История чахчыларга тирэнэр

Виктория Будникова Дьокуускайга көрсүһүүгэ кытынна Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга Емельян Ярославскай  музей-дьиэтигэр   биллиилээх биир дойдулаахпыт саха биир бастакы композитора Адам Скрябин аҕатынан сиэн балта Виктория Будникова кыттыылаах  сэргэх кэпсэтии тэрилиннэ. Бу дойдубутугар репрессия ыарахан сылларын дьиҥнээх туоһута, 85 саастаах үлэ бэтэрээнэ, мустубут дьоҥҥо  Адам Скрябин иккис кэргэнин Мария Петровна Скрябина туһунан өссө Ленинградка устудуьоннуу сылдьан Москваттан ирдэһэн булан көрсүһүүтүн, кини олохтон барыар дылы  сибээстэһэ сылдьыбытын туһунан сырдатта.

Көрсүһүүгэ историяны сэҥээрэр суруналыыстар, кыраайы үөрэтээччилэр, Виктория Будникова-Анна Скрябина ийэтинэн аймахтарыттан дьоно кытыннылар. Сэргэх кэпсэтии буолла. Бу күн Виктория Николаевна  сүнньүнэнАдам Скрябин иккис кэргэнин Мария Петровнаны хайдах булбутун, кини соҕотох кыыһын Наталья Адамовнаны кытары билсиһэ сылдьыбыттарын туһунан урут мээнэ кимиэхэ да улаханнык быктара илигин   үллэһиннэ.

Адам Скрябин, дьиҥинэн, саха бастакы  профессиональнай композитора буолар. Буруйа диэн, саха чулуу  интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрин кытары алтыспытынан  Москватааҕы консерваторияны бүтэрээри сылдьан  ууратыллыбыт,  дьоһун, хорсун  дьоммут модун идеяларын   үллэстэн,  сахабыт музыкальнай искусствота сайдыытыгар олук уурбут киэн туттар киһибит. Кини репрессия сылларыгар былаас былдьаһыытын содулугар үтүргэҥҥэ түбэһэн көмүс уҥуоҕа ханна хараллыбыта да биллэ илик саха биир хатыламмат талааннаах чулуу бэрэстэбиитэлэ буолар.


Адам Скрябин бастакы кэргэниттэн  соҕотох  кыыһын ыччаттара билигин элбэхтэр, дойдубутугар биллэр-көстөр
, кини сайдыытыгар  улахан кылааттаах дьон. Ону ким даҕаны мэлдьэспэт. Эмиэ репрессия  ыарахан сылларын эттэринэн-хааннарынан билбит аймах. Олох диэн уустук.  Кинилэр билигин бу ыар кэм туһунан өйдөбүлү   умна сатыыллара, Адам Скрябин тус олоҕор орооһорү  сөбүлээбэттэрэ буолуо даҕаны, ону туора сото сатыыр кыаллыбат курдук. Ол эрээри, саха чулуу киһитин туһунан, кини олоҕор баар буола сылдьыбыт, хаһан эрэ, ханнык эрэ түгэннэргэ олоҕун ыарахан кэрчик сылларыгар  дьоһуннук өйөөбүт, ыллыктаах ыра санааларын дууһатынан үллэстибит, олору бу  ааспыт уустук бириэмэҕэ олоххо киллэрэ сатааһыныгар өйөбүл, тирэх буолбут уонна  дьылҕа өлүүлээн биэрбит кэмигэр кэриэстээн олохторун тиһэх күннэригэр диэри  хорсуннук илдьэ сылдьыбыт, репрессияыар  содула диэн тугун эмиэ билбит    дьон туһунан тоҕо ахтыа суохтаахпытый?

Баарын баарынан буоллаҕа

История чахчыларга  тирэнэр. Онон мин, төһө даҕаны Адам Скрябин маҥнайгы кэргэнин  дьоһун дьонун туһунан биллэрбин, сорохторун кытары кылгастык да алтыһан ааспыт, сүнньүнэн элбэхтик истибит, кинилэр төрүт дьоннорун туһунан үтүө өйдөбүлү хаалларарга сыраларын ытыктаатарбын,  бу Виктория Будникова, Адам Скрябин аҕатынан сиэн балтын, кини ийэтин кытары репрессия кэмигэр  оҕо сылдьан кыһалҕалаахтык бииргэ олорбут, дьэгдьиир,  кэтэбилгэ сылдьыы диэн тугун билбит киһи, Адам Васильевич туһунан ытык өйдөбүлү  дьоҥҥо тириэрдэ сатыырын эмиэ өйдүүбүн. Ол иһин, сорохтор төһө даҕаны сэрэхэдийдэллэр, сөпсөөбөтөллөр, Адам Скрябин туһунан кыра да чахчы  күндү диэн Виктория Николаевнаны кытары тус көрсүһүүлэртэн суруйабын.

Букатын кэлбит суох

Виктория Будникова судургута суох киһи. Мээнэ киһиэхэ аһары арыллыбат. Кэмэ кэллэҕинэ, аны уонча сылынан, дьэ   иһиллиэ диэннээх. Онтон биһиги билигин олоробут эбээт. Аны уон сылынан баҕар историяны интэриэһиргиир киһи да хаалымаарай, олохпут уустугуран иһэр буолбаат. Букатын кэлбит суох… Ону Виктория  Николаевна да билэр. Ол иһин буолуо, бу түмэл Адам Скрябин кэмин чугас дьоно элбэхтик алтыһан ааспыт айыы тыыннаах былыргы дьиэлэригэр кини Мария Петровна уонна кыыһын Наталья Адамовна тустарынан быктаран аастаҕа.

Виктория Николаевна дьылҕатыгар  бу үөһээ айыылартан анаммыт олоҕун сорудаҕа да буолуо — Адам Скрябин иккис кэргэнин ир суолун ирдээн норуотугар төннөрүү. Адам Скрябин ханна сырдык тыына быстыбыта,  көмүс үҥуоҕа хараллыбыта биллибэт. Ону чопчулуур сорудаҕы киниэхэ үөһээ дойдуттан ити ииппит эбээтэ биэрэр курдук. Биир үксүн ону билээри устудьуон сылдьан түөрт күннээх үөрэҕин быраҕан, Ленинградтан Москваҕа кэлэн саха  ньоҕойун киллэрэн ирдэстэҕэ, билигин биһиги биир дойдулаахпыт олоҕуттан биир кэрчик кэмин билэрбитигэр кыаҕы биэрдэҕэ дии. Сөҕүөххэ эрэ сөп.

Виктория Будникова быһаас биһиэхэ Г.В.Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ кыыһынаан Маргариталыын кэлэн көрсүһэн, репрессия кэминээҕи олохторун, Адам Скрябины кылгастык сырдатан турар. Ол туһунан мин хаһыаппар суруйан турабын, хатылыы барбаппын. Дьокуускайга Емельян Ярославскай түмэлигэр кини чопчу Мария Петровнаны хайдах булбутун туһунан  чааһы быһа кэриэтэ, лаппа сааһырбыт киһи диэтэххэ, атаҕар туран эрэ, сиһилии кэпсээтэ. Урут истибиппиттэн (мин киниэхэ ити көрсүһүү кэнниттэн иккитэ киирэ сылдьыбытым этэ, күттүөннээҕи ситэ  билбэккэ эргиллибитим, кэмэ кэлэ илик диэн этиитинэн) тугу да оччо улаханы эбиммэтим, арай били Мария Петровна бэлэхтээбит барыанньа кутар розеткаларын  илэ харахпынан көрдүм, уонна — Адам кэргэнин сааһыран баран түспүт хаартыскатын. Биллим, оччолорго Москваҕа кыараҕастык олорбуттарын, үтүргэҥҥэ сылдьыбыттарын.Ол эрээри Адам Скрябины, бу саха улахан талааннаах дьоһун киһитин, умнубатахтарын, олохторун устата кэтэспиттэрин, ханна  харалла сытарын билиэхтэрин олус  баҕара сылдьыбыттарын, ураты киһи үтүө өйдөбүлү хаалларбытын.

«Аҕабынан Хаҥаластан Соловьевтарыттан, ийэбинэн Тааттаттан Оруоһуттарыттан буолабын…»

Түмэлгэ кэпсээнин итинник саҕалаата  бу күн Виктория Будникова, бэйэтин билиһиннэрэ таарыйа.

— Дьокуускайга төрөөбүтүм, өр кэмҥэ Мииринэйгэ олорбутум, онно аан бастакынан тэриллибит алмаас фабрикатыгар үлэлээбитим,  молдаванин омук уолугар  кэргэн тахсыбытым, эрдэ олохтон барбыта. Ленинградка үөрэммитим, идэбинэн психологпын, —салгыы кэпсиир көрсүһүүбүт дьоруойа. — Эбээм Евдокия Васильевна Скрябина Адам Скрябины кытары бииргэ төрөөбүт дьон. Онон дьэ, биир силистээхпит-мутуктаахпыт. Кини дьиэ кэргэнин дьылҕатын толору үллэстэн кэлбит киһибин. 1937 сыл диэни үчүгэйдик билбитим, төһө даҕаны  кыра саастаах буолларбын. Ол да буоллар   хааммыт кытаанах буолан ордуһан баччаҕа кэллэхпит, Адам Скрябин ситэ олорботох олоҕун  ситистэхпит, төһө да туората, суолбутун бүөлүү, харгыстаһа сатааталлар,- диэтэ уонна кылгастык Дьокуускайга көһөн олорбутун, горсполкомҥа эҥин үлэлии сылдьыбытын, үгүс политическай, общественнай, култуура диэйэтэллэрин, ол иһигэр ытыктабыллаах Михаил Николаевпытын кытары алтыһан ааспытын  ахтан аһарда (бу туһунан мин урукку суруйуубар киллэрбитим).

Сүүрбэ сыл ирдэһии кэнниттэн

Кини  Ленинградка үөрэнэ сылдьан Валентина Ивановна диэн блокаданы ааспыт вахтер дьахтартан аан бастаан Скрябиннар тустарынан истибит, Москваҕа олорбуттарын эппититтэн сиэттэрэн ирдэһэн барбытын кэпсээтэ уонна онно туһааннаах сулууспаларга ыйытык оҥорон Мария Петровна Скрябина диэн баарын билбит, аадырыһын ыйбыттарынан тиийэн билсибитин, бастаан кыккыраччы  аккаас ылбытын, онтон ньоҕойдоһон туран түөрт күнүнэн көрсүһэр түгэнэ үүммүтүн сиһилии кэпсээтэ — олус элбэх киһи олорор тоҕус этээстээх дьиэтигэр ахсыс мэндиэмэҥҥэ олороллорун, онно лифтэрэ үлэлээбэтинэн сатыы дабайбытын, бастаан хаҕыстык көрсүбүттэрин, онтон сыыйа кэпсэтэн, арыллан, Саха сирин, Дьокуускайы санаһан дьэ сүрүн ыйытыыларыгар «Адам ханна харалла сытарый?» диэни бэйэ-бэйэлэриттэн билэ сатаабыттарын  сиһилии аҕынна. Биллэн турар, биир өлүүнү ааспыт дьон кэлин өйдөһөн, сибээстэһэр буолтарын, Мария Петровна Адамын дойдутугар  кэлэ сылдьар баҕалааҕа кыайан туолбатаҕын хомойо кэпсээтэ.  

— Мария Петровна Москва төрүт олохтооҕо эбит этэ. Адам Скрябины кытары Дьокуускайга олоро сылдьыбыттарын, хайдах ырыынакка  баран кэлэллэрин, урукку куораппыт  обшественнай олоҕуттан элбэҕи кэпсээбитэ, барытын өйдүү-саныы сылдьарыттан сөхпүтүм,  — диэтэ кини. — Адам Васильевич кинини  оҕо күүтэринэн  суолу баттаһа Москваҕа эрдэ ыыппытын, сотору  маннааҕы дьыалаларбын тиһэҕэ тириэрдэн баран кэлиэм дии хаалбытын уонна отуттан тахса сыл  сураҕа суох сүппүтүн, өр ирдэһэ сатаабытын, кинини бэйэтин өр кэмҥэ госбезопасность дьоно сүгүн олордубатахтарын, сөбүлүүр үөрэҕэр да  киирэрэ  харгыстаммытын, кыысчаанын бэрт эрэйдээхтик олорон ииппитин, кэлин  хата үөрэхтэнэн Москва биирбөдөҥ оҕо комбинатын салайа сылдьыбытын, кыысчаана Наталья Адамовна МГУ-ну бүтэрбитин,  химическай институт старшай научнай сотруднига буолан үлэлии сылдьан ыарахан ыарыыттан ыал да буолбакка сылдьан олохтон барбытын  билбитим. Мария Петровна мин кыыһым Маргарита балерина буолбутун истэн олус да астыммыта, биһиги аймахха төһө даҕаны репрессия мэҥэ баарын үрдүнэн, улахан  искусство киһитэ син биир үүнэн тахсыбытыттан үөрбүтэ. Кэлин кыыһым кинини кытары эмиэ билсибитэ, доҕордоспута. Төһө да ү түргэҥҥэ сырытталлар, Адаммытын кэтэспиттэрин,  бу Москва чулуу дьоно биһиги, Скрябиннар, араспаанньабытыттан аккаастамматахтарынан киэн туттабын,- диэтэ.

Адам Скрябин Москваҕа бараары сылдьан баҕа санаатын бигэргэтэн, төһө да  дьаарханан аһаҕастыак сэҥээрбэтэллэр, Дьокуускайга улахан кэнсиэр туруорбут этин, онно бастакы  хомусчуттар ансаамбыллара оскестры кытары  оонньообутун, элбэх киһи кыттыылаах хуор ыллаабытын  билэбит.

Виктория Будниковаҕа  Мария Петровна халыҥ ахтыы суруйан биэрбит (онтон сорҕото А.В.Скрябин  төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтэһин кэмигэр тахсыбыт брошюраҕа киирбит этэ, улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ, музейга баар). Бука, ити ахтыыларга Адам Васильевичтыын олоҕуттан үгүс чахчылар, эдэр дьон ыра санааларыттан быктарбыта баар буолуо даҕаны, ону Виктория Николаевна кэмэ кэлэ илик диэн көрдөрбөт. «Кэмэ кэллэҕинэ» арай кыыһа Маргарита Миронова норуотугар таһаараа ини…

Бу көрсүһүүгэ, хата мин Адам Скрябин ийэтинэн аймах-билэ дьонун туһунан биллим, чинчийээччилэри көрүстүм. Ол туһунан аныгыскы суруйуубар ааҕаарыҥ.

Людмила Аммосова.