Дьокуускайга, бэтэрээннэр спартакиадаларыгар

Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах сылларыгар анаан Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээннэр спартакиадалара үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Хаҥалас улууһуттан бэтэрээннэр дартс көрүҥэр хамаанданан үһүс бириистээх миэстэни ыллылар. 4 эр киһи, 4 дьахтар састааптаах күүстээх хамаандатуруоруллунна: Адамов Валерий – (497 очукуо), Виктор Егоров (430), Иннокентий Кононов (388), Марфа Александрова (382), Римма Макарова (378), Ньургуйаана Иванова (323), Данил Аргунов (280), Евдокия Тарасова 246 очукуону ылан ситиһиилээхтик кытыннылар.

Дартс көрүҥэр барыта 16 хамаанда кытынна.

Спартакиада түмүгэр Нам улууһа 3229 очукуолаах бастаата, Дьокуускай к. (2950) иккис буолла, Хаҥалас улууһа 2924 очукуоланан үһүс миэстэҕэ таҕыста.

Спартакиада атын  көрүҥнэригэр Хаҥалас хамаандатын көрдөрүүлэрэ: чэпчэки атлетикаҕа – 16 хамаандаттан, эр дьон 10, дьахталлар 10 миэстэ;остуол тенниһигэр – 19 хамаандаттан, эр дьон 12, дьахталлар 11 миэстэ; буулдьанан ытыыга – 19 хамаандаттан, эр дьон 6 миэстэ, дьахталлар 7 миэстэ; саахымакка – 17 хамаандаттан, эр дьон 17 миэстэ, дьахталлар 14 миэстэ; дартска – 16 хамаандаттан Валерий Адамов хамаанданан зачекка дартска 3 миэстэ; комбинированнай эстафетаҕа – 15 хамаандаттан, 15 миэстэни ылары ситистилэр.

Уопсайа 20 хамаанда кыттыбытыттан 14-тэ толору састааптаах күрэхтэстэ.

Спартакиадаҕа 55-тэн үөһэ саастаах дьахталлар уонна 60-тан үөһэ саастаах эр дьон кыттар бырааптаахтар этэ.

Уопсай түмүккэ Дьокуускай бастаата, Нам улууһа иккис, Уус Алдан үһүс миэстэ буоллулар. Хаҥалас 12-с миэстэҕэ таҕыста.

Кылаабынай судьуйанан А.И.Трофимов үлэлээтэ, кыл. сэкиритээринэн М.Н. Аржаков үлэлээтэ уонна күрэхтэри иилээн-саҕалаан ыытта.

Бу икки күн төһө да ыһыылаах-хаһыылаах, сытыы киирсиилээх күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттарын үрдүнэн, бэтэрээннэргэ саамай үөрүүлээҕэ көрсүспэтэх атаһы-доҕору кытта көрсүһүү, умнуллубуту санаһыы, олох-дьаһах туһунан истиҥник кэпсэтиһии буолар.

​​​​Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, Покровскай к.

​​