Мойуу Кыыһа: «Уус Алдаҥҥа поэт Иван Мигалкин аатын ахтыы тэрээһиннэригэр сылдьан сырдыкка куустаран кэллим…»

Хаҥаласка «Өлүөнэ  долгуннара« диэн литературнай кулууп Людмила Колесова салайыытынан улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ ситиһиилээхтик үлэлиир, араас тэрээһиннэри, ол иһигэр  саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэриини сотору-сотору ыытар. Бу сыллар тухары хас да киһи суруйааччылар сойуустарыгар киирдэ. Олортон биирдэстэринэн Покровскайга «Сардаана» оҕо сайдыытын киинин буҕаалтыра Татьяна Петрова — Мойуу Кыыһа буолар. Кэрэхсиирим  диэн кини сыллата ыраах Бүлүү сиригэр ыытыллар норуодунай поэт  Петр Тобуруокап  аатынан айар күрэх тэрээһинигэр  сылдьар. Онтон бу аҕыйах хонуктааҕыта аны Уус Алдан улууһугар СӨ норуодунай поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма Аччыгыйа аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, Сергей Есенин Кыһыл көмүс уонна Николай Гумилев Улахан Үрүҥ көмүс мэтээллэрин хаһаайына, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун өр сылларга салайан кэлбит Иван Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан ыытыллар тэрээһиннэригэр ситиһиилээхтик  кыттан кэллэ.Кэпсии түһэригэр көрдөстүм:

— Олус кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэргэ астына  сырыттым, уус-алданнар  талааннаах киһилэрин олус да өрө туталларын көрдүм. Бастаан поэт төрөөбүт сиригэр Чараҥ сэлиэнньэтигэр «Сардааналаах кыысчаан» диэн улуустааҕы оскуола оҕолоругар уруһуй күрэҕин түмүктэниитигэр сырыттым. Сүүстэн тахса оҕо кыттыбыта бу үчүгэйин! Ити киэһээ Ылдьаа Дохуоккун аатынан култуура  киинигэр норуодунай поэт хоһооннорун аахтылар, кини ырыа буолбут хоһоонноро ылланнылар, истиҥ, иһирэх  кэнсиэр Иван Мигалкины  ахтыы төгүрүк остуолунан түмүктэннэ. Бу күн ыччаттары  кытары  «Кэскил» хаһыаттан суруналыыстар, олору кытары  тоҕус эдэр кэрэспэдьиэн оҕолор үлэлээтилэр.

Сарсыныгар Тулуна  сэлиэнньэтигэр   «Сайдыы» сынньанар кииҥҥэ аны «Сүрэҕим сылааһын иҥэрэн…» уус-уран ааҕыы күрэҕэ буолла. Элбэх оҕо уонна улахан киһи кытынна. Тулуна бу поэт Иван  Мигалкин төрүттэрин дойдута уонна кини элбэх хоһоонун айбыт сирэ. Мин хоһоон ааҕыытыгар кыттан поэт быраата Михаил Мигалкин кэнниттэн үһүс буоллум. Михаил Васильевич ахтыбытынан убайа  саҥа кинигэтэ таҕыста даҕаны өрүү бииргэ төрөөбүттэригэр бэлэх уунар  уонна Москваҕа үөрэнэ сылдьан чымадаан муҥунан кинигэр арааһын атыылаһан аҕалан бэлэхтиир идэлээх эбит. Мин дьикти талааннаах поэт олорбут, хаампыт сирдэринэн сылдьан элбэҕи билэн-көрөн сырдыкка куустаран кэллим, — диэн кэпсээтэ Татьяна Михайловна. Эҕэрдэлиэҕиҥ, иэйии  алыптаах киһини күрэххэ ситиһиитинэн уонна  «Саҥаттан-саҥа айымньыларгынан өрүү  үөрдэ тур!» диэххэйиҥ.

Людмила Аммосова.