Былырыын атырдьах ыйын 4 күнүгэр, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президиэнэ Михаил Ефимович НИКОЛАЕВ, олохтон туораабытын туһунан сурах, бүтүн Саха Сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа киэҥ туонатын уҥуордаан Аан Дойдуга тиийэ биллэн дьон сүрэҕин долгуппута, кутурҕанын үөскэппитэ.
Ол күн кэннэ хайа сах биир сыл ааһа охсубут. Санатар буоллахха, былырыын Михаил Ефимовиһы тиһэх суолугар атаарыыга, аҕам саастаах ытык кырдьаҕастартан саҕалаан кыра оҕолорго тиийэ үгүс элбэх киһи кыттыбыта, телевидение нөҥүө дьон бэйэлэрин кутурҕаннарын тиһигин быспакка биллэрбиттэрэ, бу, кинини саха норуота бүттүүнэ улаханнык ытыктыырын, киниэхэ сүгүрүйэрин, таптыырын уонна махтанарын көрдөрөр, тугунан даҕаны суураллыбат тыыннаах туоһута уонна көстүүтэ буолбута.
Мин кинини кытары 26 сыл устата бииргэ алтыспыт, көрсөн кэпсэппит, киниттэн мөҕүллүбүт да, хайҕаммыт да киһи буоларым быһыытынан, этиэм этэ, Михаил Ефимович курдук сахатын дьонун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар салайааччыны, киһини даҕаны көрсө, билэ иликпин. Кини ол курдук, саха норуотун туһугар Үөһээ Айыылартан оннук быһыылаах-таһаалаах, майгылаах-сигилилээх, ыйдарыылаах-ыйаахтаах айыллан кэлбит киһи курдуга.
Михаил Ефимович дойдутугар кэллэр эрэ Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолаҕа хайаан да сылдьан ааһара. Ардыгар сэрэппэккэ өрөбүл күн кэллэҕинэ миигин үлэбэр баарбын көрөн үөрэрэ уонна саха дьонун олус элбэх үлэттэн аралдьытар күннэр, тэрээһиннэр үксүү туралларыттан соҥ түһэр курдуга. Ол курдук, кини холобура, дьон тэрилтэнэн, дьиэ аймаҕынан, уо.д.а. араас буолар-буолбат ыһыахтары кэрийэн күнү-дьылы барыылларын сөбүлээбэтин этэрэ. Итилэр бары, олох сайдыытын хаамыытын атахтыылларын, дьону көҕү-нэми батыһарга көҕүлүүллэрин ааһан сүрэҕэ суох оҥороллор диирэ. Кини бэл биир күн, үгүс дьон Саҥа дьылы көрсөр сүпсүргэнигэр сылдьар кэмнэригэр, ахсынньы 30-гар тиийэн кэлэн миигин соһутан уонна оскуола эбилик тутуутугар көмөлөһүөх буолан улаханнык үөрдэн турардаах.
Дьэ Михаил Ефимович сити курдук мэлдьитин үлэ үөһүгэр сылдьан саҥа Саха өрөспүүбүлүкэтин сайдыы суолугар үктэннэрдэҕэ, инники күөҥҥэ таһаардаҕа. Ол туһунан былырыын, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, кини олохтообут Саха сирин судаарыстыбаннаһын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ сылдьан, онно кини туһунан дьон элбэх үтүө ахтыыларын истэ олорон, кини суоҕуттан миэхэ олус курус санаа киирэннэр бу курдук хоһоон хоһуллан турар:
Эн бардыҥ…
Эн бардыҥ, Бастакы Президент
Олохпут оҥкулун оҥорон,
Кэскилбит өһүөтүн түһэрэн,
Дьылҕабыт аартыгын арыйан.
Эн бардыҥ, биһиэхэ хаалларан
Үрүҥ күннээх былааҕы өрө күөрэтэн,
Дьаралык бэлиэтин бигэтик оҥорон,
Өрөгөй ырыатын доргуччу ыллатан.
Эн бардыҥ, хаһан да кэлбэттии
Сахабыт сирин Аар саарга аатырдан,
Суон сураҕын хаһан да сүппэттии
Саҥа, Саха Республикатын олохтоон.
Эн бардыҥ, Бастакы Президент,
Хорсуҥҥун бар дьоҥҥор биллэрэн,
Сахаҥ сирин дьылҕатын туһугар
Харса суох киирсэргин көрдөрөн.
Эн бардыҥ, биһиэхэ иэс баайан
Бэйэҥ олоххун норуоккар анааҥҥын,
Биһиги ону өйдүүбүт, билэбит
Хардатын хайаан да оҥоруохпут.
Эрэннэрэбит биһиги эйиэхэ,
Эн ааккын үрдүктүк тутуохпут,
Хас эмэ үйэлэри уҥуордуур
Үтүмэн үлэни ыытыахпыт.
Куруутун эйиигин саныахпыт,
Ырыаҕа-хоһооҥҥо ыллыахпыт,
Тыгыҥҥа эйиигин холооммут,
Уруйдуу-айхалыы сылдьыахпыт.
Үөрэххэ-билиигэ тардыһан
Үлэни өрө тутуохпут,
Чөл олох ыллыгын батыһан
Дьон бэрдэ биһиги дэтиэхпит.
Эн ыра санааҕын толорон
Сайдыыга бигэтик киириэхпит,
Халлаан куйаарыгар хайаан да
Саха уолун көтүтүөхпүт.
Эйиигин олуһун суохтааммыт
Куруутун санааммыт, ахтаммыт
Дойдугар өйдөбүнньүк туруоруохпут,
Эн ааккын доргуччу ааттыахпыт.
Бу буолуо биһиги хардабыт
Эйиэхэ, Бастакы Президент,
Эн иннигэр иэспитин толорбут
Эйиэхэ үйэлээх МАХТАЛБЫТ!
Хоһооҥҥо хоһуллубутун курдук, табылыннаҕына, быйыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр, хаҥаластар Бастакы Президеммитигэр Михаил Ефимович Николаевка, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан, өйдөбүнньүк туруораары түбүгүрэ сылдьарбыт бу улуус дьаһалтатын өттүттэн улахан хайҕаллаах дьаһаныы буолар.
Билэргит курдук, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев, Бастакы Президент М.Е. Николаев аатын үйэтитиитин туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Онно олоҕуран Автодорожнай уулуссаны Михаил Ефимович аатынан ааттаатылар, ол кэннэ кэккэ кинигэлэр тахсыталаан эрэллэр.
Төрөөбүт улууһугар, биир сыл иһигэр туох оҥоһулунна?
Холобура, куораппыт көстүүтүгэр М.Е. Николаевы санатар, кинини хаҥаластар тумус туттар киһибит диир көстүү баар дуо? Суоҕун кэриэтэ, арай биир, Дьиэ кэргэн уонна оҕо сылыгар анаммыт уонна биһиги оскуолабыт истиэнэтигэр ыйаммыт баннердар эрэ бааллара — мин саныахпар, хаҥаластарга тутах курдук. Билэргит курдук, дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар даҕаны кини үтүө, кэрэ мөссүөнэ эмиэ көстүбэккэ дылы. Уулуссаҕа аат иҥэрии, кинигэни таһаары бэрдин бэрт эрээри, бу хайа баҕар киһиэхэ оҥоһуллар таһымнар буолаллар. Мин саныахпар, кини аатыгар күүскэ сүгүрүйүү, кини аатын үрдүктүк өрө тутууну биһиги, хаҥаластар саҕалыахтаахпыт уонна атын улуустарга, киин куоракка даҕаны холобур буолуох тустаахпыт.
Баҕар ааҕааччым, бээрэ, онтон эн бэйэҥ ол айылаах тугу гынныҥ? — диэн ыйытар түгэнигэр, мин бастатан туран оскуолам иһинэн М.Е. Николаев аатын үйэтитэр туһунан анал барыл оҥорбутум. Ол барыл чэрчитинэн, үөһээ ахтан аһарбытым курдук М.Е. Николаев көстүүлээх, кини хаҥаластарга туһаайан эппит тыллардаах баннер оҥорон оскуолам истиэнэтигэр бар дьон көрүүтүгэр ыйаатым, оскуолабыт иһинэн үлэлиир оҕо хартыынатын галереятын сүрүн экспозициятынан, оҕолор М.Е. Николаев туһунан уруһуйдаабыт үлэлэрэ көрдөрүүгэ туруохтааҕын хааччыйдым. Хаҥалас улууһун оҕо искусствотын кыһаларын салайааччыларын кытары М.Е. Николаев төрөөбүт күнүгэр сылын аайы ыытыллар улуустааҕы тэрээһини тэрийистим, кини аатынан бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо уруһуйун чемпионатын ыыттардым, кини мөссүөннээх, куар кодтаах кыракый халандаар оҥотторон кэлбит-барбыт ыалдьыттарга ону тарҕатан, кини хаҥаластарга туһаайан бар дьонугар эппит кэс тылын куар куодунан киирэн кини саҥатын тыыннаахтыы истэр, мөссүөнүн көрөр гына оҥорон тарҕата сылдьабын. Билигин оскуолабыт үөрэнэр кабинеттарын аайы кини хаартыскаларын ыйатар уо.д.а. торумнардаахпын диэн хоруйдуохпун сөп.
Манна сигэнэн, коллегаларбар, биир дойдулаах хаҥаластарга туһаайан этиэм этэ, Михаил Николаев биллэрин курдук, бу бүтүн Саха Сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа күөн туттар, хас эмэ үйэлэргэ биирдэ кэлэн ааһар сүдү, ытык-мааны киһибит буолар. Кырдьыга даҕаны кини, аныгы үйэ Тыгын Дархана аатын сүгэр толору таһымнаах, ону уйунар, саха дьоно бэйэтэ ааттаабыт Аан Дарханын аатын үйэтитэргэ, үрдүк өһүөлээхтэр ыйыыларын-кэрдиилэрин кэтэһэн олорбокко, ким тугу кыайарынан, сатыырынан, баҕарарынан уонна уйунарынан, кини аатын үйэтитэр үлэни харса суох ыытан, улуу монголлар Чыҥыс Хаан аатын үйэтитэ сылдьалларын курдук гына, тастан кэлбит дьон, Хаҥалас улууһа Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт дойдута эбит дииллэрин курдук, үйэлэри уҥуордуур үтүө ааты олохтуур, бу биһиги кини иннигэр ытык иэспит, сорукпут буолар. Маны итиитигэр кыайбатахпытына, кэлин умнууга, симэлийиигэ тиэрдиэҕин сөбүн бука диэн умнумуоххайын уонна оннук буолбатын туһугар, биир өйдөбүнньүгүнэн муҥурданан тохтоон хаалбаккабыт эрэ, салҕыы кини аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин туһугар харса суох үлэбитин ыытыаххайын диэн бука барыгытын ыҥырабын уонна көрдөһөбүн!
ХАҤАЛАС УЛУУҺУН ЧУЛУУ УОЛУГАР АЙХАЛ!
САХА СИРИН БАСТАКЫ ПРЕЗИДЕНИГЭР УРУЙ!
МИХАИЛ ЕФИМОВИЧ НИКОЛАЕВКА МАХТАЛ!
Александр ХАРИТОНОВ, Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур—дьүһүннүүр оскуола дириэктэрэ.