Туризм

Кырдьаҕас дэриэбинэ өрүттэ сатыыр

Хаҥаласка Еланка туризм биир дьоһун киининэн буолар. Орто Дойду, Өлүөнэ Очуостара, Сиинэ үрэҕэ, Булуус, Күрүлүүр, Туруук Хайа, Еланка, Буотама  биһиги улууска туризмы сайыннарар кииннэрбит буолаллар. Бары даҕаны эриэ-дэхси атахтарыгар тура сатыыллар.

Еланка, уруккута Иркутскай-Дьокуускай почта суолун  126 ыстаансыйаларыттан биирдэстэрэ, дьон-сэргэ олохтоохтук оҥостон олорбут дэриэбинэлэрэ бөдөҥсүтүү политикатыгар  түбэһэн эстэргэ  дьылҕаламмыт үчүгэйкээн дэриэбинэ билигин туризмынан дьарыктанан өрүттэ сатыыр. Биллэн турар, олохтоох энтузиастар  көҕүлээһиннэринэн, ыра санааларын күүһүнэн!

Манна тутуу комплексын бэтэрээнэ Анатолий Соколов биир дойдулаахтарын өйөбүлүнэн  кыһыл кирпииччэттэн аҕа көлүөнэ дьонун кэриэстээн 2003 сыллаахха бэртээхэй чочуобунаны тутуоҕуттан дьон-сэргэ быһа ааспат сирэ буолла. Кырдьык даҕаны, Өлүөнэ Эбэ устун айаннаан  истэххэ,  бу дьоһун тутуу хайа үрдүгэр  ыраахтан көстөр. Онтон биэрэги кыйа аны бэрт үгүс  дьоҕус дьиэлэр, туристическай  эбийиэктэр кэккэлэспиттэрэ  киһи хараҕын үөрдэр -Еланкабын саҥа тыынынан өрүттэн эрэр!

Соҕурууҥҥу Хаҥалаһы билсэргэ мантан олус табыгастаах. Мотуордаах оҥочонон биир чааһынан Өлүөнэ Очуостарыгар тиийиэххэ син, онтон салгыы  — ханна да хатыламмат Сиинэ кэрэ көстүүлээх хайаларыгар. Онтон Кыһыл Элэһин тукулааннарын, бизоннардаах дьикти айылҕалаах Уус-Буотаманы, этэргэ дылы, сыттана сытаҕын. Дьокуускайтан асфальт, кутуу суолунан  үөрэ-көтө аҕыйах  чааһынан  массыынанан айаннаан кэлэн баран Еланка туристическай базаларыгар түһэ сытан санаатыҥ да Сахабыт сирин  ити кэрэ сирдэригэр модун  өрүспүт  устун түргэн үлүгэрдик тиийиэххэ син, өссө  көрөн-истэн, дуоһуйа сынньанан, хаартыскаҕа түһэн эҥин баран хонуккар Еланкаҕар төннөҕүн. Киэһээ манна, турбазаларга, уоттаах-күөстээх дискотека, араас истиҥ көрсүһүүлэр, шашлык, ахтылҕаннаах түптэ сыта... Баҕардаххына, үрүҥ түүнү, сарсыарда үүнэр күнү астына көрсүү. Ама сынньамматым диэҥ дуо?

Хайа, уонна манна кэлбит киһи билиитэ-көрүүтэ  хаҥыыр, олорон ааһар олоҕор сыһыана да уларыйыан сөп дии саныыбын. Онно тирэх буолар «Ямщицкое подворье» саха-дьаам дьонун урукку олоҕун кэпсиир  бэртээхэй түмэл, дэриэбинэ устун чочуобунаттан саҕалаан дьаарбайа хаамтахха — историяны сэһэргиир дьикти тыыннаах дьиэ-уот, үйэлээх тутуулар…

История кэрэһитэ — «Ямщицкое подворье»

Еланка тиллиэҕиттэн  манна сырыттым ини, сылдьыбатым ини, ол эрээри саҥаттан саҥаны кэрэхсии көрөбүн.

«Ямщицкое подворье» — дьикти түмэл, бүтүн комплекс диэххэ сөп. Мин өссө бу уһаайбаҕа түмэл дьиэтин акылаата түһэригэр сылдьыбыттааҕым, муостатын баалкаларынан ыстаҥалаан көрбүттээҕим, 2000-ча сыллардаахха дьаам култууратын, үгэстэрин сөргүтүүгэ улахан өҥөлөөх биир дойдулааҕым Анатолий Добрянцев улууспутугар баһылыгынан кэлиитэ.

Оччолорго кини манна Туризмҥа министиэристибэттэн тойоттору үлэ хаамыытын билиһиннэрэ таһаартаабыттааҕа. Онтон бэртээхэй маһынан дьиэ дьэндэйбитэ, уһаайба иһигэр   көньүүһүнэ, уус-кыһата, ампаар о.д.а. тутуулар баар буолтара, Еланка иккис тыынын сахпыттара.

Чочуобунаны Дьокуускайдааҕы эпархия Никольскайдааҕы храмын настоятеля Алексей сибэтии гыныыта, бастакы сүрэхтэнээччилэрин көрсүүтэ, Еланка оонньуулаах-көрдөөх Күннэрин, хормуоска күрэҕин ыытыы… үйэ чиэппэрин кэриэтэ барытыгар баар этим. Хомойуох иһин, үгүс кырдьаҕастарбыт, төрүт олохтоохтор бу сиртэн күрэннилэр. Үчүгэйэ диэн  — кинилэр дьыалаларын эдэр көлүөнэ ыччаттар салгыыллар. Ону сэргэ бу дьикти сиртэн ас таһаарынаары  муннуларыгар сыттаахтар булан олохтоохтору быһа түһэн сири-уоту былдьаһыылара… Еланка төрүт олохтоохторун кытары сууттарга тиийэ сылдьыбыттааҕым, хаһыаппар суруйбуттааҕым, ааҕааччыларбыт өйдүүллэрэ буолуо.

Еланка эдэр урбаанньыта, юрист идэлээх Александр Ариносов дьаныардаах киирсиитинэн «Уһук илин гектарынан» былдьана сыспыт  историческай суолталаах учаастактар дэриэбинэ туһатыгар төнүннүлэр диэн астына иһитиннэрэбин. Иэдээн буола сыспыта эбээт, оннооҕор Чочуобуна миэстэтэ докумуоннаммакка былдьана сыспыта, Түмэлбит уһаайбатын аҥаар муннуга атын хаһаайыннанан көҕүрэттэр да сирэ суох  хаалбыппыт баара. Еланкаҕа биир бэлиэ түгэни үтүрүллэн, хата, университет науканан дьарыктанарга өссө эрдэ ылбыт уһаайбатыгар бэлиэтээбиппит этэ, общественнай миэстэҕэ анаабыт кырдайбыт күрүөнэн-хаһаанан эргитиллэн бүтэ сыспыта, түмэлбит аттыгар сылгы хаһаата, хотон тутуллубута…Ама да ааспытын иһин!

Бу күннэргэ  биһиги анаан-минээн  Еланкаҕа сырыттыбыт, сүнньүнэн туризмы сайыннарыыга туох үлэ барарын билсэ,  дьоммутугар-сэргэбитигэр сырдата. Еланканы суутунан-сокуонунан турууласпыт Александр Ариносов массыынатынан тиэйэ сылдьан сирин-уотун, олохсуйбут турбазаларын билиһиннэрдэ. Барҕа махтал буоллун!

Дьаам уһаайбатыттан сырыы салҕанар

Ким көрбөтөххө, кылгастык сэһэргиим эрэ. Манна хайаан да сылдьыахха наада. Эһигини олбуорга  киириигэ былырыын саҥардыллан туруоруллубут почта ыстаансыйатын биэрэстэ-остуолбата, тимир ылтаһынынан айыллыбыт аттаах дьаамсык айаннаан иһэрин көрдөрөр бэлиэ-ойуута көрсүөҕэ. Түмэл дьиэтэ — бэйэтэ эриэккэс, былыргылыы тутуу, дьаам дьоно урут хайдах дьаһанан олорбуттарын көрдөрөргө ананан тутуллубут. Элбэх дьикти мал-сал, дьэ, манна хараллан турар.

Экспонаты түмүүгэ бүтүн улуус дьоно кыттыбыттара да диэххэ сөп. Ол иһин олус баай. Өссө хас да сыл аанньа хаһаайына суох туран сорох экспонат, хомойуох иһин, суоласойбута. Хата, ыал устун барыахтарын Еланка кырдьаҕастара биир-биэс харчыта суох харыһыйса сатаабыттарыгар махтал тылларын этиэҕиҥ. Биир сыл бу түмэл атаҕар туруутугар Үөдэйтэн энтузиаст Александр Филиппов кэлэн үрдүттэн кыстаан  олорон элбэҕи оҥорбута. «Сан Саныч  маны оҥорбута, Сан-Саныч аҕалбыта…» диэн махтал тыллары бу күн Ариносовтан үгүстүк иһиттибит.


Манна хас биирдии мал, туттар тэрил о.д.а., аны экспонат диирбит дуу, барыта историялаах, мас оронугар, иһит
игэр-хомуоһугар, булт, балык тэрилигэр тиийэ.


Александр Сергеевич  бэртээхэй экскурсовод эбит. Дьиэҕэ сыһыарыы кыладыапка-ампаарыгар, холобур, бурдук кутар дьааһык турарын көрдөрөн, оҕолорго кэпсииригэр Колобуок туһунан остуоруйаны  туһанарын кэпсээн күллэртээтэ, «бу түннүгүнэн Колобуок куоппута…» диэн. Аныгы оҕо хантан билиэй, сөһүөк диэни.

Эбэтэр бурдук сынньар кэлиини. Уһун тутаахтаах ыарҕа харбыыры Ариносов кэпсээнигэр Дьэгэ Бааба туһунан остуоруйанан доҕуһуоллуур — бу мас иһиккэ олорсон  көппүтэ диэн… Манна билиҥҥи ыччат да билбэт тээбириннэрэ, тэриллэрэ мунньуллубут аҕай. Бу барыта урукку олох ыарахаттарын, историябытын кэпсиир — мас сухатыттан, нуучча  оһоҕуттан, кыл илимиттэн саҕалаан тордоччу  хаппыт  кэтиллэн элэйбит-хайдыбыт ынах тириититтэн этэрбэһигэр, үгүс аймах дьон докумуоннарыгар  тиийэ. Сыныйан көрүөххэ наада.


Улахан нуучча оһоҕо, элбэх историялаах иһит ыскааба, олоххо туттулла сылдьыбыт иһит-хомуос, чугуун хобордооҕуттан саҕалаан уһанар тэрил, оттуур-мастыыр, бултуур-балыктыыр туттар сэп арааһа…

Түмэл билигин улуус бас билиитигэр турар

Ол эрээри, «Еланка« диэн олохтоохтор табаарыстыбалара общественнай төрүккэ көрөр-истэр. Александр туруорсан-туруорсан электричество уотун киллэртэрбитин эттэ, олбуорун  аттыгар баһаарынай ирдэбилинэн балаһа сири арҕаа өттүгэр ылбыттарын. Сайын дьон-сэргэ бу дойдуга элбиир, сэрэх буолуу ирдэнэр. Онтон  кыһынын Еланка иһийэр.


Х
омойуох иһин, аны биир да ыал кыстаабат буолла, уот тардыллыбытын да үрдүнэн. Турбазалар арай дьон кэллэҕинэ эбийиэктэрин эрдэттэн оттон көрсөллөр.

Уус кыһата, көньүүһүнэ, ампаар…

Бу барыта кэриэтэ Сан Саныч уус илиитинэн, былыргынымындырдаан билиитинэн тутуута диэххэ сөп. Сороҕо аанньа хараллыбакка эргэрбитэ, сүппүтэ, уус кыһатыттан, холобур… Биир сарайга сыарҕа арааһа мунньуллан турар, ат  сэбэ-сэбиргэлэ — дуга, хомуут, ыҥыыр, быа-туһах, кыһыах — аттыгар олус кичэллээхтик тутуллубут көньүүһүнэ. Күлүүстээх ампаарга эмиэ — онуоха-маныаха диэри сыаналаах соҕус экспонаттар. Тимир ууһун күөртүн көрдүм (урут уус кыһатыгар сытар буолара). Александр Сергеевич маны олох буорайа сыспытын саҥардыбыт. Ол туспа  остуоруйа — саҥа тириинэн куорат уустарыгар оҥотторон, үлэҕэ туттуллар кыахтаах гынан. «Мин манна дьиҥнээх, кыһыннары үлэлиир, уус кыһатын кэлин оҥотторор санаалаахпын», — Александр ыра санаата сырдык. Уопсайынан, бу күн  кини үгүс кэскиллээх толкуйдарын быктарда. Онтон мин Еланка, дьэ, киһилии хаһаайыннаммыт дии санаан астынным. Анатолий Добрянцев 2895 килэмиэтэрэ уһуннаах Иркутскай-Дьокуускай дьаам суолун историятын хаһыспыт, билигин Россияҕа биллэр общественнай хамсааһыны саҕалаабыт, онтон Анатолий Соколов  киинэ түспүт сиригэр, манна бастакы почта ыстаансыйата 1830 сыллаахха арыллыбыт миэстэтигэр, үйэлээх чочуобунаны туттарбыт, онтон төрүт олохтоохтор туох хаалбытын харыстаан илдьэ сылдьыбыт буоллахтарына, аныгы олох ирдэбилинэн Александр Ариносов, үскүгэр уһун унньуктаах сууттаһыы да  түмүгэр, маны барытын дакаастаһан,  сокуонунан бигэргэттэрэн  докумуоннатарга кыһалла сылдьар, ону сэргэ өссө дойдутугар былыргы тутуулары, уопсастыба туһатыгар хатыламмат кэрэ сирдэри муннуларыгар сыттаах оҕуруктаах өйдөөхтөртөн былдьаһан хааллартарар туһугар түбүгүрэр — онон Еланка сотору кэминэн кыһынын даҕаны иһийэн туруо суоҕар эрэл баар.

Турбазалар, урбаанньыттар, былыргы  дэриэбинэ иккис тыыннаныытын туһунан салгыы суруйуоҕум (видеонан сэһэнинэн  кэллиэгэм Наталья Григорьева  ситэрэн биэриэҕэ).

Людмила Аммосова.

Читайте дальше