Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥа
Атырдьах ыйын 5-17 күннэригэр Еланкаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи тхэквондо лааҕырыгар сылдьан кэллим. Манна араас улуустартан оҕолор кэлбит этилэр: Уус Алдантан, Хаҥаластан, Мииринэйтэн уо.д.а. сирдэртэн.
Атырдьах ыйын 5 күнүгэр оҕолор бары, уопсайа 20 оҕо уонна 3 тренер, мунньустан үлэбитин, дьарыкпытын саҕалаабыппыт. Мин ийэм Ольга Гаврильевна бу лааҕырга поварынан үлэлээбитэ.
Биһигини сарсыарда 7 чааска уһугуннараллара. Онтон сэрээккэ, сарсыардааҥҥы аһылык, дьарык буолар этэ. Тренердарбыт Иван Самсонов уонна Вячеслав Лукшин эрчийбиттэрэ. Дьарык төһө да ыарахан буоллар, күүстээх, сымса буолар санааттан ыарахаттары тулуйан, туруулаһан, инним диэки баран иһэрим.
Эбиэттээн баран, утуйар, сынньанар этибит. Онтон түөттүргүлээн баран, киэһээҥҥи дьарыкка тахсарбыт, хайаҕа баран 5-10 сүүрэн тахсыыны оҥорор этибит.
Киэһээҥҥи ас кэнниттэн бэйэбит эрчиллэрбит. Ол быыһыгар футболлуур, дуобаттыыр, саахыматтыыр, хаартылыыр этибит.
Бу сылдьан мин Уус Алдан тренерын Захар Сысолятин билсибитим. Кини аламаҕай, элэккэй майгылаах уонна оҕолорго барыларыгар үчүгэйсыһыаннаах этэ. Бары уолаттар кинини убайоҥостон биир дьиэҕэ олорбуппут.
Лааҕырбыт бүтэһик күнүгэр Улахан Ааҥҥа Айыы Уолун түмэлигэр бара сылдьыбыппыт. Киэһээ повардарбыт бырааһынньык остуолун тэрийбиттэрэ, дискотека уонна «Королевская ночь» буолбута. Бу — саамай умнуллубат күммүт.
Бу курдук икки нэдиэлэ устата күннээҕи режими, бэрээдэги тутуһарга, эти-хааны эрчийэргэ, атын оҕолордуун алтыһарга үөрэннибит. Оҕоло рмайгылара, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннара үчүгэй этэ.
Лааҕырга мин спорту кытта доҕордоһо, дьону кытта кэпсэтэргэ үөрэнним. Ийэбэр бу лааҕырга миигин ыытан спортка сыһыарбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Махтаныам этэ тренердарбар олохпор умнуллубат үчүгэй лааҕыры тэрийбиттэригэр! Барыларыгар махтал!
Аман Еремеев, И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх оскуолатын 9 «в» кылааһын үөрэнээччитэ, эдэр корр.