илдьэллэр уонна барыта бүттэҕинэ төптөрү аҕалаллар.

Күрэххэ балаһыанньа быһыытынан кыттааччы күөгүнэн, онтон спиннингынан балыктыыр. Бастаан саамай бастакы балыгы бары долгуйа күүтэллэр. Оҕолор олох үөрүйэхтэрэ бэрт буолан 2-3 мүнүүтэ буолаат хас да балыгы куоттардылар уонна сотору кэминэн Уус Алдантан сылдьар Айтал Герасимов бу күн бастакы балыгы хаптаран анал аакка тиксэр буолла. Онтон салгыы, эдэр балыксыттар элбэх уонна улахан балыгы хаптарарга бардылар. Күрэхтэһии тэрийээччитэ Алексей Андреев маннык сынньалаҥы дьоҥҥо тэрийбитэ хаһыс да сыла буолла:

«Эдэр балыксыт» 10-тан 16-гар диэри саастаах оҕолорго анаан ыытар күрэхтэһиибит быйыл бэһис сылын буолла. Манна «Рыбалка Өктөм» түмсүү бөлөҕөр киирэр оҕолору ыҥыра сатыыбыт, наһаа элбэх киһини муспат курдук. Сылын аайы 20-чэ кыттааччы араас улуустартан, куораттартан кэлэн кыттан бараллар. Күрэхтэһиибит сүрүн сыала — дьиэ кэргэн сибиэһэй салгыҥҥа сынньалаҥын тэрийии буолар. Манна биһиги балыктыыр сири бэлэмниибит, бэйэбит тиэйэн аҕалабыт уонна хайаан да сыаналаах бириистэри туттарабыт. Сылын аайы бириистэрбитигэр араас спонсордар күүс-көмө, өйөбүл буолаллар, кинилэргэ түгэнинэн туһанан улахан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Маннык тэрээһиннэри биһиги түмсүүбүт Балыксыт күнүгэр эрэ буолбакка, сылга хаста да тэрийэбит. Кыһын муус аннынан балыктыыбыт, онно эмиэ дьон бөҕө кэлэн кыттан барааччы. Инникитин кэммиэрчискэйэ суох тэрилтэ тэрийэн, граннарга кыттар баҕалаахпыт. Оччоҕо бу кыра түмсүүбүт кэҥээн улууспутугар туризм сайдыытыгар бэйэтин олугун ууруо этэ, — диэн «Рыбалка Өктөм» түмсүү салайааччыта Алексей Андреев кэпсээтэ.

Күрэх түмүгүнэн күөгүлээһиҥҥэ 1 киилэ 730 гр. ыйааһыннаах балыктардаах Мохсоҕоллоох бөһүөлэгиттэн Алиса Новикова кыайыылааҕынан таҕыста. Киниттэн аҕыйаҕынан хаалан, 1 киилэ 700 гр. хаптаран, Дьокуускай куораттан Айтал Иванов II миэстэ буолла. 1 киилэ 20 гр. хаптарбыт Өктөм нэһилиэгиттэн Илья Ковров III миэстэ буолла.

Спиннингынан балыктааһын күрэҕэ күн оройугар түбэһэн, куйаасүгэнэ буолан балык дириҥҥэ тимирэн уоскуйуу кэмэ үөскээтэ. Олда буоллар 1 киилэ 600 гр. балыгы хаптаран Өктөм нэһилиэгиттэн Илья Ковров кыайыылаах таҕыста. II миэстэҕэ 410 гр. балыктаах Дьокуускай куораттан Майкл Макаров уонна III миэстэҕэ 286 гр. балыктаах Өктөм нэһилиэгиттэн Айгылаан Баишев тигистилэр.

Татьяна ВЛАДИМИРОВА.