Историяны сэгэтэн
Үлэ өрө тутуллар кэмэ кэлбитэ астык. Биһиги аҕа көлүөнэ дьоммутуттан холобур ылабыт. Үлэһит да дьон Хаҥаласка олорон ааспыттар эбит! Бу чулуу, дойдуларыгар туохтааҕар даҕаны бэриниилээх тыа сирин туруу үлэһит дьоно олохпут тутула уларыйыан иннинэ нэһилиэктэргэ тэриллибит сопхуостарга, Покровскайдааҕы ОПХ-ҕа үлэлээн ааспыттарыттан кыратык ахтан ааһарбытын бириэмэ ирдиир. Улууһум хаһыатыгар өр сылларга үлэлээбит буолан чулуу үлэһиттэрбитин үгүстэрин кытары алтыһан ааспыппыттан астынабын.
Кэлин сылларга нэһилиэктэрбитигэр, сопхуостарбыт төһө даҕаны эстибиттэрин иһин, үйэ аҥардаах үбүлүөйдэрин киэҥник бэлиэтээн аастылар, олохтоох энтузиастар дьоһун кинигэлэри таһаардылар. Хаҥалас соҕурууҥҥу «Орджоникидзевскай» сопхуоһун бэтэрээннэрэ биир бастакынан дьоһун тэрээһиннэригэр Сиинэҕэ түмсэн тураллар. Астына сылдьыбытым. Хаһаайыстыбаҕа буҕаалтырынан үлэлээбит энтузиаст, поэт буола үүммүт Татьяна Петрова — Мойуу кыыһа кэллиэгэлэрин кытыннаран «Орджоникидзевскай сопхуос 50 сыла» диэн улахан кинигэни бэлэмнээн үөрдүбүтэ.
Иһит улуус бастыҥ көрдөрүүлээх отделениета этэ
Биһиги, суруналыыстар, дэриэбинэлэргэ командировкаларбытын хотонтон саҕалыыр буоларбыт. Мин сылдьыбатах ходуһам, фермалардаах сайылыгым оччолорго онон суоҕун кэриэтэ этэ. Соҕуруу дэриэбинэлэрбитигэр үлэһит да дьон олорон ааспыттара! Холобур, управляющай, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улууспут бочуоттаах гражданина Михаил Тетерин (кини Валентин Макаровтан хаһаайыстыбатын туппута) өр кэмҥэ салайбыт Иһит отделениетын ылан көрүөҕүҥ эрэ. Иһиттэр өрүү сүөһү иитиитигэр, хортуоппуйу үүннэриигэ социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарынан буолаллара. Үтүөлээх үлэһит буола үүммүт Берлиҥҥэ тиийэ өстөөхтөрү кытары сэриилэспит, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» о.д.а. мэтээллэрдээх, Аҕа дойду Улуу сэриитин I истиэпэннээх, ону сэргэ Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага»уордьаннардаах Иннокентий Соловьев баара, сэлиэнньэ соҕуруу өттүгэр өрүс үрдүгэр харыйа ойуур тулалаах чуумпу сиргэ хара саһылы иитэр ферматыгар хаста да сылдьыбыттааҕым. Манна 400-чэкэ кыыл баара, дохуот бөҕөтө киирэрэ… Фронтовик кэлин өр сыл сүөһү иитиитигэр биригэдьиирдээбитэ (биэс улахан хотонноохторо, 1000-чаттан тахса сүөһүлээхтэрэ, ол иһигэр 220 ыанар ынах, 150-ча ыччат сүөһүнү тыыннаах ыйааһыннынан 380 кг тиийэ төлөһүтэн туттараллара), олус да үлэтигэр бэриниилээх, сарсыардатын хотоннорун кэрийииттэн саҕалыыр үтүөкэннээх салайааччы этэ.
Иһиккэ өссө фронтовигы кытары бииргэ үлэлээбит Саха АССР VI-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата кыылы иитиигэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Тамара Суханованы ахтан ааһар тоҕоостоох — күн солото суох тигинии сылдьар кыайыгас-хотугас үлэһит. Кини кэлин аны хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ, механизатордары салайар этэ — путевка суруйан сорудахтарга ыыталаан ирдэбиллээх, кытаанах киһи этэ. Аҕыйах сыллааҕыта көрсөн дьиэтигэр ыалдьыттаан ааспыттааҕым, киин хочуолунайтан сылаас киирэн астынан олороро.
Иһиккэ киһи ахтар-саныыр үлэһит дьоно элбэхтэр — көрдөөх, түргэн-тарҕан туттуулаах киһи киһитэ бэтэринээр Илья Федоров, механизатордар Прохоровтар династиялара, Павел, Валерий Николаевич, кинилэр төрөппүттэрэ уон оҕолоох Николай Федотович уонна Варвара Степановна, Валентин Добрянцев, Алексей Филиппов, Сергей Суханов, сорсуннаах булчут Семен Евстифеев о.д.а.
Кытыл Дьура отделениетыгар
Манна хаһаайыстыбаны киһи саныыр гына салайа сылдьыбыттара управляющай Маргарита Мордовская, Петр Семенов, Иван Владимиров, Валерий Лотов, Валентин Гаврильев уо.д.а. Үүт бөҕөтө ыаныллара, от өлгөмнүк оттоноро. Умнубаппын сырыыны, үлэни кыайар механизатордары — Николай Петров, Петр, Василий Алексеевич Мордовскойдар, ыанньыксыт бэртэрин герой-ийэ Антонина Добрянцеваны, Валентина Петрованы, Светлана Латышеваны, Екатерина Петрованы, Маргарита Лотованы, Ефросинья Христофорованы, механизатор—уолаттары иитэн таһаарбыт Лев Емельяновы, булчут Сергей Латышевы, уопуттаах биригэдьиир Василий Петрову, бостуук, билигин даҕаны сүөһү тутар Иннокентий Петрову о.д.а.
Үөдэйгэ, Сиинэҕэ эмиэ үлэ күөстүү оргуйара…
Умнубаппын сыллата окко оҕо звенотун салайар Семен Филипповы, тырахтарыыс Иван Филипповы, Валентин Самсоновы, олоххо көхтөөх салайааччы Николай Кельциновы о.д.а., өр сылларга бүтүн дэриэбинэни тутан олорбут Роман Филипповы, үлэҕэ, общественнай олоххо көхтөөх Антонина Калыткинаны, ыанньыксыт Татьяна Филиппованы, як боруода оҕустары тутар Виталий Кузьмины. Үөдэйдэр — олоххо олус көхтөөхтөрө, норуот күүһүнэн оскуола, кулууп спортивнай саала туппуттара.
Онтон Сиинэ сопхуос киинин отделениета этэ. Манна даҕаны хоһуун үлэһиттэр бааллара. Тиэхиньикэ өрөмүөннүүр мастарыскыай, улахан гараас тутуллан үлэҕэ киирбитэ. «Выпускник» диэн ыччат-комсомольскай фермаҕа элбэхтик сылдьыбытым. Улахан «Урал» массыынанан таһаҕас бөҕө таһыллара. Сиинэҕэ тутуу тэтимнээхтик ыытыллыбыта. Василий Данилов, байанайдаах булчут аата өрүү ааттанара. Бу14 сааһыттан булт соноругар сылдьыбыт киһи тырахтарыыстаан да сылдьыбыттааҕа, кэлин «Сугар» диэн эбэҥкилэр общиналарын тэринэн бултуурун салҕаабыта, Кини «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. Ион Константинов, Иван Леверьев, отут сыл ыанньыксыттаабыт Акулина Петрова, Елизавета Соловьева, фронтовиктар Алексей Леверьев, Василий Степанов о.д.а. үчүгэй үлэ холобурун көрдөрөллөрө. Вячеслав Лукины, Николай Никодимовы, Руф Устиновы — элбэх киһини ааттаан аһарыаҕы баҕарыллар.
Тиит Арыы Чкалов биригээдэтин, Тумулу кытары киирэрэ
«Орджоникидзевскай» сопхуос сиринэн-уотунан улууспут түөрт гыммыт биирин чахчы ылар этэ, Тиит Арыыны хабан.
1980 сылга хаһаайыстыба туспа барыар диэри эмиэ туруу үлэһиттэр Паловтар, Максимовтар, Христофоровтар, Кузьминнар, Сухаревтар о.д.а. үлэ үтүө холобурун көрдөрөллөрө. Егор Максимов хортуоппуйу үүннэриини кыайа тутара, ыанньыксыттар Үлэ Албан аата үһүс истиэпэннээх уордьаннаах Марфа Ноева, Октябрина Борисова, осеменатор Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Семен Борисов, механизатордар Егор Максимов, Василий Павлов, сылгыһыт Георгий Трифонов о.д.а. чулуу үлэһиттэр ааттара хаһыат сирэйиттэн түспэтэ. Биригэдьиирдэр Павел Федотов, Дмитрий Ефремов, сылгыһыт, булчут Афанасий Аммосов, управляющайдар Иван Аммосов, Елизар Христофоров, элбэх орто салаа салайааччылар, үлэни сатаан тэрийэллэрэ.
«Орджоникидзевскай» сопхуос Серго Орджоникидзе аатынан холхуос базатыгар 1969 сыллаахха тэриллибитэ. Бастакы дириэктэринэн Бүлүүттэн төрүттээх, кэлин Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах Иван Афанасьев буолбута. Бу сылларга тутуу бөҕөтө ыытыллыбыта, Сиинэҕэ оннооҕор сайыҥҥы уу ситимэ олоххо киирбитэ. Сопхуос дириэктэрдэринэн араас кэмнэргэ Данил Леверьев, Николай Протодьяконов, Лука Соломонов, Гаврил Тимофеев, Илья Нечаев, Антонина Владимирова үлэлээбиттэрэ. Бары даҕаны олускөхтөөх, саҥаҕа сэргэх дьон этилэр. Партком, рабочком, комсомол тэрилтэлэрин салайааччылара бары бииргэ турунан үлэни көҕүлүүллэрэ.
1982 сыллаахха, холобур, хас биирдии гектартан 110 центнер хортуоппуй үүнүүтүн ылбыттара, 764 туоннаны судаарыстыбаҕа туттарбыттара. Ити сыл сопхуос 180 тыһ. солкуобайга (уруккуга улахан харчыэтэ) техника арааһын ылбыта. Онтон 1985 сыллааххаХайа Баһыгар нефтебаза тутуллубута. Сопхуоска оччолорго 590 киһи үлэлиирэ, хаһаайыстыба 3000 курдук ынах сүөһүлээҕэ, 1500 сылгылааҕа, 1800 гектар бааһыналааҕа, онно хортуоппуй бурдук үүннэрэллэрэ, 2800 гектар ходуһа сирдээҕэ, 6000 туонна курдук от оттоноро, былаан өрүү аһары туолара. Механизорованнай звенолар тэриллибиттэрэ. Бусопхуос туһунан сиһилии Татьяна Петрова кинигэтиттэн билсиэххитин син.
«Булгунньахтаах«, Улахан Аан» хаһаайыстыбалара
Бастаан булгунньахтаахтар улахан-ааннары кытары биир хаһаайыстыба этилэр. 1971 сыллаахха алтынньы 16 күнүгэр аатырбыт-сураҕырбыт салайааччы Саха АССР Үрдүкү сэбиэтигэр үс төгүс дьокутаатынан талылла сылдьыбыт Николай Евграфович Едисеев 11 сыл салайа сылдьыбыт «Правда» колхуоһун базатыгар тэриллибитэ. Тойон-арыылар, бөртөлөр, саталар, еланкалар , чараҥнар — алта нэһилиэнньэлээх пууннар киирбиттэрэ. Хаһаайыстыба түөрт отделениетыгар 17111 гектар тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сирдээҕэ, мантан 8991 га оттоноро, 1956 га бааһынаҕа ананара, 7070 га мэччирэҥ буолара. Ыһыыга 565 гектары бурдуккаанаан, 938-һи сиилэскэ ыытан, 115 гектарга хортуоппуй, 10000 кв. м оҕурсу, помидор олордон бэркэ дьаһанан олорбуттарын туһунан 2021 сыллаахха тахсыбыт «Булгунньахтаах» сопхуоһа. Үлэҕэ албанаат» диэн Николай Трофимов көҕүлээһининэн тахсыбыт кинигэлэригэр сурулла сылдьар. Оччолорго сопхуоска 950 киһи үлэлиир эбит. Хаһаайыстыба 5000 ынах сүөһүлээх (ол иһигэр ыанар ынаҕа 1920), 2460 сылгылаах (онтон биэтэ 1430) этэ. Итиччэ элбэх ынах сүөһүлээх хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оччолорго 2-3 эрэ эбитэ элбэҕи этэр. Үүт ыаһына сылга валовайынан 4150 тоннаҕа, биир ынахтаныаһын 2295 кг тиийбитэ ыйыллар.
Ити сылларга аатырбыт ыанньыксыт Гаврил Романович Чепалов үлэтэ хаһыаппытыгар киэҥник сырдатыллара. Барахсан, кырдьык даҕаны, хара ньуура суох үлэһит этэ, кэлин ахталларын курдук, сулуһа суох дьоруой — билигин даҕаны биир ынахтан6077 кг үүтү ыабыт киһи суоҕа буолуо. Икки Үлэ Кыһыл Знамята, Октябрьскай революция Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин аатыгар, хайдах үлэлиирин көрбүт буолан, билигин даҕаны сүгүрүйэбин. Кини салайар «Маяк» фермата өрүү социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсара, бииргэ үлэлээбит ыанньыксыттара эмиэ сылайары-элэйэри кэрэйбэккэ былаан туһугар туруулаһар үтүө-мааны дьон буолалларын билэбин — Альбина Ким, Антонина Слепцова, Елизавета Маркова, бостуук Геннадий Львов, Виктор Марков, о.д.а. бары даҕаны ситиһиилээх үлэһиттэр этилэр. Биирдэ Чепалов туһунан ахтыыга сүөһүлэрбитин сөрүүкэтэн өҥүрүк куйааска үрдүлэригэр уу кутарбыт, кэлин Гаврил Романович олох олохтон барыар диэри санаата батарбакка үлэлээбит хотонун тайахха тирэнэн баран көрөн кэлэрин… истэн сөхпүттээҕим.
Үлэни кыайыгас-хотугас да үлэһиттэр бааллара — Ефим Терентьев, Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, аҕыс оҕолоох Илья Гаврильевич, Дарья Федоровтар, аатырбыт экэнэмиис Афанасий Борисов о.д.а. Бүгүн барыларын ааҕан сиппэккин. Олохтоох дьаһалталар билигин бэтэрээннэрин ааттарын үйэтитиигэ кинигэ бөҕөтүн таһаардылар, хаалбыт дьоннорун чиэстииллэрин-бочуоттуулларын көрөн киһи астынар. Н. Ф. Трофимов, араас кэмнэргэ сопхуостарга салайааччы, исписэлиис быһыытынан үлэлээбит бэтэрээн, үлэ дьонун үйэтитэн «Сылгы куттаах бөртөлөрбүт», «Сулуһа суох Герой», «Үлэҕэ илиибит эрчимин, сүрэхпит дьулуурун» о.д.а. кинигэлэри таһааран улахан дьыаланы оҥорбутун бэлиэтиэх тустаахпыт.
«Өктөм«сопхуос сэбиэскэй кэмҥэ
Бу хаһаайыстыба бүтүн Саха сиригэр үтүө холобурга сылдьыбыта. Ама ким билбэт буолуой үтүөкэннээх салайааччыны Степан Стручкову, Дьэртэн РСФСР үтүөлээх рационализаторын Василий Исаковы, биллиилээх Үрүҥ Баска бурдугу үүннэрээччи Үлэҕэ Албан аат уордьаннаах Петр Соломоновы хара ньуура суох үлэһит Егор Слепцову, Өктөмтөн оҕуруоччут, Саха АССР үтүөлээх агронома Ия Андрееваны, СӨ үтүөлээх бэтэринээринэй бырааһын Алевтина Лонгинованы, Төхтүртэн үлэ чулууларын, эмиэ элбэх наҕараадалардаах, үтүө ааттаах-суоллаахЕгор Платоновы, Николай Ефимовы, чулуу дьоммутун Константин Убугуновы, Николай Кривошапкины ... Өктөм эҥэрин энтузиастара Мотрена Павлова, Мария Аянитова, Зинаида Иванова, Антонина Анисимова үтүө дьоннорун үйэтитиигэ биир санаалаахтарын кытары хас даҕаны кинигэни таһаарбыттара хайҕаллаах дьыала.
«Өктөм» сопхуоска Саха сиригэр биир бастакынан толору механизациялаах сүөһү комплекса тутуллубута. «Куудук«, «Боруочай» фермаларын кэлэктииптэрэ социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтара буолаллара.1982 сыллаахха бу комплекска аан бастаан поточнай-цеховой диэн ньыма үлэҕэ киирбитэ. Эһиилигэр кэлэктиибинэй бэдэрээт, хозрасчет, хамнаһы КТУ диэнинэн ааҕыы, 1984 сыллаахха икки симиэнэнэн үлэ киирбитэ сонун этэ. Комплекс үрдүнэн биир ынахтан 2900 кг үүт ыаныллар буолбута. Манна бастыҥ үлэлээхтэринэн Христина Ситникова, Агафья Кондакова, Антонина Осипова, Галина Сысоева о.д.а. ааттаналлара, бостууктар, ыччат сүөһүнү көрөөччүлэр, механизатордар, исписэлиистэр… Бу сопхуос сири оҥоруунан, бааһыналары кэҥэтиинэн утумнаахтык дьарыктанара. Дьон-сэргэ байылыат олоххо тардыһара, нэһилиэктэргэ гаас оттук киирбитэ, тиэхиньикэ дэлэйбитэ, суол-иис тутуллубута. Төһө даҕаны олохпут оҥкула уларыйдар кыахтаах өттүлэрэ билигин даҕаны өлөн-охтон биэрбэккэ тыа дьонун сүрүн дьарыгын кытаанах илиилэригэр ылан олороллор.
Илин эҥэргэ — «Октябрь 50 сыла«, «Хачыкаат«
«Октябрь 50 сыла» сопхуос оччолорго Хачыкааты киллэрэн бөдөҥ хаһаайыстыба этэ, 1968 -1994 сылларга илин эҥэрбитигэр баара. Сопхуос бастыҥ үлэһиттэрин туһунан «Октябрь 50 сыла сопхуос. Үлэни өрө туппуттар» диэн ааспыт сылга дьоһун кинигэ тахсыбыта. Н. Трофимов, Т. Яндреева, А. Скрябина, Н.Ефимова, Н. Исакова, М. Захарова үлэ дьонун үйэтитиигэ дьаныһан туран үлэлээбиттэрэ (Хачыкааттар кинигэҕэ улаханнык киирбэтэхтэрэ, бэйэлэрэ туспа сопхуостаах этибит диэн). Историяны чөмчөтөөччүлэр үгүстэрэ хаһаайыстыбаҕа өр сыл үлэлээбит буолан дьыаланы иһиттэн билэллэрэ көмөлөспүтэ.
Үлэлиирим тухары мин илин эҥэрдэргэ эмиэ элбэхтиксырыттаҕым. Умнубаппын АВМ-О4 диэн ыччаттарүлэлэтэр оту мээккэлээн куурдар агрекаккаүлэлииллэрин, Адамов биригэдьиирдээх Кыһыл Үрүйэҕэ ыччат-комсомольскай ферматыгарсылдьыбыппын, Хоточчуга Михаил Яндреевтаахоҕуруоттарыгар оччолорго бастакы Дьөппөнү салайанолорбут байыаннай аҥардаах В.Е.Солдатовтыынматасыыкылынан баран кэлбиппитин, биирдэ Киримсайылыгар ферма үлэһиттэрин кытарыкөрсүспүппүн…Отчуттарга-масчыттарга, суолуоҥорооччуларга, сылгыһыттарга — сырыы-айан элбэхбуолара,Чаппараайыга, Буотамаҕа, Булууска, Хачыкаакка Роман Куприянов бурдуктаахбааһыналарыгар, тимир суол тутуутугар тиийэ ( Хачыкаакка Алдан сириттэн бастакы тимир ыллыктүһэригэр муус устар 28 күнүгэр баһылла сытар уулаах өрүс суолунан айаннаабыппыт кутталлаах да этэ …). Самыртай быйаҥнаах хочотугар үлэ күөстүү оргуйара.Олохтоох үс нэһилиэк — Тиит Эбэ, Күөрдэм, Хачыкаатдьоно бу үс аҕас-балыс үрэхтэр тардыыларыгар олохсуйан сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы үрэх, сыһыы аайытын үөрдээбиттэрэ, сопхуостар кэмнэригэр тутуу бөҕөтүн ыыппыттара.
Историяны сэгэтэн көрдөххө, «Октябрь 50 сыла» сопхуос 1958 сыллаахха тэриллибит бөдөҥсүйбүт «Ленин» холкуос баазатыгар 1968 сыллаахха баарбуолта. Дириэктэринэн Михаил Варламов, солбуйар дириэктэринэн уонна зоотехнигынан Екатерина Павлова, партком сэкиритээринэн Николай Иванов, рабочком бэрэссэдээтэлинэн Роман Данилов, комсомольскай тэрилтэ сэкиритээринэн Семен Павлов талыллан үлэлээбиттэр. Үлэни исписэлиистэр, отделениелар управляющайдара, салааларынан биригэдьиирдэрэ сатабыллаахтык салайаллара.
Араас кэмнэргэ олус үлэһит да дьон бааллара. Тиит Эбэҕэ «Сардаҥа» ыччат-комсомольскай ферманы үтүөкэннээх ыанньыксыт Лада Захарова олус бэркэ настаабынньыктаан үлэлэппитэ, элбэхтик даҕаны бу кэлэктиипкэ сылдьыбыттааҕым. 12-с пятилетка 1986 с. бу сопхуос, холобур, 2709 ынах сүөһүлээҕэ (мантан 957 ыанар ынах), 1931 төбө сылгылааҕа (биэтэ 930 этэ), биир ынахтан оччолорго 2019 кг (ити 11989 с.) үүт ыаныллыбыта, валовайынан 1850 т үүт туттарыллыбыта. Эти туттарыы эмиэ балай эмэ этэ. Хаһаайыстыба бурдугу үүннэриинэн эмиэ дьарыктанара, ону билигин Хачыкаакка Роман Куприянов салгыыр. 2290 т. бурдугу 1189 с. туттаран тураллар). От бөҕөтө оттоноро, сиилэс угуллара, оҕуруоттан элбэх үүнүүнү ылаллара. 1987 сыллаахха,холобур, дьөппөттөр 641 т хаппыыстаны ылан тураллар, 1989 с — 2291 т. хортуоппуйу хостообуттара биллэрэ. Бу барыта улахан үлэттэн тахсыбыта. Ити кэмнэргэ сопхуоһу Афанасий Константинов, Егор Ильин, Анатолий Варламов, Николай Трофимов салайан олорбуттара. 1982 сылтан хачыкааттар арахсан туспа барбыттара.
Үлэни кытары сынньалаҥы сатаан аттарар дьон этилэр илин эҥэрдэр. Нэһилиэктэри хабар 200— чэкэ киһилээх муҥхалааһыны тэрийэллэрэ билигин даҕаны кэпсэлгэ сылдьар. Балары Нуочаҕа кырдьаҕас олохтоохторо Алексей Алексеев, Аркадий Филиппов тэрийэн ыыталлара. Элбэх даҕаны чулуу үлэһит дьону ахтан аһарыахпын баҕарабын даҕаны, хаһыат иэнэ татым буоллаҕа. Билигин бу дьоммут ыччаттара үлэлээн-хамсаан үгүс саҥаны киллэрэн төрөөбүт түөлбэлэригэр олороллоро астыннарар. Утум салҕанар. Ханнык даҕаны кириисис тэнийдэр тыадьоно өлөн-охтон биэриэхтэрэ суоҕа диэн бигээрэллээхпин.
Үлэһит дьоммут аата үрдүктүк ааттаныахтаах.
Людмила Аммосова.