Кыраайы үөрэтээччи, историк «Хаҥалас» историко-географическай атлас, «Агдаакы», «Предтеча» кинигэлэр ааптардара, Галина Шадрина «Хаҥалас улууһа» МО салалтата үбүнэн көмөлөһөн Хаҥаластан саха биир бастакы прогрессивнай өйдөөх-санаалаах общественнай диэйэтэлэ Илья Шадрин олоҕун, үлэтин эбии чинчийиигэ, сыл саҕаланыыта Москва, Санкт-Петербург судаарыстыбаннай архыыптарыгар ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбитэ. Бүгүн кини чинчийиилэрин түмүгүн билиһиннэрэр.
Ааспыт XVIII — XIX үйэлэр кирбиилэригэр саха бөдөн общественнай деятеля Илья Шадрин олоҕун, үлэтин туһунан “Предтеча” кинигэҕэ тахсан кини аата историяны интэриэһиргиир, үөрэтэр, чинчийэр дьоннорго киэнник билиннэ. Ону сэргэ кэлин көстүбүт докумуоннар кини Саха сиригэр сүдү өҥөтүн өссө күүскэ арыйан көрдөрдөрдүлэр. Бу көстүбүт докумуоннары ырытан, анааран суруйар буоллахха, хас да кинигэ буолуон сөп. Урут биһиги кинини түөрт төгүл соҕуруу сылдьыбыт диир буоллахпытына, билиҥҥи докумуоннарынан биэс сырыы уонна хаста да ыраахтааҕылары кытта көрсүбүт буолан тахсар. Ол курдук Санкт-Петербурга 1797 сылтан саҕалаан 1799,1803,1812, 1818 сыллар сылдьыбыта билиннэ. Итини таһынан номохтор кэпсииллэринэн Екатерина-II ыраахтааҕыны кытары 1789 сыллаахха көрсүбүт буолуон сөп. 1799 с. — Павел-I, онтон 1803, 1812 сылларга — Александр-I кытта көрсүһүү.
Докумуоннары ырыттахха, 1818-1819 сыллардаахха Санкт-Петербурга бара сылдьан ыраахтааҕыны кытта көрсүбүтүн туһунан өссө да эбии чинчийии ирдэнэр. Саҥа көстүбүт докумуоннарга ити сылларга бара сылдьан урут ситэри быһаарыллыбатах боппуруостарын кытаанахтык туруорсан кыайыылаах-хотуулаах дойдутугар эргиллэн кэлбитэ буолар.
Билиһиннэрэр буоллахха, Ылдьаа Саадырын, Агдаакы нэһилиэгэр, Сиинэ үрэҕин төрдүгэр, Бөртөҕө, Чоно аҕатын ууһугар, Максим Шадрин диэн Хаҥалас улууһун кулубатын дьиэ кэргэнигэр 1761 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кини аҕата, Максим 1715 сыллаахха архыыпка Истеров диэн араспаанньанан сурулла сылдьар, онон Шадрин фамилиятынан 1724 сыл кэнниттэн, Саха сиригэр христианство күүс өттүнэн киллэриллибит кэмиттэн, сүрэхтэммит буолуохтаах. Иркутскай уонна Якутскай икки ардыларыгар айан суолугар олорор буолан малдьаҕардар нуучча тылын оҕо саастарыттан билэргэ күһэллибиттэрэ, Дьокуускайга кытары үөрэммит буолуохтарын сөп.
1724 сыллаахха Камчаткатааҕы экспедиция айанньыта В. Беринг суруйарынан сахалар үөрэххэ талаһыылара күүстээҕин ыйар. Ол иһин кини бу Саха сиригэр христианскай итэҕэли киллэрэргэ уонна таҥара дьэтинтутарга табыгастааҕын бэлиэтиир. Максим Шадрин кэлинкинээс буолан баран Сиинэ үрэҕин төрдүгэр, Саха сирин атын улуустарын буоластарыттан бастакынан чочуобунаны1730-1740 сыллардаахха туттарбыт буолуон сөп диэнсабаҕалыыбыт. Ити чочуобуна саҥа кэлэн олохсуйан эрэрнууччалары кытта алтыһыыга, үөрэх, олох култуурата сайдарыгар төһүү күүс, тирэх буолта.
Илья Шадрин оҕо эрдэҕиттэн нууччалыы бэрткэ диэнбилэр, суруйар, ааҕар буола улааппыта. Кини өйүн-санаатын тутар кэмигэр саха тойотторун бэйэни бэйэ дьаһанан олоруу туһугар көхтөөх хамсааһынын көрөн-истэн улааттаҕа. Ол иһин кинилэр саха норуотун иннигэр туруоруллубут накаастарын салҕыырга күүстээхтик туруммута, Саха сирэ, дьоно-сэргэтэ, боростуой, кыаммат өттө ыарахан олохторун чэпчэтэр, көмүскүүр санаалааҕа. Ол курдук Үрдүкү расправаҕа сэтээтэлинэн үлэлии сылдьан олохтоох былаастары кытта киирсибитин, түмүгэр кинини хайдах курдук сойуоласпыттарын архыып докумуоннара көрдөрөллөр. Кини ыраахтааҕыга тиийэүҥсүүтүнэн Иркутскай уобалаһыгар уонна Саха сиригэрхаста да ревизия буола сылдьыбыт. Илья Шадрин ол үҥсүү түмүгүнэн сүдү ситиһиитинэн 1802 сыллаахха атырдьахыйын 8 күнүгэр тахсыбыт ыраахтааҕы Ыйааҕынан, Саха сиригэр олорор дворяннар уонна боярдар оҕолоро толору бас билэр сиринэн хааччыллаларын көтүттэрбитэ буолар. Бу Уураах олоххо киирбитэ буоллар саха дьоно туох да бырааба суох, кулут, хамначчыт буолалларыгартиэрдиэхтээх эбит. Ону утарсан үс сылы быһа Петербурга сылдьан Правительство Сенатыгар үҥсүү түһэрэр. Буулахан мунньахха 70 сенатор быһаарыы ылынан ыраахтааҕыга маннык сурук ыыталлар:” Саха сиригэр күүстээх утарсыы буолбутунан сылтаан бу сирдэр хайдах да дворяннарга бэриллибэттэр. Ол оннугар ханнык баҕарар Россияҕа баар сиртэн биэриэххэ сөп”- диэн. Бу маннык быһаарыыны ылыныы олоххо киирэр. Онон Илья Саадырын сууту-сокуону үчүгэйдик билэр буолан, Саха сирин-уотун көмүскээн, онно олохтоох былаас сиэмэх дьонун бэйэлэрин дьүүллэтэн үүрдэрбитэ ситиһии буолар. Бу утарсыы кэмигэр Ылдьаа Саадырыны, кини сиэрин-майгытын, үлэтин-дьаһаҕын туһунан элбэх докумуон хомуллан М.М.Сперанскай фондатыгар харалла сытар эбит. Ол докумуоннары ааҕан, билсэн баран киһи үөрэр, долгуйар. Кини туһунан биир да куһаҕан ахтыы суох, барыта кини бэрэдээктээҕэ, энкилэ суох чиэһинэйэ, сахатын дьонун туһугар кыһаллыыта көстөр. Ылдьаа Саадырын тус бэйэтэ М.М. Сперанскайы кытта сирэй көрсөн кэпсэппит буолуон сөп, ол түмүгэр киниттэн улахан өйөбүлү ылбытамантан көстөр. Ылдьаа Саадырын М.Сперанскайы кытта Петербургтан Иркутскайга 1819 с. бииргэ кэлбит буолуохтаах. 1811 сыллаахха Саадырын Иркутскай губернаторын Трескины “модьуйан” туран бэйэни дьаһанан олоруу туһунан Балаһыанньа суруттарбыта. М.Сперанскай ону бэлиэтээн, Сибииргэ төрдүттэн улахан уларытыы реформатыгар И.Шадрины көмөлөһүннэрбитэ саарбаҕа суох. Онон Ылдьаа Саадырын туруорсуулара, этиилэрэ аҕыйах ахсааннаах, уһук хоту норуоттар олохторун тупсарар боппуруостарга, ону быһаарарга улахан тирэх буолбуттаах.
Сиһилии, Ылдьаа Саадырын туһунан саҥа кинигэ тахсарыгар ааҕаарын.
Хаартыскаҕа: Галина Шадрина Санкт-Петербурга государственнай историческай архыыпка сылдьан дириэктэри солбуйааччы Е.М.Милетинныын.