Наука дьоҕус Академиятын лааҕырыгар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар оҕолоро кэллилэр

Халаан уутуттан дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит Сахабыт сирин улуустарыттан Өктөм Чапаевыгар баар Наука дьоҕус Академиятыгар атырдьах ыйын 1 күнүттэн 21-гэр диэри наукаҕа сананар оҕолорого сайыҥҥы лааҕыр арыллан үлэлиир. Бу туһунан биһиэхэ общественнай кэрэспэдьиэммит Николай Барамыгин иһитиннэрдэ.

Манна Томпо, Өлөөн, Хаҥалас, Бүлүү, Алдан, Нам, Сунтаар улуустарыттан уонна Дьокуускайтан 1-9 кылаас оҕолоро кэлэн сынньана, дьарыктана сылдьаллар. Бары этэрээттэринэн арахсан үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын салайыытынан хас сарсыардаларын зарядканан саҕалаан сынньалаҥнарын сөбүлүүр дьарыктарын кытары дьүөрэлээн астына сылдьаллар.

Оҕолор сайыннарыы бырагырааматынан дьарыктаналлар. Манна «Наука» искусство уонна “Креативнай култуура”, «Спорт» хайысхаларга ким ханныга кэрэхсииринэн сылдьаллар. Эбиэккэ диэри дьарыктар буолаллар, онтон сынньалаҥ тэриллэр. «Математика – царица всех наук» , «Основы японского языка», «Увлекательная физика», «Проектная деятельность», «Киберспорт», «Комбинаторика», «Арифметические забавы», «Головоломки и ребусы», «Математическая логика», «Логические и веселые задачки» диэн предметтэр бааллар, үөрэххэ-дьарыкка сэттэ күн ананан турар. Дьоҕус Академия педагогтара, ону сэргэ устудьуоннар бу араас улуус оҕолоругар наукаҕа интэриэһи тардарга, кинилэр толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарарга, хас биирдиилэрин интеллегин байытарга дьулуһаллар.

Лааҕыр үөрүүлээх арыллыыта көрдөөхтүк ааста. Этэрээттэр бары көхтөөхтүк кытыннылар, дьоҕус Академия былааҕын үөрүүлээхтик «Өлүөнэ дойдута»физика-математика форумун «Саха сирэ» диэн ырыатын ыллаатылар. Оҕолорго Академия салайааччылара, үлэһиттэрэ эҕэрдэ тыллары видео-ролигынан тириэртилэр, тэрилтэлэрин билиһиннэрдилэр, баһаатайдар флешмоб бэлэхтээтилэр.

Кыра оҕолор – 1-3 кылаастар «Экстрим» этэрээттэрэ 15 киһилээх. Хамандыырдарынан Партизан оскуолатын үөрэнээччитин Павел Ксенофонтовы талбыттар этэ. Этэрээт бу күн олус чуордук девиһин иһитиннэрдэ. 4-5 кылаастар этэрээттэрэ «Сулустар» диэн – 10 уол, 6 кыыс – «Сулус» диэн ырыаны бэлэхтээтилэр. «Огоньки» диэн ааттаммыт 6-9 кылаас оҕолоро көрсүһүүттэн сценка туруортара олус бэрт этэ, уоттаах фонариктарынан «Мин дьоллоохпун» диэн ырыаларын доҕуһуоллаабыттара ураты көстүү буолта. Доҕордоһуу, киһи, билии сыаннастарын өрө тутуу тыына бу тэрээһини киэргэттэ. Баһаатайдар түмүккэ лааҕыр аата суруллубут минньигэс туордунан оҕолору күндүлээтилэр. Лааҕырбыт барыларыгар үтүө өйдөбүлү хаалларара саарбаҕа суох. Баҕар бу сынньалаҥтан куорсун анньынан дьоһун учуонай да тахсыаҕа, — диэтэ Николай Андреевич уонна хаартыска эгэлгэтин ыытта.

Людмила Аммосова.