Дьиэ кэргэн сылыгар
Бу дьоро күн дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа ананна уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыччылары, ону сэргэ уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанааччылары билиһиннэрии быһыытынан тэрилиннэ. Кыахтаах тэрилтэ «Металл-торг» олохтоохтук оҥостон баран улууспут дьаһалтатын, урбаанньыттарын көмөтүнэн хаҥаластарга тэлэччи аанын аста. Дьон үксэ оҕолуун-уруулуун сынньана, саҥа туристическай баазаны көрө кэллэ уонна сөхтө-махтайда. Кылгас кэм иһигэр улууска, Сахабыт сиригэр даҕаны суох сынньанар сир баар буолта үөртэ.
Сарсыардаттан ардах да ибиирдэр, атыы-эргиэн тэнийдэ, сыыйа күн чаҕылыччы көрөн сэргэхсийии барда. Бааһынай, фермер хаһаайыстыбалара бөдөҥ, ааттаах-суоллаах тэрилтэлэри кытары агро-оскуолалар астарын дэлэччи тартылар — сибиэһэй этиттэн, Хоточчу хаппыыстатыттан Өктөм мүөтүгэр, Кэбээйи соботугар тиийэ. Өссө ас-үөл атыыласпыт дьон лотерея оонньонуутугар кытыннылар — бириистэрэ хаһаайыстыбалартан, «нараадалартан» буоллулар—кууллаах хортуоппуй, сибиэһэй үүт-ас, ынах арыыта, уонна …быйыл төрөөбүт ньирэй. Дьаарбаҥкаҕа саамай бөдөҥ үүнүүлээх үлэһит дьон бэлиэтэннилэр. Ол курдук, бөдөҥ хаппыысталаах Хоточчу дьоно буоллулар, онтон Хатас оҕуруоччут Наталья кэлбит дьону 87,05 киилэлээх тыкватынан былааһы ылла, былырыын өссө 112-ча киилэлээҕи үүннэрбитин кэпсээн ааста.
Дьиэ кэргэн сылынан кыра кылаас оҕолоругар айылҕа матырыйаалыттан оҥоһукка куонкурус буолла. Манна Сиинэттэн кытары кэлэн кытыннылар. Ол эрээри Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччитэ Семен Попов кыайыылаах тахсан «Нараадаттан» ноутбук тутта.
Дьиэ кэргэн, оҕо-аймах сылынан бу тэрээһиннэргэ улуус оскуолалара хаһаайыстыбалары кытары тэҥҥэ быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кыттан үөртүлэр. Атыы-эргиэн көрдөрөр миэстэлэрин дьону тардар гына сиэдэрэйдик тэристэн ситиһии кынаттаннылар. Түмүккэ «Атыылаһааччы талыыта» диэн номинацияҕа Өктөм оскуолата бастаан диплом, харчынан сертификат тутта. Бу күн Хаҥалас улууһун дьаһалтата спонсор looca көмөтүнэн ырыа-тойулаах тойуктаан кэнсиэри бэлэхтээтэ. Хаҥаласпыт биллэр-көстөр ансаамбылларын тэҥэ Дьокуускайтан эстрада сулустара Jeedda, Дапсы уонна Моисей Кобяков кэлэн кэнсиэртээн иһийэн турбут, устунан эстэр дьылҕаламмыт Нефтебазабыт биир кэрэ Өлүөнэ эбэбит хатыҥ чараҥнардаах биэрэгэ дирбийэр-дарбыйар музыканан туолла.
Оҕо-аймах араас оонньуулартан соло буолбатылар. Кэлбит дьон барыастынан, тулуурдаахтара хаалан уоттаах-күөстээх турбазаны, киэһэтин хараҥа халааҥҥа фейерверк көрөн астынан тарҕастылар. Онтон «нараадалар» көмүс күһүн кэлбитинэн дьоһун тэрээһини тэрийэн дьону сынньата таарыйа рекламаланан хааллылар. Кырдьык, олус кыахтаах турбаза!
Людмила Аммосова.