Улууспутугар үөрэхтээһин саҕаламмыта 150 сыллаах үбүлүөйүнэн ситимнээн, кыра ахтыы оҕотун суруйарга сананным… Мин ахтыым арыый атыннаах ахтыы буолуоҕа…
Сахалар диэтэх дьон оҕолоро, биһиги эрэ эбитэ дуу, 0 (нуул) кылааска үөрэммиппит. Нууччаларга нулевой кылаас суох этэ. Ол кэмнэргэ дьон-сэргэ истигэн, толоругас уонна кэнэн буолан эбитэ дуу, биир даҕаны төрөппүт биһиги оҕолорбут туох итэҕэстээх буолан нулевой кылааска үөрэнэллэрий диэн айдаарбатах бадахтаахтар.
1950 сыллаахтар бүтэһигинэн нулевой кылааска үөрэммит эбиппит. 1951 сыллаах төрүөхтэр биһигини ситэ баттаан ылан биир кылааска үөрэнэр буолбуппут. Пиэрибэйгэ.
Аны туран оскуолабыт I-Жемконская неполная средняя школа диэн официальнай ааттаах. Неполная. Илин эҥээргэбиир сэттэ кылаастаах улахан оскуола этэ, 1938 сылтан. 1963 сыллаахтан 7 кылаастаах оскуолалар 8 кылаастаах буолбуттарын өйдүүбүн. Аны туран кылаастарга хаалыы диэн баара. Второгодниктар. Сааскыланыы, күһүҥҥүлэнии, кылааска хаалыы диэннэрин билбэтэҕим. Син орто чээрэ үөрэнээччи этим.
Ол кэмнэргэ оскуолаҕа фронтовик учууталлар элбэхтэрэ. Мэник-тэник уолаттары тараҥнаппат этилэр, хорчоххой соҕустук туталлара. Билигин учуутал оҕоттон куттанар дииллэрин итэҕэйэн эрэбин – ситимнэртэн көрөн!
Тохсуска үөрэнэрбитигэр «обществоведение» диэн предмет баара, аны кэлэн санаатахха, олус даҕаны туһалааҕыбиэрэрпредмет эбит. Хор, оҕо дьоҥҥо «производители и потребители» диэн өйдөбүлү олус үчүгэйдик быһаарар үөрэх этэ. Пахай, билигин ол өйдөбүлү быһааран өйдөтөр киһи аҕыйах буолуо оҥоробун, тугу туойаҕын диэхтэрэ. Пиэрибэй кылааска сэттэ сыл хаалан үөрэммит Коля Ефимов туһунан суруйан турардаахпын. Күлэн, эҕэлээн суруйбатаҕым, кырдьгынан баарынан суруйбутум. Аймаҕа киһи махтаммыта – суругу-бичиги билбэтэҕин иһин, Коля хара үлэҕэ олус сыстаҕас уонна байанайдаах булчут этэ – биэс туһаҕы ииттэҕинэ биэс куобаҕы сүгэн киирэрэ, Дьөппөҥҥө бастакы саарбаны А-Коля бултаабыта диэн кэпсээбитэ.
Аны туран оскуолаҕа нуул кылааспын ааҕыстахха, 11 сыл үөрэннэҕим, хор ол тухары орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит биир киһини – Медея Протопопованы билэбин. МГУ-га олус престижнэй үөрэҕи бүтэрбитэ. Билигин оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрээччи хара баһаамнар, хайдахтара эбитэ буолла хааччыстыбалара, диэххэ.
Төрөөбүт-үөскээбит I-Дьөппөммөр РСФСР үтүөлээх учууталларыгар Д.И. Кирилиҥҥэ, Н.С. Васильевка, Саха АССР үтүөлээх учууталларыгар М.Т. Заболоцкайга, Р.В. Скороходкиҥҥа, О.В. Яковлеваҕа үөрэнэр чиэскэ тиксибитим. Учууталларбар махталым улахан. Хомолтобун аһаҕастык этэбин. Үс оскуолалаах I-Дьөппөн нэһилиэгин учууталларыгар үтүөлээх аат иҥэриллибэтэҕэ 58 сыл буолбут эбит. Манна этэрим суох…
Саха дьахталларыттан аан бастакынан 1939 с. Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыт П.Л. Никифорова уонна РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала 24 (!) сыл үөрэх миниистрин бастакы солбуйааччытынан эҥкилэ суох үлэлээн, Саха АССР учууталларын дириҥ ытыктабылларын ылбыт П.С. Скрябин үлэлээн ааспыт оскуолаларын үтүө аата тоҕо өлбөөдүйдэ, үлэтэ мөлтүү быһыытыйда?! Маннакөнөтүнэн, сиэр быһыытынан быһааран биэрэр кыахтаах киһи көстүө дуо? Тэҥ усулуобуйалаах, тэҥ таһымнаах учууталлардаах Хачыкаат орто оскуолатыгар, үс Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталлара күн бүгүнүгэр кыайыылаахтык, хотуулаахтык үлэлии сылдьаллар. 56 сыл аннараа өттүгэр Хачыкаат орто оскуолатын бүтэрбит 74-75-76 саастаах ытык кырдьаҕастар – бастакы выпускниктар, мантан олус үөрэбит, астынабыт.
Биһиги тэлбит түһүүлээх-тахсыылаах, оллурдаах-боллурдаах даҕаны буоллар, көнө суолбутунан кэнчээри ыччаттарбыт сөпкө баран иһэллэр дэһэбит. Ханнык кылааска, ханнык оскуолаҕа баалларый икки искусствоведение наукатын кандидата диэн олус үрдүк сэдэх ааттаах Далбар Хотуттар? I-Дьөппөн кыргыттара З.М. Заболоцкая уонна Г.Г. Скрябина-Неустроева биһиги кылааһынньыктарбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар, биллэр экспертэринэн буолаллар. Быйыл саас биһиги кэккэбититтэн туораабыт РАЕН чилиэн-корреспондена, биологическай наука дуоктара, бэтэринээринэй наука кандидата, профессор К.С. Кириков курдук, Россия таһымнаах үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр научнай кинигэлэри суруйбут учуонай Саха сиригэр аҕыйах буолуохтаах.
Константин Спиридонович курдук улуу учуонайдар Н.И. Вавилов, В.И. Вернадскай уонна В. Горбей ааттарынан мэтээлинэн наҕараадаламмыт, саха учуонайа суох. Костя Кириков научнай үлэтигэр сыһыаннаах препараттары, олус даххаһыйбакка, аҥныбакка-бохтубакка ыраах сытар табалаах сопхуостартан тус бэйэтэ бэрт эрэйинэн аҕалара, оннук кэнэн, көнө киһи этэ, биһиги Костябыт.
Эбээн норуотун биир чаҕылхай кыыһа, Герцен аатынан пединституту бастакынан бүтэрбит Т.Х, Голикованы Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутааттыы сылдьыбыт учууталбытын, Дьоруой Ийэни 90 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит диэнинэн суруйуубун түмүктүүбүн.
Быһаарыы
Хаартыскаҕа: аллараа кэккэҕэ хаҥастан уҥа тураллар: сэрии бэтэрээннэрэ учууталлар Варламов М.И. – норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, фронтовик, сэрии инбэлиитэ Скороходкин Р.В., Саха АССР үтүөлээх учуутала Прокопьев С.М., сэрии кыттыылааҕа, – үһүөн I-Дьөппөн оскуолатыгар үлэлээбиттэрэ.
Иккис кэккэҕэ хаҥастан үҥа уордьаннаах офицер Иванов С.Д., Соколов М.Н., норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Новиков Г.П., үтүөлээх учуутал, фронтовик, Заболоцкай М.Т., офицер, танкист, Саха АССР үтүөлээх учуутала I-Дьөппөнтөн.
Үһүс кэккэҕэ хаҥастан үҥа: Яковлев В.П.,фронтовик-учуутал, I-Дьөппөнтөн, Кельциев Н.В.,фронтовик-учуутал, Лукинов Г.П., тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Үөһээ кэккэҕэ турар РСФСР оскуолатын үтүөлээх учуутала I-Дьөппөнтөн төрүттээх тыыл бэтэрээнэ, Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ И.М. Яковлев. 10 фронтовик-учууталтан 6 учуутал I-Дьөппөн оскуолатыгар үлэлээн ааспыт кэмнэрдээх этилэр диэн истиҥник,иһирэхтик ахтыах тустаахпыт. Онтон М.Н. Соколов уонна М.И. Варламов салайар үлэҕэ сылдьыбыттара. 1995 сыл.
Ермолай Скрябин.