Холобур оҥостор учууталбыт, салайааччыбыт

Дьыллар, дьоннор

       Хаҥалас улууһун биир кырдьаҕас үөрэх кыһата, Булгуньахтаах оскуолата 2024 сылга бэйэтин 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Устар уһун сыллартан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэ үтүмэн элбэх оҕо — аймах үөрэнэн, иитиллэн кэллэ.  Бу кэмнэргэ араас үтүө үгэстэр, үөрэтэр учууталлар, үөрэнээччилэр оскуола олоҕугар, историятыгар бэйэлэрин хатыламмат суолларын хааллардахтара. Олор истэригэр биир бастыҥынан үгүс үөрэнээччилэргэ кэрэни кэрэхсииргэ, үтүөнү үксэтэргэ холобур буолбут киһинэн Иннокентий Петрович Заморщикову саныыллар.

      Иннокентий Петрович Заморщиков Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ нолуок сулууспатын бочуоттаах үлэһитэ. Хаҥалас, Горнай улуустар бочуоттаах гражданиннара, «Бочуот Знага» уордьаннаах республика,   оройуон общественноһыгар  ытыктанар, аҕа туттар киһибит быйыл ытык 90 сааһын  томточчу туолбута.

       Иннокентий Петрович Булгунньахтаах оскуолатыгар 1957 сыллаахха дириэктэринэн үлэлии кэлбитэ. Саҥа дириэктэр  кэлээт, оскуола коллективын, үөрэнээччилэри түмэ тардан араастутуу обьектарын былааннаан, ол соруктар олоххо киириилэрин ситиһэн үлэ бөҕө күөстүү оргуйбута. Олор истэригэр спортивнай саала, машиноведение дьиэтэ, теплица, олорор, интернат дьиэлэрэоҥоһуллан барбыттар. Оҕолор, учууталлар хайалара да хаалсыбакка көхтөөхтүк көҕүлээн былааннаммыт үлэ сыыйа-баайа түмүктэнэн улахан ситиһии буолбута. Бу обьектарга өр сылларга иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, спорка оҕолор да, ыччаттар да уһуйуллубуттара.

       70 сылларга оскуола дириэктэринэн үлэлээбит, орто оскуола бастакы выпускнига  Петр Павлович Ефимов ахтарынан: «9 кылааска үөрэнэрбитигэр Иннокентий Петрович историяҕа үөрэппитэ. Олус үчүгэйдик үөрэтэрэ. Сүрдээх строгай этэ. Бэйэтэ олус үчүгэйдик ыллыыра. Оскуола үлэтэ биллэрдик сэргэхсийбитэ. Оскуоласводнай хора тэриллибитэ. Араас патриотическай ырыалары 4 куоласка арааран ыллыырбыт. Учкомолус үчүгэйдик үлэлээбитэ. Онуска үөрэнэ сылдьан«Ньургун Боотуру» туруорбуппут. Түмүктүүр«Саргы дьаалы салалынна» хору бары ыллаабыппыт.  Иннокентий Петрович хору бэйэтэбэлэмнээбитэ. Олус астыммыппытын өйдүүбүн. Киһи быһыытынан олус сымнаҕас, куолаһын үрдэппэт этэ. Үөрэнээччилэри кытта биир тэҥ сыһыаннааҕа, дьиҥнээх аҕа табаарыс этэ «.

       Саха республикатын Норуотун суруйааччыта, оскуола 1961 сыллаах выпускнига, бастакы аартыковец Павел Николаевич Харитонов ахтарынан: «Билигин санаан аһардахха, ураты кэм дьонноро бааллара. И.П.Заморщиков оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин үөһэттэн олорон дьаһайыынан буолбакка, бэйэтин тус айар, көҕүлүүр холобурунан салайбыт эбит. Иннокентий Петрович бэриниилээх үлэһит уонна сатабыллаах тэрийээччи этэ. Үлэҕэ-үөрэххэ ээлдээл  буолааччыларга, кураанах куолуһуттарга бэрт ирдэбиллээҕэ, кытаанаҕа. Барытын оруноннугар, миэстэтигэр уонна кэмигэр буоларын сөбүлүүр, таһыттан тоҥуй курдугун иһин, болҕомтолоох, оҕолор ис туруктарын билэрбуолан, кыахтарыгар сөп түбэһиннэрэн үлэни, үөрэҕи аттарар идэлээҕэ.»

    Талааннаах салайааччы, учуутал, уһуйааччы 1961 сыллаах оскуоланы бүтэрээччилэри саҥа хамсааһыҥҥа угуйан  республикаҕа бастакынан«Оскуола — үлэ — үрдүк үөрэх» хамсааһын саҕаламмыта. Оччолорго Иннокентий Петрович партия Орджоникидзевскай оройуоннааҕы комитетын иккис сэкэрэтээринэн үлэлиирэ.

       Онтон ыла оскуола үөрэнээччилэрин үлэнэн иитии олуктара ууруллан күн бүгүнүгэр дылы Саха республикатын Агрошколалар холбоһуктарыгар киирэн сыл аайы үрдүк ситиһиилээхтик учууталларуонна үөрэнээччилэр коллективтара айымньылаахтык үлэлии — хамсыы сылдьаллар. Үгэстэр салҕанан, саҥа саҕахтар, былааннар үгүстэр, олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбит.  

     Бэйэм оскуолаҕа отучча сыл үлэлээбитим тухары Иннокентий Петровиһы, кини олоҕун аргыһын Евдокия Михайловнаны кытта көрсөн, кылгастык да буоллар алтыспыппынан олус астынабын. Ис истэриттэн сырдыгы сыдьаайар, тас мөссүөннэринэн киһини бэйэлэригэр тардар дьиҥ чахчы саха интеллигенциятын дьонноро курдук сыаналыыбын. Оскуола араас тэрээһиннэригэр, выпускниктар көрсүһүүлэригэр өрүүтүн кэлэн, үтүө тылы этэн, сүбэлээн бараллара.      

       Айдарыылаах учуутал, талааннаах салайааччы төһө да кылгас кэмҥэ Булгунньахтаахха үлэлээтэр саҕалаабыт дьыалатынан, дьоһун майгытынан үтүө өйдөбүлүнэн, ытыктабылынан сананар.

      Оскуола коллективын, тус бэйэм ааппыттан ытыктабыллаах Иннокентий Петровичка чэгиэн туругу, өссө да өр сылларга дьоллоох олоҕу, баай билиигинэн сүбэама буола сылдьаргар баҕарабын.

Александра Павлова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ орто үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ.