Тоҥуһай сайылыгар агротуризм сайдар кэскиллээх

Тыа сирэ

Булгунньахтаахха  Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтин мунньаҕа тэриллибитин туһунан суруйан турабыт. Бэлиэтээн эттэххэ, бу нэһилиэк сиригэр-уотугар туризмынан дьарыктанааччы да, туристическай базалар да ахсааннара сылтан сыл элбиир. Оттон агротуризм диэн сонун хайысханан аны сайылыктаах ыаллар ылсан үлэлэһэн эрэллэр. Бөтүрүөп күн салайааччылар бөлөхтөрө Тоҥуһай сайылыгар тиийэн Пан уонна Галина Петровтар дьиэ кэргэннэрин көрсөн үлэни-хамнаһы билистилэр.

Ыал ийэтэ Галина Михайловна ыалдьыттары тиэргэнигэр көрсөн тутатына хаһаайыстыбатын көрдөрдө, билиһиннэрдэ.

Биһиги сайылыкпыт уруккута сопхуос  пиэрмэтэ этэ. Манна эдэр сааспытыттан үлэлээн кэлбит дьоммут. Кэнники сир ылан, дьиэ-уот туттан, сүөһүбүтүн-аспытын көһөрөн таһааран сылын аайы  сайылыыбыт. Дьэ былырыыҥҥыттан агротуризм хайысхатын ылсан дьаһанан эрэбит. Ол курдук, үс ыанар ынахпыт таһынан сылгылаахпыт, икки козалаахпыт, тохсунньу-олунньу ыйдарга индюк, хаас сымыытын атыылаһан бэйэбит инкубаторга баттатан таһаараммыт сайыны быһа көрөн, аһатан-сиэтэн күһүн сороҕун идэһэ оҥостон, сороҕун атыылаан үп оҥостобут. Араас боруода кууруссалардаахпыт, перепелкалаахпыт, олор сымыыттарын, үрүҥ аспытын суораттаан, иэдьэгэйдээн атыылыыбыт. Коза үүтэ эмтээх буолан эмиэ хамаҕатык атыыланар, — диир Галина Петрова. — Булгунньахтаахха кэлэр-барар туристартан ураты сайыҥҥы кэмҥэ дьиэ куортамнаан сайылааччылар эмиэ элбээтилэр. Олор эрдэттэн кэпсэтэн, оҕолорун-сиэннэрин илдьэ кэлэннэр контактнай зоопаарка  курдук көтөрдөрбүтүн, кыылларбытын көрөллөр, аһаталлар, таарыйа сымыыт, үрүҥ ас атыылаһан бараллар. Тиэргэҥҥэ киирии төлөбүрдээх, 200 солкуобай. Дьон-сэргэ эһиэхэ тиийэбит диэн биллэрдилэр да, биһиги көтөрдөрбүтүн хаайан бэлэмниибит. Инникитин суолбут-ииспит оҥоһулуннар диэн баҕалаахпыт. Күн бүгүн дизельнэй ыстаансыйанан уонна күн батареятынан уоттанан олоробут, онон уот тардылыннар өссө кэҥэттиэ, дьон-сэргэ хонон-өрөөн ааһарыгар эппиэттэһэр сынньанар дьиэлэри да туттуо этибит. Биир улахан баҕа санаабыт биһиги курдук, урбаанньыт буолбатах кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга саҥалыы дьаһанарга өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүл көрүллэрэ буоллар, — диэн Галина Михайловна баҕа санаатын эттэ.

Петровтар улахан хаһаайыстыбаларыгар дьиэ кэргэн бары тус туһунан эбээһинэстээхтэр эбит. Сайылыы кэлбит сиэннэр көтөрдөрү аһаталлар, чугастааҕы күөлгэ үүрэн киллэрэллэр, киэһэ сынньаммыт хаастарын төптөрү аҕалтыыллар. Онон оҕолор сайылык олоҕун толору билэллэр, ас-таҥас хантан кэлэрин кыра эрдэхтэриттэн көрө улааталлар.

1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева биир дойдулаахтарын сонун саҕалааһыннарын куруук өйүүр. Кини баар кыһалҕаны туоратарга сыралаһан үлэлэһэрин истэн да, көрөн да билэбит.  

Биһиги дойдубут кэрэ айылҕатынан эрэ буолбакка, маннык туруу үлэһит, саҥаны-сонуну боруобалыыр баҕалаах, олоххо көхтөөх көрүүлээх дьонунан баай. Ааспыт сылга Петровтар дьиэ кэргэннэрэ социальнай хантыраак куонкурсугар кыттан көрбүттэрэ да, сатаан хапсыбатахтара. Агростартапка түргэнник ситэр салаанан киирсибиппит да, эмиэ баалынан ааспатахпыт. Аны агротуризм диэн сонун хайысханан барарга быһаарынныбыт. Агротуризм, ол эбэтэр тыа сирин туризмын туһунан сокуон икки сыллааҕыта олоххо кииртэ, дьону, чуолаан ыччаты төрүт дьарыкка сыһыарар, кинилэри үлэ-хамнас саҥа көрүҥнэрин тэрийэргэ көҕүлүүр, итиэннэ тыа сирин олохтоохторун дохуоттуур соруктаах. Ол эрээри күн бүгүн бу хайысханан өйөбүл-көмө миэрэлэр суохтар. Биһиги, нэһилиэк таһымыгар, бэйэбит дьоммутугар саҥа саҕалааһыннарын өйөөн үүт-хайаҕас була сатыыбыт. Өскөтүн муниципалитеттар уонна туризм, урбаан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ биир сүбэнэн дьаһаннахпытынан тыа дьоно эбии дохуоттаныа этилэр. Булгунньахтаахтар кэнники биэс сыл туризмынан утумнаахтык дьарыктанан кэллибит. Бу биһиги олохтоохторбут үгүстэрин сүрүн дьарыктанара. Тыа сиригэр урбаан бүддьүөтү оҥорор сүрүн хайысха буолар. Онон тыа сиригэр үлэлиир-хамныыр дьоҥҥо, тыа сирин урбаанньыттарыгар нолуок ааҕыллыытын намтатарга, инфраструктура сайдыытыгар болҕомто уурулларыгар уонна, чуолаан, тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга үбүлээһин көрүллэрин туруорсабыт. Холобура биһиги сайылыктарбыт олохтоохторун сүрүн кыһалҕалара уот уонна суол боппуруоһа. Өскөтүн бу кыһалҕа быһаарылыннаҕына уонна саатар эрэгийиэн таһымнаах тыа ыалыгар табыгастаах саҥа өйөбүл миэрэтэ көрүлүннэр дьоммут үлэлэрэ таһаарыылаах, үтүө түмүктээх буолуо этэ, — диэн Айталина Ивановна сиһилии быһааран кэпсээтэ.


Тоҥуһай сайылыгар өссө биир ыал – Евграфовтар эмиэ туристарга, сынньанааччыларга анаан хонон-өрөөн ааһар дьиэни үлэлэтэн саҕалаары гыналлар эбит. Хаһаайка Галина Семеновна идэтинэн агроном, тыа ыалын сиэринэн ынах-сылгы сүөһү ииттэн кэллилэр. Сааһыран билигин сылгыларын эрэ хаалларбыттар.

Сайылыкка оҕо эрдэхпититтэн олоробут диэххэ сөп. Бу дьонум дьиэлэрэ. Соторутааҕыта сөргүтэн, өрөмүөннээн кэлэ-бара сынньанар дьиэ гына оҥоһуннубут. Мааны айылҕалаах сайылыкпытыгар сир астыахха, балыктыахха, кус да көрүөххэ син. Туристарга, хонон сынньанар дьоҥҥо, Буотамаҕа, бизонарийга, Кыһыл элэһиҥҥэ, Өлүөнэ очуостарыгар баран кэлэр буоллахтарына мотуордаах дьону кэпсэтэн көмөлөһүөхпүн, билиэн-көрүөн баҕалаахтарга биһиэхэ үүнэр эмтээх оттор туһунан кэпсээн, экскурсия, маастар-кылаас  тэрийиэхпитин сөп. Ону сэргэ, алгыс, киһи бэйэтин бэйэтэ ыраастанар, харыстанар ньымаларын билиһиннэриэхпин сөп,- диэн Галина Евграфова кылгастык инники былаанын сэгэтэн кэпсээтэ.

Бу курдук Тоҥуһай сайылык саҥалыы тыыннанан сайдар-үүнэр кэскиллээх. Онуоха тустаах болҕомто туһаайыллара эрэ ирдэнэр.

Ольга Гермогенова.